Бу күннэргэ Москуба куоракка “Клинок: традиции и современность” Аан дойдутааҕы 47-с быыстапка ыытылынна. Биир дойдулаахпыт Александр Васильев-Байдам уус ситиһиилээхтик кытынна, 3 дипломунан наҕараадаланна. Уустарбыт истэр тухары араас улахан тэрээһиннэргэ кыттан, дойдуларын ситиһиилээхтик ааттата сылдьаллар, онон бу олус үөрүүлээх сонун.
Куйаар ситиминэн Александр Владимировичтан быыстапкаҕа кыттыытын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
“Аан дойду таһымнаах быыстапкаҕа мин 6-с төгүлүн кыттыым буолар, — диир кини. – Оҥоһуктарым үрдүктүк сыаналанан, 3 дипломунан бэлиэтэнним. “Серийнэй производство” категорияҕа “Национальнай быһах” диэн номинацияҕа куукуна быһахтарын күрэхтэһиилэригэр “Байдам” диэн быһахпынан бастаатым. Эмиэ “Серийнэй производство” категорияҕа “Кылгас куукуна быһаҕа” номинацияҕа (75-150 мм уһуннаахтар быһахтарга) “Кут” диэн быһахпынан 3 миэстэ буоллум. “Авторскай быһах” категорияҕа “Нож разделочный” номинацияҕа (150-220 мм уһуннаах быһахтарга) 3-с миэстэлэнним”.
Александр Васильев- Байдам уус саха быһахтарын уонна мамонт муоһуттан сувенирдары оҥорууга удьуор уус уонна улахан маастар быһыытынан биллэр. Утумнаахтык идэтин үрдэтинэр. Дьокуускайдааҕы 16 №-дээх профессиональнай училищены бүтэрэн 4-с разрядтаах ювелир-монтировщик идэтин, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын, Санкт-Петербургтааҕы технология уонна дизайн судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн “декоративнай-прикладной искусство уонна норуот үгэс буолбут дьарыктара” идэни баһылаабыта. СӨ Тимир уустарын сойууһун уонна урбаанньыттар “Сделано в Якутии” Ассоциацияларын чилиэнэ. Элбэх быыстапкалар кыайыылаахтара уонна призердара. 90-тан тахса быыстапкаҕа кытынна.
“Биһиги дьиэ кэргэнинэн бииргэ уһанабыт: ким быһах биилээн, ким кыынын маһын кыһан, ким тирии быһан, ким кыын тигэн, ким сакаас ылан, — диир Александр Васильев. — Үс оҕобут Саяна, Максим, Сандаара уонна кэргэним Татьяна Николаевна миэхэ күүс-көмө буолаллар. Инньэ гынан үлэ күүскэ оргуйар”.
Геннадий Антонов