Удьуордааһын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр айылгылаах диэн этэллэрэ мин бүгүн кэпсиир биир дойдулаахпытыгар сыһыаннаах дии саныыбын. Ол аҥардас утумунан бэриллэр дьоҕуругар, майгытыгар, дьоҥҥо сыһыаныгар эрэ буолбакка, олох-дьаһах боппуруостарыгар кытта көстөр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Киһи аан бастаан ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн баран бэйэтин кыаҕынан уонна сатабылынан олорор тиэргэнин дьаһайыыттан дьиэ кэргэн быһыытынан олоҕо саҕаланар. Туспа дьиэлээх, киэҥ-куоҥ тиэргэннээх дьоҥҥо ол кыаллар суол. Онтон барыта биир ыал оҕолоругар майгынныыр Ньурба куорат уопсай дьиэлэрин быыкаайык учаастактарын туһа туспа. Ол эрээри бэйэм бас билэр тиэргэним диэн сыһыаннаһан ис сүрэхтэриттэн кыһаллан дьаһанан олорор ыаллар биһиэхэ аҕыйаҕа суохтар.
Ирина Николаева Малдьаҕартан төрүттээх ытык ыал сыдьаана. Ийэтэ Егорова Елена Степановна диэн Малдьаҕар орто оскуолатын саамай элбэх сибэккинэн киэргэммит оскуола диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ сураҕырдыбыт биолог учуутал. Аҕата Михаил Петрович Николаев идэтинэн саха тылын учуутала, Малдьаҕарга өр сылларга физкултуура, история учууталынан, завуһунан, оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини туһунан истибэтэх улууска суох буолуо арааһа. Пенсияҕа тахсан баран унтуу тигэринэн дьарыктанар, быыстапкаларга нэһилиэгин аатыттан мэлдьи кыттар. Чугас дьонугар уонна атыыга анаан тигэр. Билигин даҕаны ол дьарыгын быраҕа илик.
Ирина Михайловна Уссурийскайга учуутал үөрэҕин бүтэрэн баран Уус Алдан Курбуһаҕар ананан 3 сыл үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар кэлэн Мархаҕа, 3 №-дээх оскуолаҕа, техлицейга учууталлаабыта, 10 сыл суукка сэкирэтээрдээбитэ. Билигин Ньурба 2 №-дээх оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлиир.
Ст.Васильев аатынан уулуссаҕа пенсионнай управление кэннигэр турар 2 мэндиэмэннээх эргэ уопсай дьиэ «Саахалланар туруктаах олорор дьиэ» бырагыраамаҕа киирэн 2027 с. диэри олохтоохтор саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр. Дьэ бу дьиэҕэ баар квартираны Ирина Михайловна ыал буолан баран 2003 с. атыыласпыттар. Уонна хайа күн көһөн кэлиэхтэриттэн тутатына тиэргэннэрин оҥостор түбүккэ түспүттэр. Кэргэнэ Александр Николаевич Григорьев бириистэҥҥэ үлэлээн пенсияҕа тахсан олорор. Уоллара Евгений быйыл Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училище (институт) 6-с саха устуудьуйатын бүтэрэн Ньурбаҕа ананна. Бу күннэргэ артыыс дипломун туппут эдэр исписэлиис онон Ньурбатааҕы драмтеатрга саҥа сүүрээн киллэрэн үлэтин саҕалыа.
— Ийэм чуолаан сибэккилэри олус сөбүлээн олордоро, — диэн ахтар Ирина. — Ыал улахан оҕото буолан ийэбин батыһа сылдьан көмөлөһөн илии-атах буоларым, олох кырабытан ийэм үүнээйилэри кытта бодьуустаһарын көрө улааппытым. Оскуолаҕа эрэ буолбакка, дьиэбитигэр эмиэ оҕуруоттаах этибит, сибэкки арааһын олордорбут. Дэриэбинэҕэ аан бастаан биһиги сибиэһэй оҕурсуу амсайарбыт. Онон бэйэм ыал буолаат тиэргэним төһө да кыараҕаһын иһин, сибэкки олордон киэргэтэргэ санаммытым. Биллэн турар, кэргэним көмөтө, сүбэтэ суох сатаммат, — диэн кэпсии-кэпсии Ирина Михайловна уһаайбатын көрдөрөр.
Калитканы аһан киирээти дьэ чахчы сибэкки ырайыгар киирбит курдук сананаҕын. Киһи хараҕа тута араас дьэрэкээн сибэккилэр быыстарыгар хантан эрэ кэлэн олорбут чаҕылхай халлаан күөх өҥнөөх жар-птица көтөргө хатанар. Бу сиэн балта Анна Кириллина оҥорон бэлэхтээбит Ирина тиэргэнин саамай көстүүлээх сиригэр турар киэргэлэ.
Уопсай дьиэ биир квартиратын кыра иэннээх учаастагын олус табыгастаахтык бэйэтэ толкуйдаан саадка аналлаах фигуркаларынан, скульптураларынан, декоративнай тэриллэринэн киэргэппит, кэргэнэ мастан оҥорбут араас быһыылаах иһиттэригэр, клумбаларга сибэккилэр өҥнөрүн табатык дьүөрэлээн тус-туһунан композиция оҥорбут. Бу ураты көстүүлээх тиэргэҥҥэ дьон билэн оннооҕор кэлэн хаартыскаҕа түһэн бараллар эбит.
— Олоххо бэйэм суолбун тэлэрбэр төрөппүттэрим оруоллара улахан, — диир Ирина Михайловна. — Чахчы хааммар баар быһыылаах диибин, сибэккилэри олус сөбүлээн олордобун. Тулабын кэрэнэн киэргэтэри туохтааҕар да ордоробун. 60-ча араас дьиэҕэ үүнэр сибэккилэрдээхпин, үксэ сайын таһырдьа тахсан тиэргэммин киэргэтэр. Ордук сөбүлээн орхидеялары, фуксия, клеродендрум Томпсона, аморфофаллюс, плектрантус, гибискус, хойя, лантана, хедера, циссус, циперус, хамедорея, строманта диэн сибэккиилэри олордон турабын. Сибэккинэн дьарыгырар дьон балары билэллэр. Таһырдьа үүнэр 25 араас сибэкки олордуллан турар бу. Сылын аайы уларыта сылдьан атын-атын суортары боруобалыыбын. Теплицалары кэргэним бэйэтэ туппута.
Иринаны батыһан теплицаларыгар киирэн көрөн баран олус сөхпүтүм: биир теплицаҕа дынялары сэргэ оҕурсуу, помидор, перец үүнэн турар. Иккис теплицаҕа помидордары кытта эмиэ перец, биир кирээдэни барытын арбузтар баһылаабыттар, дьэдьэннэр кытта кэккэлэспиттэр. Араас үүнээйи маннык бииргэ сатаан үүнүөн сөп эбит дуу диэбиппэр, Ирина: «Олус тапсан үүнэллэр, көрөҕүн дии, ас бөҕө биэрэллэр», — диэтэ. Теплицаларын туһунан эттэххэ, олохтоохтук оҥоһуллубут, муостата линолеумунан тэлгэтиллибит, барыта орун-оннугар бэрээдэктэммит. Биллэн турар, кэргэнин Александр Николаевич илиитинэн тутан-хабан оҥоһуллубут.
Таһырдьа кирээдэлэргэ кабачки, сүбүөкүлэ, моркуоп, укроп, хортуоска үүнэр. Моонньоҕон, хаптаҕас уктара, черемуха, бузина, рябинник, хатыҥ уонна үөттэр тиэргэҥҥэ бэйэлэрин миэстэлэрин булбуттар, силигилии үүммүттэр.
— Тиэргэммиттэн хаптаҕас, моонньоҕон хомуйан барыанньалаатым. Бэйэм остуолум аһын мантан барытын ылабын, лечо, араас салааттары оҥорон кыһыҥҥыга хаһаанабын. Куоратынан, Малдьаҕарынан ыытабын. Дьонум үөрэнэн хаалан номнуо кэһии күүтэллэр, хаһан оҥороҕун дииллэр, — Ирина сэһэргиир.
Дьиэ муннугар сир хаһыллан буочука тимирдиллэн турарын ыйыппытым, ардах уутун мунньаары кэргэнэ быйыл оҥорбут эбит. Оҕуруокка туһанар уутун сакаастаан куттарар буолан айылҕа биэрэр быйаҥын барытын сатабыллаахтык туһаналлар. Күнү күннүктээн быыс булбакка ити курдук Ирина тиэргэнигэр түбүгүрэр, сибэккиилэрин, үүнээйилэрин бэрийэр, онтон дуоһуйууну ылар.
Сотору кэминэн үөрэх дьыла саҕаланан Ирина Михайловна оскуолатыгар тиэтэйиэ, хаһыс да сылын ыытар «Флористика» куруһуогар бэйэтэ бүөбэйдээн үүннэрбит сибэккилэрин хатарбытын туһанан кыргыттары кэрэҕэ уһуйуо, быыстапкаларга кыттыахтара.
Лариса ДОРОФЕЕВА