Аҕам саастаахтар күннэрэ

Алтынньы 1 күнүгэр Чуукаарга аҕам саастаахтарга аналлаах декаданы арыйан,  Е.М Поликарпов аатынан «Эйгэ» НАК үлэһиттэрин көҕүлээһининэн «Айылҕалыын алтыһыахха,айылҕаҕа дьаарбайыахха» диэн бэрт сонун көхтөөх тэрээһин буолла.

Кулууп  уус-уран салайааччыта Андрей Сивцев-Лэкээрин иилээн-саҕалаан айылҕаҕа  сибиэһэй салгыҥҥа сынньаныан баҕалаахтары түмтэ. Аҕам саастаахтар көмүс күһүн фонугар хаартыскаҕа түһэн, астына дьаарбайан айылҕалыын алтыһан олус дуоһуйдулар.

Ол кэннэ  бары  кулуупка кэлэн толору астаах остуол тула олорон итии киллэринэн, ирэ-хоро кэпсэтэн үөрэн көтөн тарҕастылар.

Тэрийээччигэ, ону тэҥэ массыынанан хааччыйбыт Июлия Илларионовна Фёдороваҕа, суоппарга Никита Аркадьевич Иннокентьевка махталлара улахан.

Надежда Казакова