«Арыылаах» ХЭТ: Кыһыҥҥа бэлэммит

Аан  дойду нэһилиэнньэтин ахсаанын  үөрэтэр экспертэр ааҕан-суоттаан быһаарбыттарынан 2050 сылга производство араас салааларыгар үлэһит илии аҕыйыыра сабаҕаланар, ол оннугар 80+  саастаахтар лаппа элбиэхтээхтэр.

Олох хаачыстыбата уонна таһыма үрдүү турарынан олоҕу олоруу орто сааһа улаатара үөрүүлээх, уһун үйэлэнии туһугар, дьол буоллаҕа. Ити маҥнайгыта. Иккиһэ. Билэрбит курдук, билигин оҕолонуу сыыппаралара «ура» диэн баран түөһү охсуна-охсуна уруйдууртан ыраах соҕустар, ити үөһэ этиллибит кэмҥэ үлэлиир кыахтаах саастаахтар аҕыйыыллара дьарханыылаах. Хайдаҕын да иһин 80+ саастаахтарынан үлэ ырыынагын миэстэлэрин толоруллубат, сүрэх баҕатын сүһүөх уйбат диэн буоллаҕа.

«Х чааска» эрдэттэн бэлэмнэнэри өйдөөхтөр түүлээх холбукаларыгар буһарбыттара быданнаата, хамсааһын тахса турар — производствоҕа, промышленнай эйгэҕэ уонна өҥөлөрү оҥорууга. Ол тугуй диэ? Хоруй: роботизация, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн компьютерга, смартфоҥҥа киллэрэн киһи үлэтин солбуйуу, автоматизациялааһын.

Хомойуох иһин, биһиги дойдубутугар өстөөх сыһыаннаах судаарыстыбалар роботизацияҕа инники иһэллэр. Холобур АХШ, Германия, Италия, Дания о.д.а. Маны таһынан Соҕуруу Корея, Япония промышленнай производствоны роботтааһыҥҥа иннилэрин биэрбэккэ иһэллэрин санатыахха. Аны туран доҕордуу сыһыаннаах кытайдарбыт эһиилгинэн эҥин роботизацияҕа эмиэ «супер» буолаллара кэтэһиллэр.

Биһиги хардыыбыт бакаа киэҥэ суох, тоҕо диэтэххэ санкциялар иннилэригэр робот микросхемаларын, процессордарын о.д.а. комплектующайдарын арҕаалартан ыла олорбуппут. Билигин номнуо бэйэбит олору оҥорон эрэбит, бириэмэ эрэ наада, арҕааҥҥылары ситиэхпит, кэлин өссө аһара түһүөхпүт. Эркин курдук эрэниэххэ, «завтра будет лучше, чем вчера» диэххэ.

Биири эбэн этиэм. Роботизацияны, тыа киһитин сиэрин быһыытынан, биһигиттэн кый ыраах өйдөбүл диэн толкуйдуурум. Онтум баара учуонайдар этэллэринэн кини өссө тыа хаһаайыстыбатыгар улаханнык туһалыахтаах эбит: оҕуруоттарбытыгар, теплицаларбытыгар, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга эҥин. Үчүгэйи кэтэһиэхпит да кэтэһиэхпит, кэлтэгэй буолбаппыт чуолкай.

Онтон бу ааҕа олороргутун суруйарбар Таркаайы нэһилиэгин Киирэп учаастагар «Арыылаах» ХЭТ модульнай хочуол, судургуттахха робот-хочуол аҕалан үлэлэтээри сылдьара олук оҕуста. Маны истээт утуйар-аһыыр умнулунна, тута тэрилтэ гендириэктэрэ А.Н.Тихоновтыын кэпсэттим.

***

Алексей Николаевич, эн салайар «Арыылааҕыҥ» өрөспүүбүлүкэҕэ аныгы кэм биир ураты тэрилтэтинэн сыаналанар, эйигин пиардыыр сыаллаах эппэтим, үлэҥ-хамнаһыҥ оннук.  Корпоративнай өй-санаа улахан компанияларга, бөдөҥ офистарга эрэ силигилээбит диэбитим тилийэ тиэргэннээх «Арыылаахпар» баарыттан сүргэм көтөҕүллэр. Эн салайар кэллэктиибиҥ робот-хочуолу боруобалыахха диэн биир киһи курдук быһаарынан Киирэпкэ субу аҕай кини үлэлээри турар, дьэ онон быһа-ото кэпсии түс эрэ…

— Саха киһитин сиэринэн маҥнай аар айылҕабар махтаныам: үтүө да сайын ааста, кэһиилэрдээх да күһүн күөрэйдэ. Үлэһиттэрим тыа дьоно сайын күөх быйаҥы дэлэйдик сомсоннор Моруос оҕонньору үөрэ-көтө «кэл» дииллэр, бэл диэтэр сынньанар путевкалартан аккаастаммыттара. Ити да буоллар Хаҥаластан кэргэнниилэр профилакторий көдьүүстээҕин биллилэр.

Эргитэн-урбатан эппэккэ судургуттахха тэрилтэм нэһилиэнньэҕэ сылааһы биэрэр, онтон салалта  хас биирдии үлэһиккэ «погода в доме» диэни өрө тутар. Этэҥҥэ олорор дьиэ кэргэн үлэтэ хайаан да күүрүүлээх, таһаарыылаах буолар.

Хочуолунайдарга өрөмүөн үлэлэрэ үксэ сезон сабыллаатын кытта бүппүттэрэ, аҕыйаҕы күһүн ситэрдибит. Улахан кыамталаах хочуоллар кэлбиттэрин туруордубут, инньэ гынан чааһынай секторга нэһилиэктэринэн ыаллар киин ситимҥэ холбонуулара түргэтиир.

Холобур, Маалыкай, Акана, Киирэп, Маар биир өттө о.д.а. Инникитин былааҥҥа Өҥөлдьө, Маардааҕы техникум бааллар, үлэ фрона салгыы кэҥии туруоҕа. Биһиэхэ гаас суоҕунан сылытыы боппуруоһа актуальнай, билиҥҥитэ биһиги оҥорор өҥөбүтүгэр наадыйыы улаата турар.

Дьэ аны Киирэптээҕи модульнай хочуолга тохтуохха, кини Красноярскайдааҕы собуот оҥоһуга. Маны былырыын аҕалтарбыппыт, тутуу былдьаһа охсон туруорбатахпыт, үлэһиттэрим санааларын истибиппит-үөрэппиппит. Аныгы олох хаамыытыттан хаалымыахха, робот-хочуолу боруобалыахха диэн буолбута, а.э. бу сезоҥҥа хочуол апробацияны ааһыахтаах, биһиги айылҕабыт тыйыс усулуобуйатыгар. Билэҕин, саха сэрэнэрин сөбүлүүр, ол сөп даҕаны.

Маҥнай утаа модульнай хочуолга (кини контейнер иһигэр турар) холбонуохтар элбиэх кэриҥнээхтэрэ, сыыйа апробация кэнниттэн дэстилэр дьоннор. Онон 3 ыал холбонор. Тоҕо роботизациялыын ылыстыҥ диэтэххэ хоруйа сыччах биир — дьонум үлэтин чэпчэтээри. Хочуол вайфайынан, смартфонунан салаллан үлэлиир. Апробация этэҥҥэ ааһарыгар мэктиэтигэр, Үрүҥ Айыылартан эмиэ көрдөһөбүт, табылларыгар бары да санаабыт бөҕөх.

— Бырастыы гын, эриэхэбэй боппуруоһу ыйытыам. Ойуур хаххалаах кырдьаҕас тыа киһитин быһыытынан. Робот-хочуол арай үчүгэйдик үлэлээн бэйэтин көрдөрдүн, оччотугар били этэр «оптимизация» дэнэр тиэргэҥҥэ киирэн кэллин, үлэһит штата сарбыллыа суоҕа дуо?

— «Эһиилги бил баһын…» диэбиттии билигин бу туһунан этэр табыгаһа суох. Урутаан да буоллар толкуйбун тиэрдиэм: «Арыылаах» ХЭТ хас биир үлэһитин, дьиэ кэргэнин олохторо-дьаһахтара бу уустук кэмнэргэ кыра да охсууну ылбаттарын туһугар үлэлээн-хамсаан кэллэ.

Бу тэрилтэ туох да иһин туллаҥнаабат бириинсибэ, үлэбит истиилэ, үгэспит, корпоративнай интэриэспит. Онон ким даҕаны саараҥныы-саарбахтыы сылдьыа суохтаах.

Үөһэ үлэбит хайысхата кэҥии турар диэбитим, өр сылларга илиилэрин харалаабыт, сүрэхтэрин сылааһын биэрбит, тургутуулары чиэстээхтик ааспыт хоһууттарбыт хаарга хаампаттара, сииккэ сиэлбэттэрэ чуолкай. Аны туран модульнай хочуоллар халҕаһалыы анньан киириилэрэ ыраах, маассабай буолуо эрдэ.

Ол да буоллар сайдыылыын дьүөрэлии хаамсары кэм-кэрдии ирдиир, саҥаны-сонуну туһана сатыыр ордук. Киин сирдэргэ роботизацияны айхаллыы көрсөллөр, тоҕо диэтэххэ күн бүгүн үлэ ырыынага кэҥиир. Урукку үлэттэн уурайбыттар перепрофилизация диэни ааһаллар, атын идэлэри баһылыыллар.

Киэҥник толкуйдаатахха, роботизация бүтүн аан дойдутааҕы процесс, ким  да аптаах арбаҕаһы  бүрүнэн куоппат. Биһиги модульнай хочуолу боруобалыахпыт, туһугар бу эмиэ улахан үөрүү, табылыннахпытына сэмэй ситиһиини активпытыгар киллэриэхпит.

Алексей Николаевич, түмүккэ эйигин «развиватор салайааччы» диэн өрдөөҕүтэ биэрбит тус сыанабылбын бүгүн өссө дириҥник чиҥэттим, үлэ-хамнас үрүлүйдүн!

***

Киирэптээҕи хочуолунайдар старшай үлэһитэ А.П.Даниловтыын кэпсэтии эмиэ сырдыгы эрэ саҕар. Үс көмүстээҕэр күндү кыра оҕолордоох ыал халыҥ хаххата, суон дурддата оператордыырын таһынан 20-тэн тахса төбө сүөһүнү кэргэнинээн көрөллөр, кыстыкка отторо дэлэй, ордор үүттэрин 4 тн туттаран дьоҕуһаттылар.

Модульнай хочуол күһүөрү Киирэпкэ кэлбитэ, үлэһиттэр сып-сап мөхсүнэн контейнер турар сиригэр цемент кутан, үс ыалга трассаларын тардан көрүөх бэтэрээтигэр бүтэрбиттэрэ. Соторунан запустыыллар. Ариан Павлович хочуол дробилкаламмыт чоҕунан оттулларын, сылааһы тутан турарын, уот бардаҕына бэйэтэ холбонорун о.д.а. интэриэһинэйдэри соһуйан олоро түһүөхпэр диэри кэпсээтэ.

Уолаттар бары туруу үлэһиттэрин, бэрээдэк баар дьонун эбэн сэһэргээтэ, саҥа хочуол запустанарыттан астыналлар эбит.

Даҕатан санаттахха, Киирэпкэ онон 2 хочуолламмыттар. Уруккуттан үлэлэтээччи оскуоланы, кулуубу уонна чугастааҕы ыаллары сылытар, кыамтата улахан, оператордар алтыалар, ааспыт сезоҥҥа биир да саахалы таһаарбатахтара, онон кинилэр убаастабылга сылдьаллар. Таһаарыылаах үлэни баҕарыахха!

***

Мархатааҕы кууста начальнига А.Г.Солтуев нэһилиэккэ аҕыйах хонугунан кварталтан  5 ыала сылытар ситимҥэ холбононнор үөрүүлэрэ үрдүөҕүн тоһоҕолоото. Алексей Герасимович «Арыылаах» ХЭТ өҥөнү оҥорууга социальнай хайысхалааҕын бэлиэтээтэ. Ол курдук хас да сыллааҕыта тыыл, үлэ бэтэрээнигэр, соҕотох ийэҕэ о.д.а. сылытыы ким хайа иннигэр киирэн «абыраллаах Арыылаах» диэн ааттаммыттар. Бу да сырыыга социальнай хайысха эмиэ тутуһуллубут, инньэ гынан махтал тыллара өссө үрүлүйүөхтэрэ турдаҕа.

Халлаан туран биэрэн үлэлэр үмүрүйэн эрэллэр, аны аҕыйах хонугунан «ой, мороз, мороз, не морозь меня» диирбит кэлиэҕэ.

Онтон онно «Арыылаахтар» ох курдук оҥостубут буоланнар дьон-сэргэ кырыа кыһынтан саллыбат, саатар эрэ кэллин диирэ оруннаах.

Афанасий ИВАНОВ.