«Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» фонда улууска үлэтиттэн

РФ Бэрэсидьиэнин 2023 с. муус устар 3 к. Ыйааҕынан Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» судаарыстыбаннай фонда тэриллэн турар. Фонда үлэтин бэс ыйыгар саҕалаабыта, кини филиаллара дойду бары эрэгийиэннэригэр тэриллибиттэрэ. Фонда Саха сиринээҕи салаатын Ньурба улууһугар бэрэстэбиитэлинэн Александра Захарова үлэлии сылдьар. Бу саҥа тэрилтэ үлэтин-хамнаһын интэриэһиргээччи элбэх буолуохтаах. Онон бүгүн Александра Захарованы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.

🔸— Александра Николаевна, Фонда ханнык соруктары толороруй уонна бу кэм устата туох-ханнык үлэни ыыттыгыт?

🎖— Үлэбит сүрүн сыала — Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ олохторун толук биэрбит буойуттар дьиэ кэргэттэригэр күүс-көмө буолуу уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ буолан кэлбит дьоммутугар олоххо күннээҕи кыһалҕаларыгар көмөнү оҥоруу. Дьиҥэ, үлэбит ис хоһооно киэҥ, ити этиллибитинэн эрэ муҥурдаммат. Үлэлээн истэхпит аайы бу курдук үлэбит кэҥээн, далааһыннанан иһэр.

Үлэҕэ киирэрбитигэр элбэх үөрэҕи уонна тургутууну барбыппыт. Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятын (РАНХиГС) Хабаровскайдааҕы Дальневосточнай салайыы институтугар дойду илиҥҥи эрэгийиэннэриттэн 3 тыһ. киһи мустан, ыам ыйын 19 күнүттэн алтынньы ортотугар диэри үөрэммиппит. Анал үөрэхтээх дьон салалтатынан элбэх үөрэҕи-дьарыгы ааспыппыт, нэдиэлэ аайы тестированиены ааһарбыт. Байыаннайдары көрсүтэлээбипит, Хабаровскайга туох-ханнык база тэриллибитин көрбүппүт-истибиппит. Бу курдук үөрэммит 3 тыһ. киһи Арассыыйа үрдүнэн бастакы социальнай координатордар диэн буолбуппут. Саха сириттэн үөрэммиттэр үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкованы кытта бэсиэдэлэһиини ааһан үлэҕэ киирбиппит. Өрөспүүбүлүкэҕэ 120 социальнай координатор баар буолуохтаах, күн бүгүн 60-мут. Дьокуускайы таһынан хас биирдии улууска 1-дии социальнай координатор баар буолуохтаах

🔸— Дьон кыһалҕатын быһаарыыга хайдах быһыылаахтык үлэ барарый?

— Биһиги улуустан 200-чэ киһи СВО-ҕа кытта сылдьар, ол иһигэр быстах хомуурга 142 киһи хабыллыбыта. Кэлин кинилэр бары статустара уларыйда. Билигин мобилизованнай диэн суох, бары хантараагынан байыаннай сулууспалаах статустаахтар.

Уһун кэм устата дойду үрдүнэн олоххо көрсүллэр маҥнайгы уустук түгэн буолан, фонда үлэтин-хамнаһын сүрүннүүр докумуоннарга уларыйыылар киирэ тураллар. Эппитим курдук, «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай фонда бастаан тэриллэригэр СВО-ҕа өлбүт буойуттар дьиэ кэргэттэрин уонна төннөн кэлбит бэтэрээннэри эрэ кытта үлэлиэхтээҕэ ыйыллыбыта. Ол эрээри олох көрдөрбүтүнэн, СВО-ҕа кытта сылдьар уолаттарбыт боппуруостара элбэх. Итиэннэ кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай уонна волонтерскай элбэх үлэ барыан наада. Хас биирдии СВО кыттыылааҕар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруохтаахпыт.

Биһиэхэ СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ кэлэн көмө көрдөөтөхтөрүнэ, анал эрэгийиэннээҕи бырагыраамаҕа хас биирдии киһи кыһалҕатын суруйан киллэрэн, ол кыһалҕа хаһан быһаарыллыар диэри үлэни ыытабыт.

🔸— Дьон үксүгэр эһиэхэ ханнык боппуруостаах кэлэрий?

Аан бастаан үлэбин саҕалыырбар төлөбүргэ сыһыаннаах элбэх ыйытык киирэрэ. СВО-ҕа кыттар дьоҥҥо РФ Оборуонаҕа министиэристибэтиттэн, өрөспүүбүлүкэттэн уонна улууспутуттан харчынан төлөбүрдэр бааллар. Оборуона министиэристибэтэ бастаан утаа байыаннай чаастарга тиийбит дьон испииһэгин 1-2 ыйтан ордук кэминэн ыытар буолан, дьон ити төлөбүрдэри ылара уһаан-уталыйан хаалара элбэх буолааччы. Кэлин оннун булан сааһыланна. СВО-ҕа кыттар киһи хантараак илии баттаһан, байыаннай чааһыгар тиийдэҕинэ, бирикээс таҕыстаҕына, кини хантараагын болдьоҕо ааҕыллан барар. Ити байыаннай сулууспалаах военкомакка хантараак түһэрсэн баран, Дьокуускайга «Абырал» санаторий базатыгар медкомиссия ааhан баран чааһыгар хас да нэдиэлэнэн тиийиэн сөп, эбэтэр кылгас кэм иhигэр докумуона оноhуллан, тута көтөн хаалыан сөп. Байыаннай чааска бирикээс таhааран, испииһэк оҥорон эрэгийиэннэргэ ыыталлар. Былырыын хас да ыйынан испииһэк оҥоһуллан кэлэр буоллаҕына, билигин СВО-ҕа барар дьон испииһэгэ ый иһинэн тиийэн кэлэр. Онон харчынан көмөнү түргэнник түһэрэллэр.

Харчынан төлөбүр бэрээдэгэр уларыйыы киирдэ. Саха сиригэр СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр биирдэ бэриллэр 200 тыһ. солк. кээмэйдээх көмөнү ыларга байыаннай сулууспалаах ханнык да аймаҕа сайабылыанньа суруйбатах эбэтэр кини аймаҕа суох буоллаҕына, байыаннай чаастар дьон испииһэгин ыыппыттарыттан көрөн бу көмөнү ылбатах буойуҥҥа бэйэтигэр тута түһэрэллэр.

СВО-ҕа барбыт киhи улууhуттан тутулуга суох социальнай көмүскэл управлениетыгар докумуонун ыытан төлөбүр оноhуллар. Араарыы суох буолла, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тыырыллар. Холобура, Ньурба улууһа атын ханнык даҕаны улуустар дьонун докумуоннара кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр көмөнү тыырар, атын улуустарга эмиэ оннук. Ол иһин бу туһунан дьоҥҥо өйдөтүүлээх үлэни ыытабыт.

Түгэнинэн туһанан, улууспут баһылыгар А.М.Иннокентьевка уонна улууспут дьонугар-сэргэтигэр махтаныахпын баҕарабын. Ханнык да улуустарга СВО кыттыылаахтарыгар көмө оҥоһуллар, ол эрээри, мин санаабар, биһиги улууспутугар ордук элбэх көмө оҥоһуллар. СВО-ҕа кытта сылдьар уолаттар бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн даҕаны сэҥээрэллэр.Уолаттарбыт махталларын биһиэхэ эмиэ мэлдьи суруйа-биллэрэ тураллар.

🔸— Үлэҕэ ханнык ыарахаттар баалларый?

— Хас биирдии кыһалҕаҕа чуолкай эппиэт, алгоритм суох. Итиэннэ соҕуруу дойду чааһа атына эмиэ сабыдыаллыыр. Түүннэри өрөбүлэ суох үлэлиибит, 24/7 эрэсииминэн. Бастаан итиннэ кыратык ыарырҕатан ылбытым, онтон үөрэнним. Бары бииргэ тэҥҥэ дьаһалтаҕа үлэлиир буоламмыт, итиэннэ инники үлэбэр махтана саныыбын. Улуустааҕы үөрэх салалтатыгар, кэнники Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо кэлим көмө киинигэр элбэх тэрилтэлэри кытта алтыһан үлэлээбитим туһалыыр. Араас тэрилтэлэр билэрдии тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Онон миэхэ сорох атын улуустар бэрэстэбиитэллэринээҕэр арыый чэпчэки дии саныыбын.

РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ байыаннай чаастары кытта үлэлэһэр гражданскай дьоҥҥо эппиэттиирэ олус уустук эбит. Ол эрээри күннэтэ син сыҕарыйан, билигин арыый судургутуйан көмө оҥоһуллара түргэтээтэ.

Саамай ыарахан — сураҕа суох сүппүт, биллибэккэ-көстүбэккэ сытар уолаттарбытыгар үлэ. Байыаннайдар тустаах сокуон ирдэбилинэн быһаччы чугас аймахтарыгар эрэ хоруйдуур бырааптаахтар. Манна дьоҥҥо сурук суруйалларыгар көмөлөһөбүт, сүбэ-ама биэрэбит. Былырыыҥҥа диэри олус ыарахана, дьон көрдүүр-ыйытар суруктарыгар хоруй кэлбэт этэ. Кэнники кэмҥэ байыаннай чаастар син хоруйдуур, эрийэр буоллулар.

Уопсай ис хоһоонноох биир түгэҥҥэ тохтуум. Сураҕа суох сүппүт байыаннай сулууспалаах бииргэ сылдьыбыт дьоно кини аймахтарыгар эрийэн өлүү-быһылаан хайдах буолбутун кэпсииллэр. Оннук түгэҥҥэ ким баҕарар айманара өйдөнөр. Миэстэтигэр кини дьиэ кэргэнигэр психологическай көмө, сүбэ-ама оҥоһуллар. Ол эрээри сокуон ирдэбилинэн буойун туһунан официальнай биллэрии военкомакка кэлбитин кэнниттэн эрэ байыаннай чаастар үлэлэһэллэр. Буойун сураҕа суох сүппүт диэн статустанар, онтон кимэ чуолкайданыар диэри сокуоҥҥа олоҕуран киниэхэ ыйдааҕы хамнаһа түһэ туруохтаах. Ол эрээри кини дьонугар буойун каартата, докумуонун куоппуйата баар буолуохтааҕар, ардыгар ирдэһэргэ хаартыската да суох буолар. Онуоха байыаннай сулууспалаах каартатын счетун ийэтигэр эбэтэр кэргэнигэр көһөрүү сайабылыанньата толоруллуон соп. Онон кыралаан үлэ түргэтээн иһэр.

Волонтерскай хайысхаҕа улуус дьаһалтатын кытта күүскэ үлэлэһэбит. Хас биирдии дьиэ кэргэттэргэ күннээҕи кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһөбүт. Куораттан өлбүт буойун уҥуоҕар туруоруллар пааматынньыктары кэпсэтэн аҕалтарарга билигин үлэ бара турар. Аһыыга ылларбыт буойун аймахтарын уонна биһигини өйдөөн көмөлөһөр үтүө сүрэхтээх дьоҥҥо улахан махталлаахпын. Билиҥҥитэ 2 дьиэ кэргэҥҥэ өлбүт буойун дьиэ кэргэнин чилиэнэ диэн дастабырыанньа кэлбитэ, онон бу дьыала, дьиҥэр, бытаан соҕус.

🔸— Александра Николаевна, кыһалҕалаах кэлбит ханнык эмэ киһиэхэ кыһалҕатын быһаарыы чопчу холобурун кэпсиэҥ дуо?

Сокуоҥҥа байыаннай сулууспалаахтар СВО-тан уоппускаҕа кэллэхтэринэ хамандыырын сөбүлэҥинэн уоппускалара уһатыллыан сөп диэн ыйылла сылдьар. Онон хас даҕаны киһи ити сүбэни туһанан уоппускаларын уһаттаран, дойдуларыгар, дьиэлэригэр арыый уһуннук сынньанан бардылар. Кэлбит уолаттарга барыларыгар сүбэлиибин.

Бурятия байыаннай чааһыгар СВО-ҕа сулууспалыыр биир дойдулаахпытыгар хамнаһыгар хотугу надбавкатын ылбакка сылдьарын истэн, манна кэлэ сылдьыбыт байыаннай сулууспалааҕынан докумуон ыытан ол чааска тиэрдэн илиитигэр туттартарбытым кэннэ, сыл устата киниэхэ төлөммөтөх харчыта хаттаан ааҕыллан төлөнүөхтээх. Сорох байыаннай чаастар, уопсайынан, докумуону чөлүгэр түһэриигэ эҥин ыарахан баҕайытык үлэлэһэллэр.

Инбэлиит буолан доруобуйалара хааччахтанан кэлбит уолаттар үксүн уйулҕаларыгар ыарахан охсуулаах кэлэн, барытыттан аккаастыыр түгэннэрэ тахсар. Бэл диэтэр, протез оҥоһулларыттан. Кистээбэккэ эттэххэ, маннык түгэҥҥэ кинилэрдиин кэпсэтэр, үлэлиир уустук буолар. Ол эрээри протез оҥоһулларыгар сүбэлээн, «судаарыстыба биэрэр өҥөтүн туһаныахтааххын» диэн көрдөһөн сөбүлэһиннэрэн, 2 уол илии уонна атах протеһын оҥорторо сылдьаллар. Биир бааһырбыт уол Ростовтан айаннаан кэлэн иһэрин Бэс Чагдаҕа быһа киллэртэрэн, эмтэнэ сылдьар. Бэйэм эмиэ маннык түгэннэргэ уолаттарга күүс-көмө буоларбыттан үөрэбин.

🔸— СВО бэтэрээннэрэ уонна СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ бары кинилэргэ көрүллүбүт көмөнү туһана олорор буоллахтара?

— Туһаналлар, ол эрээри ноолоох. Холобура, бааһырбыт буойун эбэтэр өлбүттээхтэр дьиэ кэргэттэрэ РФ Оборуонаҕа министиэристибэтиттэн ылар страховкалара байыаннай сулууспалаах хайдах быһыылаахтык бааһырбытыттан эбэтэр өлбүтүттэн тутулуктаах эбит. Докумуоҥҥа кини «бойобуой дьайыыга …» диэн суруллубатах буоллаҕына, ылбат эбит. Аны итини тустаах дьоҥҥо өйдөтөр олус уустук.

Араас байыаннай формированиелар, ЧВК-лар уонна туспа этэрээттэр төлөбүрдэрэ болдьоҕуттан көрөн араастаах буолар. Барыта биир кээмэйдээх буолбат. Оборуона министиэристибэтин иһинэн хантараагы 1 сылтан ордук кэмҥэ түһэрсибит байыаннай сулууспалаахтарга 195 тыһ. солк. төлөнөр. Оттон 3 эбэтэр 6 ыйга хантараак түһэрсибит «Боотур», «Барс», «Ахмат» уо д.а. байыастара, кинилэр Оборуона министиэристибэтин иһинэн киирбиттэрин даҕаны иһин, ити харчыны ылбаттар. Оттон Саха сирин төлөбүрүн ылаллар. Аны байыаннай сулууспалаахтар манна регистрациялаах эрээри атын эрэгийиэннэртэн СВО-ҕа бардахтарына Саха сирин төлөбүрүн ылбаттар. Онон итинник араас буолар.

🔸— «Аҕа дойду кө­мүс­кээччилэрэ» судаарыстыбаннай фонда үөһээҥҥи салалтатын кытта үлэ хайдах сүрүннэнэрий?

— Биһиги бу Фонда салайааччылара этэр үлэлэрин толоробут. Онон сорудах быһыытынан үлэлиибит, ардыгар бэйэбит этиилэрбитин эмиэ киллэрэбит.

СВО саҕаланыаҕыттан оҕону иитиигэ тустаах көрүүлэри киллэрэн бырабыыталыстыба таһымыгар дьону-сэргэни бэлэмнээһиҥҥэ, иитиигэ туох кыһалҕалаахпытын, туох үчүгэй уопуттаахпытын көрөн ырытыһыы буола турар. Мунньахтарга кэккэ боппуруостары туруорсабыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ гаастааһыҥҥа ыалга 150 тыһ. солк. көмө баар. Биһиги гааһа суох улуус буоламмыт, итинник көмөҕө тиксибэппит. Улууспутугар дьон сорох категорияларын дьиэлэрин өрөмүөнүгэр 200 тыһ. солк. кээмэйдээх көмө баар буолан, элбэх дьиэ кэргэн дьиэтин өрөмүөннэннэ эбэтэр толору хааччыйыыны киллэртэрдэ. Бу курдук көмө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киирэрэ буоллар суолталаах көмө буолуо этэ. Устудьуоннаах, үөрэнэр оҕолоох дьон проезднойдарыгар Ньурба улууһун курдук Дьокуускайга олохтоноро буоллар диэн  эмиэ эппитим. Итинник боппуруостар элбэхтэр, хаһан эрэ быһаарыллыахтара диэн эрэнэбин.

🔸— Александра Николаевна, эн кэргэниҥ эмиэ СВО-ҕа кыттан сулууспалыы сылдьарын билэбин.

— Кэргэним Юрий 2022 с. балаҕан ыйыгар быстах хомуурга ыҥырыллан СВО-ҕа кытта сылдьар, суоппар идэлээх буолан автомобильнай чааска сулууспалыыр. Снарядтары таһар. Онон мин олоҕум уонна үлэм быһаччы СВО-ны кытта сибээстээх диэтэхпинэ сыыстарбаппын. Кэргэммин кытта өтөр-өтөр төлөпүөнүнэн билсэ-кэпсэтэ олоробун. Уруккуттан үлэлээбит уопуттаах суоппар уонна саха киһитин сиэринэн элбэҕи сатыыр  буолан сөбүлэтэрин, бииргэ сулууспалыыр дьоно убаастыылларын истэн үөрэбин. Сайын докумуонун сүтэрэн, ону чөлүгэр түһэрэ кылгас кэмҥэ кэлэ сылдьыбыта. Дьиэ кэргэммит аатыттан төhө кыалларынан дьонно-сэргэҕэ көмөлөhөбүт, оҕолор күрэхтэригэр анал бириис туруоран, волонтердарга, СВО-ҕа сылдьар уолаттарга харчынан, таҥаhынан, малынан, кыттыhан күүс-көмө буолабыт.

🔸— Александра Николаевна, эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр ба­рыта этэҥҥэ буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэн ту­ран, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтанабын.

 

Геннадий Антонов

Читайте дальше