Социалистическай күрэх хас да төгүллээх кыайыылааҕа, коммунистическай үлэ ударнига, 9-с, 10-с, 11-с пятилетка ударнига, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.Н.Чусовской аатынан бириэмийэ 7 төгүллээх Лауреата, Октябрьскай нэһилиэк, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Ксенофонт Ксенофонтович Саввинов – Сэппиэ 80-с хаарыгар үктэнэн сылдьар.
Бу иннинэ мин кинилиин иккитэ көрсө сатаабытым. Бастакы сырыыбар мастыы барбыт этэ, иккис сырыыбар – кустуу. Туох барыта үһүстээх дииллэринии, бу күннэргэ дьиэтигэр тиийэн көрсөн ирэ-хоро сэһэргэстибит.
Ксенофонт Ксенофонтович үөлээннээхтэрэ, үлэ туйгуннара, кыайыылаах-хотуулаах аатырбыт сопхуос туруу үлэһит дьоно билигин, хомойуох иһин, аҕыйах хааллылар. Быйыл кырдьаҕастары ыҥыртаан саас кулууптар аһаталаабыттарыгар уонча эрэ киһи баара, бу иннинэ син элбэх буоларбыт диэн сэһэргэһээччим харааста кэпсиир.
Ксенофонт Ксенофонтович төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр 16 сааһыгар Антоновка сэттэ кылаастаах оскуолатын кэнниттэн сопхуос иһинэн тырахтарыыстары бэлэмниир кууруска үөрэнэн, дастабырыанньа ылан сопхуос Киин отделениетыгар тырахтарыыһынан киирэр. Бастаан кыра тыраахтырга сылдьан баран, салгыы Дьокуускайга баран үөрэнэн аны суоппар дастабырыанньатын ылан Ньурба сопхуос ыһыллыар диэри бэриниилээхтик суоппарынан үлэлиир. Ити 1967 сыллаахха этэ. Уруултан 2019 сылга, харахпар 3 эпэрээссийэ оҥорбуттарын кэнниттэн түспүтүм диир. Ол эбэтэр оруобуна 60 сыл устата киэҥ нэлэмэн сахабыт сирин уһун суолларын устун ыраах айаҥҥа, таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыт.
Билигин этэллэр, хас эрэ сыл буола-буола үлэҕин уларытыахтааххын диэн. Ол саҕанааҕы дьон үгүстэрэ үлэлэрин киниискэтигэр биирдии эрэ суруктаахтар. Ксенофонт Саввинов эмиэ биир сиргэ 60 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит киһинэн буолар.
— Сопхуос ньиргиччи үлэлиир кэмэ этэ. Бары былаан туолуутун туһугар сарсыарда отой эрдэттэн ыкса хойукка диэри үлэлиирбит. Дьиэбитигэр хонукпутугар эрэ кэлэр этибит. Ньурба сопхуос үлэһитин ахсаана 1200 киһиэхэ тиийэ сылдьыбыта. Ол иһигэр 200-чэ тырахтарыыс, 80-ча суоппар. Билигин Тыалыкыга Производственнай уулуссаҕа улахан автопарка баара. 146 араас мааркалаах тыраахтыр, 84 массыына, 17 комбайн уонна сүүһүнэн тыа хаһаайыстыбатын массыыналара. 10.000 кэриҥэ сүөһү көрүүтэ-истиитэ уонна биллэн турар тиэйии–таһыы үлэтэ бөҕө баһаам. Неверынан, Дьокуускайынан, Амманан хастыы даҕаны суукканан сылдьыллааччы. Суол ол саҕана билиҥҥи курдук буолбатах. Суол да диэн суоҕун кэриэтэ, билигин мас тиэйэ барар суол курдук. Дьэ утары массыына иһэр буоллаҕына улахан айдаан аасыһаргар. Биллэн турар, батыллыы, аара суолга алдьаныы ханна барыаҕай. Хас даҕаны массыынанан сылдьар этибит, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн. Кураанах барымаары Ньурбаттан үксүн метоллолом тиэйэн илдьэрбит, анарааттан бурдук, сүөһү аһылыгын тиэйэн аҕалабыт. Сопхуос тимирэ элбэх буолааччы. Куоракка металлобазаҕа илдьэн сүөкүүгүн. Уочарат диэн онно буолааччы, хоноҕун хайыыгын, элбэх улуустан тиэйэн аҕалаллар. Үлэлиир баҕаттан сылдьаҕын, хайдах гыныаххыный, массыынаҕын көрүнэҕин, оҥостоҕун.
Ньурбаҕа үксүн чох таһыытыгар сылдьыбытым. Киирэптэн хочуолунайдарынан таһар этибит, ол саҕана чоҕунан оттулар дьиэ элбэх. Кирдээх үлэ, ол эрэн сирбэккин-талбаккын. Массыынаҥ алдьаннаҕына даҕаны өрөөн олорбоккун. Өрөөтөххүнэ кыра харчыны аахсаҕын, ол иһин түргэнник сапчааһын булан, оҥостон, сүүрдүбүтүнэн бараҕын. Оччоҕуна эрэ нэрээт аахсаҕын. Ким даҕаны үлэлээҥ диэн таһаарбат, барыта бэйэҥ баҕаҕынан сылдьаҕын. Үлэ чааһа диэн улахан суох. Оҕолоргор арыылаах килиэп сиэтээри үлэлиигин.
— Ханнык техникаҕа сылдьыбыккыный
— Бастаан кыра тыраахтыртан саҕалаабытым, онтон улахаҥҥа көспүтүм. Ыһыыга комбайҥҥа үлэлиир этим, автобуһунан дайааркалары таспыт кэмим да баара, сайын сайылыктарынан сылдьан үүт таһа сылдьыбыттаахпын, бодобуоска үлэлээбитим, ЗИЛ самосвалга хас даҕаны сыл суоппардаабытым уонна 1985 сылтан уурайыахпар диэри КАМАЗ-ка. Ньурбаҕа бастакы КАМАЗ этэ, Невертан баран аҕалбытым. Улахан тыраахтыр ДТ-54 диэн баара, билигин ол суох. ДТ-75 диэннэр бааллар, ол даҕаны аҕыйаата, быһыыта. Ол иннинэ сварщигынан, электромонтерунан эмиэ үлэлии сылдьыбыттаахпын, самоучка этим. Наставниктар илдьэ сылдьан үөрэтэллэрэ. Киһи тиийбэт буолан көрдөрөн биэрэллэр, ону батыһа сылдьан бэйэҥ үөрэнэҕин. Корочка игин биэрбэттэр. Соһулла сылдьар сыбаарка аппараата баара, ону илдьэ сылдьан отчуттар техникаларын абырахтаан биэрэр этим, 2 сыл электриктаабытым. Хотоннорго уот тардабыт. Манна кулууп , эргэ оскуола уотун тардыбыппыт. Кыһын баҕанаҕа тахсаҕын. Ити этэр наҕараадаларгыт, бочуот ааттара барыта кэргэним өҥөтүнэн ситиһилиннэҕэ.
Ксенофонт Ксенофонтович чөкө, дьоҕус дьиэтин түннүктэрин аайы араас элбэх иһиттээх сибэкки кэчигирэһэн тураллар. Кэргэним Розалия Михайловна сибэккини сөбүлээн үүннэрэр этэ. Барыахтаах сиригэр барбытын кэнниттэн сибэккилэрин өлөрбөккө, көрөн-харайан, бүөбэйдээн олоробун диир.
— 1967 сыллаахха ыал буолбуппут. 5 кыыс оҕолоохпут, кырабыт 11 сааһыгар эппэрээсийэни тулуйбакка бараахтаабыта. 4 кыыһым билигин бары үлэһит дьон, сиэннэр элбэхтэр, хос сиэнинэн да баай киһибин, сайын аайы кэлэллэр. Саамай кыра сиэним бу аҕыйах ый анараа өттүгэр күн сирин көрдө. Тыалыкыга олорор кыыһым Айталина оҕолорун сотору-сотору баран көрөбүн, харахпын сымнатабын. Минньигэс дьоннор, үйэбин уһаталлар.
Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн иитии-үөрэтии өттүгэр кэргэним барахсан көрөттөөтөҕө. Мин наар үлэбэр, булар-талар, уйгулаах олохторун хааччыйар эбээһинэстээхпин. Дьиэ үлэтэ барыта кэргэним дьарамай санныгар сүктэриллибитэ. Хаһан даҕаны сылайдым, эһинним диэн муҥатыйарын өйдөөбөппүн. Наар сылаас астаах көрсөр, көмө-өйөбүл буолар. Киномеханигынан үлэлээбитэ, ол иннинэ фермаҕа тарбыйах көрөөччүнэн үлэлээбитэ. 2017 сыллаахха ыал буолан олорбуппут 50 сылбытын бэлиэтээбиппит.
Ксенофонт Ксенофонтович Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.Н.Чусовской аатынан бириэмийэ 7 төгүллээх Лауреата. Анал паапкаҕа наҕараадаларын тиһэ сылдьар, мэтээллэрин эмиэ чөкө уура сытар. Тэрээһиннэргэ сылдьарыгар иилиммэтэбит. Ситиһиилэрин улаханнык кэпсии-ахта сатаабат сэмэй үлэһит киһи.
— Мэтээл кэтэ үөрүйэҕим суох. Бириэмийэни 7 төгүл биэрбиттэрэ, ол аата син үлэлээтэҕим дии, — диэн мичээрдээн кэбиһэр. Билигин оҕуруотун көрөн, ханнык даҕаны үлэттэн чаҕыйбат, бүгүрү үлэһит киһи, Ксенофонт Ксенофонтович – Сэппиэ кэнчээри ыччаттарыгар үтүө сүбэһит буолан элбэх сиэн, хос сиэн маанылаах эһээтэ.
Лена Петрова