Бүгүн киэһэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов салайааччылаах маҥнайгы бөлөх Антоновка олохтоохторун иннигэр отчуоттаата.
Георгий Степанов сиһилии дакылаатын кэнниттэн Октябрьскай нэһилиэк олохтоохторо кэпсэтиигэ олус көхтөөхтүк кытыннылар, ыйытыктара, туруорсуулара даҕаны элбэх. Ааспыт сылларга туруорсуллубут боппуруостар хайдах быһаарыллан иһэллэрин туоһуластылар.
2027 с. Ньурбаҕа СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларыгар анаан тутуллар эбийиэктэртэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрэ олохтоох бородууксуйаны төһөнү атыылаһалларыгар, өрөспүүбүлүкэ олохтоох аһылыгынан төһө хааччыллан олороругар тиийэ үгүс ыйытык киирдэ.
Инбэлиит оҕолору эминэн хааччыйыы, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэх эйгэтин, Анал байыанннай эпэрээссийэ уо.д.а. боппуруостар эмиэ тумнуллубатылар. 288 миэстэлээх начаалынай оскуола саматык дьиэтин, 150 миэстэлээх «Ромашка» оҕо уһуйаанын тутуутун, олохтоох балыыһа хапытаалынай өрөмүөнүн үбүлээһинин курдук суолталаах боппуруостары туруорустулар.
Ньурбаҕа СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын көрсө, үлэ былааныгар барыта 16 эбийиэк киирэн турарын иһитиннэрдилэр. Бу СӨ норуоттарын Спортивнай оонньуулара ыытыллыбыт ханнык даҕаны улуустардааҕар элбэх. Ол иһигэр ити үөһэ этиллибит эбийиэктэр эмиэ бааллар. СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйаны СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников салайан үлэлэтэр. Кулун тутар 5 к. Ньурбаҕа Ил Түмэн бүддьүөккэ хамыыһыйатын сис кэмитиэтин көһө сылдьар сүбэ мунньаҕа ыытыллара күүтүллэр. Манна СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньуулар эбийиэктэрин тула кэпсэтии барара былааннанар.
Мунньах түмүгүнэн нэһилиэк олохтоохторо отчуоту эмиэ биһирииллэрин биллэрдилэр.
Геннадий Антонов