Кылгас визитка
С.Н.Николаев 1985 с. Антоновкаҕа төрөөбүтэ. Чаппандаҕа, онтон Антоновка орто оскуолатыгар үөрэммитэ. 2009 с. М.К.Аммосов аатынан СГУ иһинэн Психология институтун бүтэрбитэ, психолог үөрэхтээх. Аармыйаҕа Кытай кыраныыссатыгар погран-сэриилэргэ сулууспалаабыта. Дьокуускайга оттук-уматык таһыытынан дьарыктанар чааһынай тэрилтэҕэ үлэлээбитэ, онтон сир кадастровай учуотун ыытар «Геометрия» ХЭТ-и тэрийэн үлэлээбитэ. Дойдутугар Ньурбаҕа көһөн кэлэн, «Север» ХЭТ УК-ны тэрийбитэ. Ньурба к. Комсомольскай уул. турар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри көрөллөрө-истэллэрэ, септик кирдээх уутун таһаллара. Онтон Салайар хампаанньатыттан тэйэн, салгыы эмиэ чааһынайга үлэлээбитэ. 2023 с. алтынньы 4 к. «Ньурба-Агро МТС» АУо генеральнай дириэктэринэн анаммыта.
Ааспыт нэдиэлэҕэ улуус биир бөдөҥ тэриллиилээх хаһаайыстыбатын – «Ньурба-Агро МТС» АУо-ҕа тиийэн үлэлэрин-хамнастарын билистим. Ааспыт сыл алтынньы ыйыгар тэрилтэ саҥа салайааччытынан Семен Николаев ананан үлэлии сылдьар. Улуус баһылыга Алексей Иннокентьевы кытта алтынньыга тиийэн кылгастык суруйан ааҕааччыларга билиһиннэрэн турабын. Онно Семен Николаев ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, киэҥ идиэйлээх-былааннаах киһи быһыытынан өйдөбүлү үөскэппитэ. Онтон ыла 4 ый ааста, ол иһин кинини көрсөн үлэтин-хамнаһын хайдах саҕалаан иһэрин билсэргэ сананным. Биир үтүө күн кинини кытта болдьоһон Крахмалга тиийдибит. Хотон таһыгар үлэһиттэргэ аналаах дьоҕус уопсай дьиэ тутуллан бүтэн эрэр, 2 киһи үлэлии сылдьар.
— Хайа, Семен Николаевич, алтынньыга кэпсээбит биир былааныҥ номнуо туолан эрэр эбит дии?
— Кэлэр нэдиэлэҕэ бүтэрэн үлэҕэ киллэриэхпит. Бу дьиэни Саҥа дыл иннинэ саҕалаабыппыт. Үлэһиттэр манна үрдүттэн олорон үлэлииллэригэр судургу уонна үчүгэй буолуоҕа.
— Хаһаайыстыбаҕа кыстык хайдах ааһан эрэрий?
— Кыстык этэҥҥэ ааһан иһэр. Сөп буолар оппут баар, хаачыстыбата даҕаны үчүгэй. Кыстык ортото буолла, билигин 280 т оттоохпут. Онон сүөһүлэрбит күөххэ үктэниэхтэригэр диэри дэлэччи тиийэр. Манна мин иннибинэ олорбут дириэктэр Н.И.Андреевка махталлаахпын. Кэмигэр дьаһаммыт буоланнар, от хаачыстыбата даҕаны үчүгэй.
Хотоҥҥо 170-тан тахса сүөһү кыстаан турар, онтон ынаҕа – 100. Кулун тутар ыйга маассабай төрүөх саҕаланыаҕа, онон ынахтар уолан эрэллэр. Биһиэнэ искусственнай сиэмэлээһин буолбатах, онон ынахтарбыт хойутуу төрүүллэр. Биир үксүн ол иһин баччаҕа диэри ыата тураллар. Күҥҥэ 280 л кэриҥэ ыанар. Былырыын 216 т үүтү туттарар былааннаахпытын кыранан аһара толорбуппут, ол иһин квотабытын эбэн биэрбиттэрэ. Быйыл 226 т үүтү туттарыахтаахпыт.
— Үлэһиттэргит ахсаана уларыйда дуо?
— Билигин 15 үлэһиттээхпит, барыта кэриэтэ эдэрдэр. Ол иһигэр хотоҥҥо — 4 ыанньыксыт, 2 бостуук, тарбыйах көрөөччү, биригэдьиир, астыыр-үөллүүр сыахха — маастар, технолог, лаборант, 2 оробуочай уонна салайар аппараакка — бухгалтеры кытта мин баарбыт. Сайын хас да киһи эбиллэр. Билигин даҕаны үлэһиттэр ахсааннара хамсыы турар: үүт аҕыйах кэмигэр маастар уоппускаҕа сылдьар.
— Семен Николаевич, үлэҕэ көрсүллэр кыһалҕалар уонна инники былааннар тустарынан тугу кэпсиэххиний?
— Мин киириэм иннинэ элбэх киһи уурайбыт этэ: кырдьаҕас ыанньыксыттар, уу таһар массыына суоппара, кинилэр бүтэһиктээх расчеттарын төлөөбүппүт. Кимиэхэ 100 тыһ. солк., кимиэхэ – 150 тыһ. солк. Аны эмискэ 2017 сыллааҕы нолуокка 600-тэн тахса тыһ. солк. иэс тахсан кэлбитэ. Моҥкурууттааһын кэмигэр нолуок сулууспата булан таһаарбатах этэ. Онон киирдэ-киирээт, үп-харчы өттүнэн ыктарыы буолбута. 2023 с. 3-с кыбаарталлааҕы нолуокка иэһи үп булан саппыппыт. Онтон сылгыы ахсынньыга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан, финансовай чэбдигирии бырагырааматынан 2 мөл. солк. ылбыппыт. Ол биһигини быыһаата. Грант үбүнэн иэстэрбитин төлөөбүппүт, хаалбыт 1 мөл. солк. хамнаска, уокка уо.д.а. барбыта. Онон билигин балаһыанньа арыый этэҥҥэ, хамнаска уонна нолуокка иэспит суох.
Биир кыһалҕа быһыытынан ынахтарбыт кырдьаҕастарын ааттыыбын. Орто саастара – 12-13, бэл диэтэр, 17 саастаах ынах баар. Оттон 7-8 саастаах ынах ахсаана отой аҕыйах, биэс тарбах иһинэн. Онон сыллата үүттэрэ тардан, аҕыйаан иһэр. Солбук гынар сүөһүбүт отой суох. Хаһаайыстыбаҕа сүөһүнү саҥардарга былаан ылынныбыт.
Иллэрээ сыл тутуллубут хотоҥҥо Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хайысхатынан толуйуу харчытын ыларга киирсэн эрэбит. Хотон тутуутун ороскуотун 90%-на төннүөхтээх. Эрдэ манна киирсэ сатаабыттарын усулуобуйатын уларыппыттар этэ. Ону кэпсэтэн 100 төбөҕө диэри диэн төттөрү уларыттардыбыт. Бу харчыта кэлэр түгэнигэр тэрилтэни сайыннарарга туһаныахтаахпыт. Быһа холоон 33 мөл. солк. суоттанабыт, тоҕо диэтэххэ толуйуутугар иллэрээ сыл 5 мөл. солк. биэрбиттэр этэ. Красноярскай кыраайтан племенной сүөһүнү иитэр хаһаайыстыбаттан быһа холооон 17 мөл. солк. суумаҕа кыһыл-эриэн боруода 66 туҥуйу (1 «скотовозка» 33 ынах батар) аҕаларга былаанныыбыт, бастакы кэпсэтиитэ баран турар. Сылга 5-тии туонна үүтү биэрэр боруода ынахтар.
Хаһаайыстыба акционердара уонна улуус салалтата дьоҥҥо-сэргэҕэ үрүҥ аһылыгы атыылаан харчыны киллэрэргэ, үлэһиттэргэ үчүгэй хамнас төлүүргэ уонна тэрилтэни кыаҕырдарга сорук туруораллар. Толуйуу харчыта кэллэҕинэ сороҕун үүтү астыыр сыахпытын саҥардарга туттар санаалаахпыт. Симиэтэтэ оҥоһулла сылдьар. Бу олоххо киирэр түгэнигэр билиҥҥи курдук аҥардастыы сүөгэйи уонна чохоону эрэ оҥорбокко, холбуй үүтү туһаҕа таһааран суораты, йогурту, кефири астыа этибит. Итини сэргэ үүтү ультрапастеризациялаан, хараллар болдьоҕун 6 ыйга тиэртэхпитинэ ханна баҕарар илдьэн батарыахпытын сөп. Племенной атыы ороскуотун нөҥүө сылыгар министиэристибэ толуйар. Оннук гынан ынахтарбытын саҥардан, ахсаанын 150-ҥа тиэрдэри толкуйдуубут. 1 вагон, ол эбэтэр 66 туонна 20 компоненнаах «Убойный комбикорм» диэни сакаастаатыбыт. Олунньу 20 к. диэкки манна кэлиэхтээх.
Биир улахан кыһалҕабыт – оттуур сирбит. Куочайга оттуур сирдээхпит эрээри, докумуонунан хаһаайыстыбаҕа буолбакка, Антоновка оскуолатыгар сыһыарыллан сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай бырагыраамаларга кыттар хаһаайыстыба регистрациялаах ходуһа, мэччирэҥ сирдээх буолуохтааҕа ирдэнэр. «Уһук-илиҥҥи гектар» сокуона олоххо киирэригэр, Куочай сирэ көмүскэллээх буоллун диэн, оччолорго хаһаайыстыба уустук балаһыанньалааҕын учуоттаан Антоновка оскуолатыгар сыһыарбыттар эбит. Кэмигэр сөпкө дьаһаммыттар. Ол эрээри ити кэнниттэн тэрилтэ аатыгар көһөрүллүбэтэх эбит. Онно көһөрөргө техническэй үлэтигэр сүүһүнэн тыһ. солк. наада. Антоновкаҕа улуус 2023 с. үлэтин отчуотугар ити боппуруоһу туруорсубуппун, «үлэлэһиэхпит» диэн боротокуолга киллэрбиттэрэ. Улуус баһылыга КИО-ҕа сорудахтаабыта, онон кинилэрдиин үлэлэһиэхтээхпит. Ынахтарбыт кэлэн төрөөтөхтөрүнэ-ууһаатахтарына биһиэхэ кырата 1000 т от наада буолуо. Ол иһин манна күүскэ үлэлэһиэх кэриҥнээхпит. Хотон тутуутугар толуйууну ылбат түгэммитигэр саппаас эмиэ былааннаахпыт. Онон хайа баҕарар түгэҥҥэ биһиги бэлэм буолуохтаахпыт».
Аны билигин тылы ыстаарсай ыанньыксыт Алексей Егорович Суздаловка биэриэҕиҥ: «Мин алтынньы 6 к. киирэн үлэлии сылдьабын. Бары эдэрдэрбит, үлэһиттэр орто саастара – 35. Сааһынан саамай аҕабыт бостуук Давыд Николаев 50-чалаах. Ынахтар туруктара үчүгэй. Билигин 3 ыанньыксыт баар, ынахтарбыт уолан эрэллэр. 100-чэ ынахтан 60-на ыанар. Ректальнай чинчийии көрдөрбүтүнэн, ынахтарбыт 90%-на уулаахтар. Сарсыарда 6 ч. 30 м. кэлэн үлэлиибит. Үлэлииргэ усулуобуйа баар: тэрилтэ массыынатынан таһаллар, манна үрдүттэн итии аһылыгынан хааччыйаллар. Эбиэккэ уонна киэһэ аһыыбыт. Хамнаспыт кэлэ турар, ыйга 2-тэ ылабыт. Тыраахтырынан оту киллэрэллэр, сааҕы таһаараллар. Тарбыйах көрөөччүбүт 50-ча борооскуну холбуу үүтүнэн аһатар. Хотон таһыгар дьиэ тута сылдьабыт. 2 ыал олорор дьиэтэ буолар. Кэлин сүөһүлэрбит элбээтэхтэринэ эдэр дьон үлэлии кэлэригэр баҕарабыт. Инники былаан элбэх».
Геннадий Антонов