Антоновка оскуолатын Афанасьевтара

Былырыын баччаларга учуутал күнүгэр диэн нэһилиэкпит биир ытыктанар ыалыгар, педагогическай үлэ ветераннарыгар ыалдьыттаан турардаахпыт. Ол туһунан биир сыл ааспытын кэннэ да буоллар, кэтэспит курдук Россияҕа биллэриллибит Педагог уонна наставник сылын Учуутал күнүгэр Афанасьевтар тустарынан кэпсээн ааһыахпытын баҕарабыт. Арай тиийбиппит…

Арай тиийбиппит уонунан паапка кэккэлэһэн кэтэһэ сытар. РФ үөрэҕириитин туйгуна Анатолий Трофимович,  РФ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Мария Ивановна киэннэрэ диэн тус-туһунан туспа наардаммыттар. Залларыгар атааран баран ыалларбыт кухня өттүгэр радио саҥатыгар ааһа турдулар. Ол паапкалартан матырыйааллары көрөн, ааҕан киһи ыйытара да суох курдук буолла. Үлэлэрин, ситиһиилэрин хронологията, хаһыаттартан кырыйыылар, наҕараадалар, ыҥырыы суруктар, элбэх памятнай суруйуулар.

Анатолий Трофимович олохтоох Антоновка. Отуттан тахса сыл спордунан күүскэ дьарыктанан классическай, көҥүл тустууга, хапсаҕайга араас таһымнаах күрэхтэһиилэр чемпиона, призера, спорт маастара. Кыахтаах спортсмен буолан «Эдэр коммунист», «Коммунизм суола» улахан хаһыаттарга хаартыската, аата баар. География учуутала идэтин ылан, ыал буолан манна анаммыт. Антоновка оскуолатыгар саҥа ньымалары олоххо киллэрэр, үрдүк эппиэтинэстээх учууталлартан биирдэстэринэн ааҕыллар, военруктаабыт даҕаны, биир кэмҥэ директордыы да сылдьыбыт. Ол курдук, сүүрбэ сыл директордаабыт, Антоновка оскуолатын республикаҕа ааттаппыт Афанасий Титович Захаров бэйэтэ анаан барбыт эбит. Анатолий Трофимович үөрэҕирии управлениетыгар үлэнэн иитии специалиһынан эмиэ сылдьыбыт.

Үөрэҕи, үлэни, спорду дьүөрэлээһин тус олоҕор эрэ буолбакка, педагог да быһыытынан өрө тутара. Холобур, армияҕа сылдьар биир үөрэнээччитин төрөппүттэригэр чаас командованиятыттан начальнай военнай бэлэмэ, атын да өрүттэрэ үчүгэй диэн махтал сурук ыыппыттар. Ити учуутал, военрук курдук биир бэлиэ ситиһиитэ буоллаҕа. 70-с сыллартан үлэлээн саҕалаабыт «Букчай» үлэ, сынньалаҥ лааҕырыгар салайааччы буолан Анатолий Трофимович спорт национальнай көрүҥнэригэр, ГТО нуорматын туттарыытыгар звенонан күрэхтэри ыытар эбит. Үлэлэрэ да таһаарыылаах. Биир сайын 50-ча ого совхозка 55 тонна от туттарар диэн аҕыйаҕа суох. Физкультура, ОБЖ учууталынан сынньалаҥҥа барбыта.

Общественнай да олоххо эдэриттэн көхтөөх, кулуупка сценка, үҥкүү, тойук буоллун. Спордугар тэрийээччи, судьуйа да быһыытынан ыҥырыынан сылдьара. Коркин турнирыгар кытары судьуйалаабыт эбит. Спорт улахан фаната буоларынан Сочига буолбут Олимпиадага 70 сыллаах үбүлүөйүгар оҕолоро путевка бэлэхтээбиттэр, көҥүл тустуу аан дойду чемпионатыгар эмиэ. Икки уолаттара республикаҕа биллэр тустууктар.

Учууталбыт билигин да көхтөөх. Оһуокай түһүлгэлэригэр кынат буолан «Бастыҥ кынат» анал ааттардаах, уруккуттан бу күҥҥэ диэри ыһыахтарга кини куруук үҥкүү тылын этээччилэрин батыһа сылдьар буолар. Аны спорт ветеранын быһыытынан Манчаары оонньууларыгар, норуоттар спортивнай оонньууларыгар, араас улахан турнирдарга ол папкаларга ыҥырыы суруктара харалла сыталлар. Үрдүк наҕараадаларын быыһыгар төрүттэрин ааттара, географтар уонна туристар гимнарын тиэкиһэ, одногруппниктарын олорор сирдэрэ, телефоннара баара олус истиҥ.

Итини барытын тиһээччи, хомуйааччы, хонтуруоллааччы Мария Ивановна буоллаҕа. Анатолий Трофимовиһы кытары сэргэ Мария Ивановна хас да көлүөнэ оҕолору үөрэтэн таһаарбыта, элбэх үөрэнээччи сөбүлүүр учууталлара, биэс выпусктаабыт кылаастаах. Аны ити папкалары көрө олорон Амматтан сылдьарын билэн соһуйуллубута. Үйэ аҥаара анараатыгар Антоновка оскуолатыгар алын кылаастарга учууталынан ананан кэлбит. Кэлин улахан оскуолаҕа көһөн нуучча тылын уонна литературатын учуутала, кылаас салайааччыта, «Факел» интернациональнай доҕордоһуу, «Муза» клубтар салайааччыта буолбут. Окуола аттестиционнай комиссиятыгар үлэлээн, профкомҥа, нэһилиэк дьахтар сэбиэтигэр баара. Ону таһынан кини бастакы уолаттар кылаастарын выпусктаабыт учуутал.

Мария Ивановна үлэтин хронологията үөрэх дьылларынан барыта сиһилии сурулла сылдьар, сороҕо өссө хаартыскалаах. Манна араас наҕараадата, күрэхтэргэ кыайыылара эрэ буолбакка, үөрэппит оҕолорун конференцияларга, олимпиадаларга ситиһиилэрэ, бэйэтин хас биирдии дакылаата, аһаҕас уруога, Афанасий Титовичтан характеристиката барыта баар. Ону ааһан 1997 үөрэҕирии сылыгар республика бастакы президена Михаил Ефимович Николаев күндүлээбит остуолуттан салфетка кытары өйдөбүнньүк буолан сылдьар. Ураты көрүүлээх киһи тугу баҕарар күндүтүк саныыр. Сыллар аастахтарын аайы ити барыта туохха да тэҥнэммэт буолар.

Учууталларга биир сүрүн «Я и мой наставник» конкурс буолар. Мария Ивановна эдэр коллегатынаан Сергей Сергеевич Ивановтуун 2009 сыллааҕы улуустааҕы этабын кыайыылаахтара. Биир олус ис хоһоонноох заметканы булан көрбүппүт – «Признание молодых учителей школы. Грамота учителю-наставнику за понимание, поддержку и помощь молодым учителям». Ити буоллаҕа идэни толору баһылааһын, коллегалар наставник быһыытынан билиниилэрэ.

Онтон үөрэнээччилэр өттүлэриттэн хайдаҕый? Эмиэ ити папкаларга киһи уйадыйыах суруктара бааллар. Махталлаах үөрэнээччилэртэн Москватааҕы «Бэс Чагда» санаторийга путевка диэн, Мария Ивановна туһунан коллегалара, үөрэппит оҕолоро хаһыакка статьялара, армияттан уолаттар суруктара. Биир саамай киһини долгутар бу. Мария Ивановна алтыс кылаастарга Италия ырыаһыта Робертино Лоретти туһунан кылаас чаас ыыппыт, ырыаларын пластинканан иһитиннэрбит. Учуутал ол пластинканы наһаа харыһыйар эбит. Ону биир үөрэнээччитэ өйдөөн хаалан 2005 сыллаахха ол ырыаһыт дискатын суруктаан ыыппыт. Үөрэҕин бүтэрэн, үлэҕэ киирэн баран бастакы хамнаһыттан атыылаһан…

45 сыл устата учууталлаан 80-тан тахса үөрэнээччитэ араас предмет учуутала, 9 выпускнига нуучча тылын уонна литературатын учуутала буолбуттарынан Мария Ивановна киэн туттар. Оҕону личность быһыытынан арыйар, сатыырын, сөбүлүүрүн таба көрөн, ону сайыннарар кредолааҕа. Бэйэтин туһунан суруйуутугар «Просто Мариванна» диир. Просто Мариваннабыт итинник кредолаах ис сүрэҕиттэн кыһаллан хас оҕо дьылҕатыгар сабыдыаллаабыта, киһи быһыытынан сөптөөх өйдөбүллэри иҥэрбитэ биллибэт.

Түөрт оҕолоох, үгүс сиэннэрдээх, уопсайа 85 сыл педстажтаах Афанасьевтар иккиэн Октябрьскай нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторо, сынньалаҥҥа олоробут диэбэккэ нэһилиэк олоҕор кыһаллыылара өрүү баар.

Папка көрүүтэ бүппүтүн кэннэ атын хоско бардыбыт. Мария Ивановна билигин да интэриэһинэй дьарыктаах, ветеран учууталбыт коллекционер. Амматтан төрүттээҕинэн дьэдьэн ойуулаах, формалаах мала үгүс, ручка арааһын мунньар, оскуола саҕаттан баар оҕолор көрдөөх сыыһаларын мунньубута эмиэ бу сытар. Түннүк анныгар турар остуолу да көрдөххө, тыл учуутала да буоларынан арааһа Мария Ивановна элбэҕи суруйар.

Ол кэннэ аны чэйдээһин буолла. Остуол тула олорон Анатолий Трофимовичтаах Мария Ивановна хайдах билсибиттэрин санаатыбыт, эдэр саас кэмин, оскуолаҕа ааспыт сыллары күлэ-үөрэ кэпсэтистибит. Көҥүл биэрэннэр күннэтэ толорор блокноттарын көрдүбүт. Олохторун түгэннэрэ эмиэ история буолан тиһиллэ турар. Арба өссө биир интэриэһинэй баар. Эргэ Саҥа Дьыл аайы сыл түмүгүнэн дьиэ кэргэн хаһыатын оҥороллор эбит. Үөрэх, үлэ, кэлии-барыы, ситиһии барыта онно суруллан хаалар. Итинник түгэннэр дьиэ кэргэни өссө эбии түмэр, быстыбат ситимниир буолуохтаахтар.

Барытын ураты суолталыыр дьиэ кэргэн ол биир сыл анараа өттүгэр нэһилиэккэ саҥа пресс-сулууспа үлэлээн эрэр диэн открыткаҕа толору суруктаах соһуччу бэлэх туттаран, алгыс тылларын этэн ыыппыттара. Бу матырыйаал тахсыбытын көрөн «Биһиги туспутунан улуус хаһыатыгар суруйбуттар» диэн күннээҕи блокноттарыгар хайаан да бэлиэтэнэр буолуохтаахтар.

Анатолий Трофимович, Мария Ивановна, Герой Чусовской аатын сүгэр Антоновка орто оскуолатын ветераннара, учууталлара, идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит! Үөрэппит оҕолоргут истиҥ сыһыаннара, ситиһиилэрэ, олоххо табыллыылара эһигини өрүү кынаттыы, үөрдэ турдун! Махтанабыт, ытыктыыбыт!

Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше