48 мөл. солк. суумаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа саҥардылынна

Биһиги улууспутугар иһэр уу кыһалҕата, ханна да буоларын курдук, сытыытык турар. Ол эрээри кэнники сылларга «2019-2024 сс. Бүлүү улуустарын уунан хааччыйыы тиһигин сайыннарыы туһунан» СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьаһалын олоххо киллэрии чэрчитинэн уонна “Нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыы” тосхолунан элбэх үлэ ыытыллар.

Саамай элбэх нэһилиэнньэлээх Ньурба куоратыгар, чуолаан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уу ситимнэрэ эргэрэн, кыраантан ардыгар болоорхой уу кэлэрэ. Чуолаан сааскы халаан уутун саҕана уу хаачыстыбата өссө мөлтүүрэ. Төһө даҕаны турбалары сыллата ыраастаабыт үрдүнэн, кыһалҕаны иһиттэн туораппатаххына боппуруоһу быһаарар кыаллыбат.

Быйыл Ньурба к. Сэбиэскэй уул. сууккаҕа 800 м3 ууну ыраастыыр кыамталаах ыстаансыйа саҥардыллан оҥоһулунна. Эрдэ ыстаансыйа оборудованиета эргэ буолан, сууккаҕа 400 м3 ыраастаммыт ууну таһаарар этэ, онон сорох дьиэлэри кыайан хааччыйбата. Билигин балаһыанньа чыҥха тубуста, ыстаансыйа дьиҥнээх бырайыактаммыт кыамтатыгар тиийэн үлэлии турар.

«2019-2024 сс. Бүлүү улуустарын уунан хааччыйыы тиһигин сайыннарыы туһунан» СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьаһалын олоххо киллэрии чэрчитинэн бу эбийиэккэ “Кэлэр көлүөнэлэр фондатыттан» 43 мөл. 414,5 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Итини таһынан улуус бүддьүөтүттэн 5 мөл. 186 тыһ. солк. эмиэ бу сыалга анаммыта. Онон барыта 48 мөл. 600,5 тыһ. солк. суумалаах улахан үлэ ыытылынна. Бэдэрээтчитинэн Дьокуускайдааҕы «Вариант Плюс” ХЭТ уонна миэстэтигэр үлэни толорооччунан (хос бэдэрээтчитинэн) «Иванов Р.С.” ИП буолаллар.  ОДьКХ үлэһиттэрэ уу ситимин саамай эргэрбит, суһал өрөмүөнү эрэйэр сирдэрин үөрэтэн, турбаларын уларыттылар. Эһиил уу ситимин саҥардыы үлэтэ барара былааннанар. Быйыл итиннэ аналлаах матырыйаал ыларга 31 мөл. солк. кэлбитэ. Уу ситимэ уларытыллан-саҥардыллан истэҕин аайы уубут хаачыстыбата өссө тупсуо турдаҕа.

Ньурба к. олохтоохторо кыраантан харахха быраҕыллар ыраас уу сүүрэрин алтынньыттан бэлиэтии көрбүттэрэ.

Сардаана Иванова, Энергетик 71 №-дээх дьиэтин олохтооҕо: «Турбалары саҥардаллар үһү диэни сайын истэн аһарбытым эрээри, наар буолар өрөмүөн үлэтэ диэн улаханнык болҕомтобун хатаабатаҕым. Арай оҕолорбун сууннараары биирдэ өйдөөбүтүм — ваннабар ып-ыраас уу сүүрэр эбит. Урут өрүс уута хайдах эрэ араҕастыҥы дьүһүннээх буолар этэ, билигин сакаастаан иһэр уубут курдук, оонньуута суох. Ыалларбыт эмиэ үөрүүлэрэ үгүс, өр күүппүт кэммит дьэ кэллэҕэ. Онон улууспутугар маннык үлэ барарыттан олохтоохтор олус үөрэбит».

Күн бүгүн ууну ыраастыыр ыстаансыйалар Күндээдэҕэ, Маалыкайга, Хаҥаласка, Хорулаҕа, Дьаархаҥҥа, Аканаҕа, Ньурбачааҥҥа уо.д.а. нэһилиэктэргэ тиргиччи үлэлии тураллар. Сорох нэһилиэктэргэ ыраас уу водовоһунан тиэрдиллэр. Улахан болҕомто сир аннынааҕы ууну булан туһаҕа таһаарыыга ууруллар.

Манна биир үөрүүлээх сонун — Вертолетка микро-оройуонугар сир анныттан сууккаҕа 1200 кубометр ууну хостоон ыраастыыр ыстаансыйа тутуута федеральнай бырагыраамаҕа киирдэ! Эбийиэк уопсай сыаната — 518 мөл. солк., итинтэн быйыл 150 мөл. солк. кэриҥэ кэлэр. Былаан быһыытынан үлэтэ эһиил саҕаланан баран, 2024 сылга бүтүөхтээх.

Ньурбачааҥҥа Тоҥус күөлэ диэн сиргэ 2013 с. сир аннынааҕы уу булуллубута биллэр. Итиннэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуута былааҥҥа сылдьар. Сүлэҕэ геологоразведка үлэтэ былааннанан турар, СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтигэр сайаапка ыытыллыбыта.

Бу курдук былааннааах үлэ тиһигин быспакка ыытылла турар. Ити түмүгэр Ньурба улууһун хас биирдии олохтооҕо ыраас ууну туһанар кыахтаныаҕа.

Лена Петрова

Читайте дальше