Балаҕан ыйын 27 к. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыннаһын күнэ. Бэлиэ түгэҥҥэ аналлаах тэрээһиннэр бүтүн Саха сирин үрдүнэн ыытылла тураллар. Бу күн биһиги Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтоспут уонна өрөспүүбүлүкэ өр сыллаах сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит биир дойдулаахтарбытын ахтабыт-саныыбыт уонна кэриэстиибит.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов, улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, Степан Васильев сиэн быраата Эдуард Данилов уонна да атын аймахтара, Дьокуускайга командировкаҕа тиийэн сылдьар уонна онно олорор биир дойдулаахтарбыт Дьокуускай куоракка саха норуотун уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэрэ Максим Аммосов, Платон Ойуунускай уонна Исидор Барахов соратниктара, киэн туттар биир дойдулаахпыт Степан Васильев пааматынньыгар сибэкки уурдулар.
Ньурба к. уонна нэһилиэктэргэ эмиэ үөрүүлээх миитиннэр тэриллэн, биллиилээх биир дойдулаахтарбыт пааматынньыктарыгар гирляндалар уурулуннулар. Ньурба к. буолбут тэрээһин киэҥ түһүлгэлээх оһуокайынан түмүктэннэ.
Геннадий АНТОНОВ.