Алтынньы 19 к. улуус баһылыга Алексей Иннокентьев Аканаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа аһыллар үөрүүлээх тэрээһинигэр кытынна. 60 м дириҥҥэ сир аннынааҕы уу булуллан, скважина хаһыллан, ыстаансыйа дьиэтэ тутуллан нэһилиэк олохтоохторо ыраас иһэр уунан хааччылыннылар.
Нэһилиэк баһылыга Ефрем Семенов кэпсииринэн, былырыын үүттээн уутун булбуттар.
«Бастаан дэриэбинэ ортотугар үүттэппиттэригэр 160 м дириҥҥэ түһэн ууну булбакка ыксаппыттара, — диир Ефрем Михайлович. — Онтон Эбэ кытыытыгар киирэн үүттээн, 60 м дириҥҥэ булбуттара. Уутун саппааһа элбэх, анаалыһа үчүгэй эбит. Марха өрүс таһынааҕы нэһилиэктэри ыраас иһэр уунан хааччыйыы улуустааҕы тосхолунан, улууска «АЛРОСА»-тан киирэр үптэн 6 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ыраас уу ыстаансыйатын бэдэрээтчит «Гидросфера» ХЭТ аҕалан тутта. Ыраастаммыт ууну бодобуос таһар буолуоҕа. Ыстаансыйаны урбаанньыт В.М.Харламов үлэлэтэр, Олег Николаевич Иванов диэн олохтоох үлэлиир киһини кэпсэтэн анаатыбыт. Ыраас уу син-биир Ньурба куорат сыанатынан атыыланыаҕа. Дьон-сэргэ ыраас уунан хаачыллан, улууспут салалтатыгар махталбыт улахан».
Ыстаансыйа үлэтин бастакы күнүгэр олохтоохторго уу босхо бэрилиннэ. Олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан, туруорсуулара олоххо киирэн ыраас уунан хааччыллан бары даҕаны үөрбүттэрин-астыммыттарын эттилэр.
Акана нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Торохов: «Уу — тыын боппуруос. Биһиги сэбиэскэй кэм саҕана Эбэбит уутун эмиэ иһэ олорбуппут, ол уубут даҕаны үчүгэй этэ. Билигин уубутун скважинаттан сир анныттан хостуур буоллулар. Аныгы технологиялар сайдан иһэр кэмнэригэр, араас дьаҥ, ыарыы элбэҕэр иһэр уубут ырааһыран дьоҥҥо тиэрдиллэрэ олус үчүгэй, дьон доруобуйата даҕаны тупсуо турдаҕа».
Геннадий Антонов