Балаҕан ыйын 7-12 күннэригэр Узбекистан республикатын Хива куоратыгар «Хива-2023» диэн этно-фестиваль буолан ааста. Бу фестиваль чэрчитинэн гиирэҕэ аан дойду чемпионата ыытылынна. Манна 21 омук дойдуттан 600 тахса спортсмен кыттыыны ылла.
Бу улахан чемпионакка Чаппандаттан төрүттээх Лена Захарова Чемпион үрдүк аатын ылан үөрүүбүтүн үксэттэ.
“Саха сириттэн 5 спортсмен буолан Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн 200 тахса спортсмен дойдубут чиэһин көмүскээн кэллибит. Манна мин икки көрүҥҥэ кытынным «рывок» бастаатым, «длинный цикл» иккис миэстэ буоллум. Саха сириттэн барбыт спортсменнар бары бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Уопсайа 9 мэтээллээх кэллибит: 5 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмус.
Бу саас Чувашия республикатыгар Чебоксары куоракка ыытыллыбыт Чемпионат и первенство России кыттан кыайан, бу Аан дойду Чемпионатыгар кыттар иьин путевка ылбытым. Онон бу сайын куустээх дьарыктар, сбордар буолбуттара.
Бэйэм гиирэ спордунан дьарыктаммытым 3 сыл буолла. Тренерым Иванова Елена Николаевна Россия гиирэҕэ спордун маастара. Ол иннинэ кроссфитынан дьарыктаммытым 6 сыл. Онтон Крымҥа баран гиирэ сборугар дьарыктанан баран бу көрүҥ миэхэ сөп түбэһэр эбит диэн көспутум.
Маны тэҥэ, 2022 сыллаахха Уус-Алдаҥҥа саха сирин Чемпионатыгар бастаан Саха сирин Сахаада спордун маастарын толорбутум. Дьахталлар икки ыйааһынынан үлэлиибит – 16 кг уонна 24 кг, мин иккиэннэригэр кыттабын. Кыргыттар уонна уоспайынан дьон-сэргэ даҕаны гиирэ эр дьон спорда дии саныыр, ол эрээри оннук буолбатах.
Бу кыайыыны ситиһэрбэр арааһа, күүстээх дьарык уонна техника көмөлөспүтэ буолуо дии саныыбын», — диэн Лена Захарова үллэстэр.
Иннкитин өссө даҕаны кыайыылар-хотуулар кэлэ турдуннар диэн биир дойдулаахтара алгыспытын ыытабыт.
Лена Петрова