“Айыы оҕотун аартыгынан”

«Сайдам тыл» түмсүү кэнчээри ыччаттарбытыгар төрөөбүт тылы өрө тутарга, сахалыы эйгэҕэ сыстарга, төрүт үгэстэри тиэрдэн үйэтитэргэ араас хабааннаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар. Оҕо хайдах иитиилээх, өйдөөх-санаалаах буола улаатара төрөппүтүттэн быһаччы тутулуктаах.

Бу сыл, олунньу ый 13 күнүгэр, Н.Харитонов-Чуор аатынан “Кыталык” култуура киинигэр “Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийии” диэн хас да түһүмэхтээх эдэр төрөппүттэргэ анаан сугулаан сонуннук ыытыллыбыта, тэрээһин кэннэ “Айыы оҕотун аартыгынан” анал бэлиэ оскуолалар устунан айаннаабыта. Бэлиэни туппут оскуола сахалыы тэрээһиннэри икки нэдиэлэ устата ыытыахтаах.

Маар орто оскуолата бэриллибит кэм иһигэр “Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ” оҕо, төрөппүт кыттыылаах ТОК оонньууну ыыттыбыт, оскуолабыт социальнай педагога  Тимофеева З.В. кылынан бастыҥа өрүүгэ маастар кылаас биэрдэ. “Ноҕуруодаптыы суруйабыт” 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ дьыктаан суруйдулар. Оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ «ҺӨҔҮҤ» аксыйаҕа кыттан төлөппүөннэригэр, компьютердарыгар «сахалыы клавиатура” сыһыарыытын хачайдаан туруоруннулар. 11 кылаас үөрэнээччитэ Олеся Антонова ийэтинээн сахалыы баахыла,  6 кылаас үөрэнээччитэ Максим Яковлев ийэтинээн алаадьы астыылларын видео оҥорон көрдөрдүлэр.

Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай  драматическай тыйаатыр артыыстара кэлэн оҕолору кытары көрсүстүлэр, оскуола иһинэн үлэлиир “Дьикти саас” драмтеатр куруһуок оҕолоругар маастар кылаас биэрдилэр. Дириэктэри иитэр үөрэххэ солбуйааччы Иванова В.Д. “хабылык-хаамыска” төрүттэрбит оонньууларын алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр оонньотто, сырдатта,  оҕолор бу оонньуу эргиччи туһалааҕын, ким баҕарар оонньууругар тоҕоостооҕун, илдьэ сылдьарга табыгастааҕын, имигэс илиилээх киһи түргэн, булугас өйдөөх буоларын сэҥээрдилэр. “Дьөҥкүүдэ кыталыктара” оҕо фольклорнай ансаамбылын көҕүлээһининэн саха тылын учууталлара Марха куустатын хабан үгэ күрэҕин ыыттылар, бастакы миэстэни Аканаттан Нарияна Архипова, Сахаайа Семенова, Айталина Афанасьева, Рустам Николаев, иккис миэстэҕэ Маар орто оскуолатын иккис кылааһын үөрэнээччитэ Аделина Григорьева ылан бирииһинэн наҕараадаланнылар, бөлөҕүнэн толорууга  Акана оскуолата бастаата.

Орто сүһүөх кыргыттара кыра лоскуйтан сахалыы олбох тигэргэ үөрэннилэр. Марха эҥээринээҕи алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ыытыллыбыт олимпиада сынньалаҥын кэмигэр өс хоһоону таайтарыы, өбүгэ оонньууларын билсиһиннэрэн күрэхтэһиннэрдилэр. Драмтеатр куруһуок оҕолоро Н. Якутскай суруйуутунан “Ойуур оскуолата» остуоруйаны “Күнчээн” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр испэктээк быһыытынан көрдөрдүлэр (салайааччы Федорова С.П.).Технология учуутала Е.П. Мухин төрүт көрүҥ-мас тардыһыы маһын уолаттарга оҥоттордо. “Үрүҥ уолан 2024» оройуоннааҕы күрэххэ 9 кылаас үөрэнээччитэ Алеша Охлопков кытынна. Бастакы кылаастар «Букубаар быраһаай” тэрээһиннэрэ үөрүүлээхтик ыытылынна. Вконтакте сыһыарыытыгар “Юла” медиа киин сахабыт тыла уонна тыва омук тыла төһө майгыннаһарын тэҥнээн көрөр тэттик видео оҥордо, бу бэлиэ чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэри сиһилии сырдатта.

Саха омук буоларбытынан киэҥ туттууну, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэргэ туһуламмыт  “Айыы оҕотун аартыгынан” бэлиэ салҕыы Хаҥалас оскуолатыгар айанныа.

Л.А.Софронова,

Маар орто оскуолатын педагог-психолога, оройуоннааҕы “Сайдам тыл” хамсааһын чилиэнэ.