Кэнники кэмҥэ бэйэ дойдутугар оҥоһуллан тахсар хаачыстыбалаах аһы аһааһын доруобуйаҕа туһалаах диэн өйдөбүл олохпутугар чиҥник киирэн эрэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ону ааһан маннык сыһыан улууспут экономиката бөҕөргүүрүгэр эмиэ өйөбүллээх буолара саарбаҕа суох.
Онно сыллата олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччыларга, бэйэ дьыалатын саҕалааччыларга судаарыстыба өттүттэн араас өрүттээх көмө, өйөбүл көрүллэрэ төрүөт буолар. Улууспутугар бу дьыалаҕа ылсааччылар ахсааннара эмиэ элбиир. Бэйэбит астаабыт аспыт-үөлбүт хаачыстыбата даҕаны ханнык баҕарар атаҕар бигэтик турбут, улахан ааттаах-суоллаах тэрилтэлэр бородууксуйаларын кытта күрэстэһэр кыахтаах.
Биллэн турар, бэйэ дьыалатын арыйан дьону аһынан-үөлүнэн хааччыйыы мээнэ киһи ылсыбат, манан аҕай дьыала буолбатах. Ордук дьон санаатын табар уустуга сэрэйиллэр. Бастакы хардыыны оҥороргор уонна дьиэ кэргэниҥ өйөбүлэ улахан оруолу ылар.
«Бэйэ оҥоһуута хаачыстыбалаах бородууксуйаны астаан батардахпына дохуоттаныахпытын сөп эбит», — диэн санаа көтөн киирэн, Евгения Гурова кэргэнин кытта сүбэлэһээт 2019 сыллаахха ИП тэриммиттэрэ. Евгения Михайловна бэйэтэ английскай тыл учуутала үөрэхтээх, идэтинэн үлэ булбакка «Кэскил» уһуйааҥҥа ол саҕана иитээччинэн үлэлиирэ.
Кини ас астыырга ылсыбыта түбэспиччэ буолбатах. Бурдук аһы астыырын оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүрэ. «Дьиэ иһэ субу аҕай буһан тахсыбыт килиэп сытынан тунуйара оҕо сааһым умнуллубат кэмиттэн саамай минньигэс сыт. Аан бастакы оҥорбут бурдук аһым — килиэп. Бэйэҥ бурдугу мэһийэн килиэп буһан тахсара туспа абылыыр аптаах. Дьиэбэр күн аайы килиэп буһарар этим, наһаа минньигэс буолааччы. Куукунаҕа хас да чааһы быһа ас астыы-астыы сылдьыахпын сөп. Билигин Интернет үйэтигэр араас интэриэһинэй рецептэри булан боруобалыырга кыах баар», — диир Евгения.
Бырааһынньыктарга эрэ буолбакка быыс буллар эрэ үлүһүйэн туран амтаннаах аһы астаан дьонун үөрдэрэ. Ыал буолан баран дьиэ кэргэнин күннээҕи остуолугар бэйэтин илиитин сылааһа иҥмит бурдук аһы оҥорон күндүлүүрүн астынар. Олоҕун аргыһа, кэргэнэ Павел повар үөрэхтээх, Дьокуускайга рестораҥҥа, онтон Ньурбаҕа «Изабелла», «Татыйыына» маҕаһыыннарга үлэлээбит уопуттаах. Ити курдук икки майгыннаһар айылгылаах, сөбүлүүр дьарыктаах дьон Дьокуускайга булсан, ыраах Өймөкөөн кыыһа Евгения кэргэнин дойдутугар Ньурбаҕа көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Дьиэ кэргэн хоббита ити курдук кэлин дьоҕус биисинэскэ кубулуйбута.
Кинилэри ханна да суох, ким да сатаабат сонун аһын астыыллар диэбэппин эрээри, эдэр урбаанньыт астаабыт аһын атыылаһан боруобалаан сэҥээрбит Ньурбаҕа элбэх. Маннык бэлэм, дьиэҕэ астаммыт бэйэ оҥоһуута бурдук астар, полуфабрикаттар атыыга бааллара бириэмэтэ ыгым хаһаайкаҕа олус абыраллаах.
Инньэ гынан 5 сыллааҕыта Евгения дьиэтигэр бастакы 3 киилэ пельменнэрин оҥорон, ол саҕана «У Ли-ли» дьиэтигэр баар «Дары Нюрбы» диэн ааттаах маҕаһыыҥҥа атыылата туттарбыттара. Пельменэ начаас атыыланан бүппүтүттэн, хоббилара дохуот киллэрэн барбытыгар кэргэнниилэр олус үөрбүттэрэ.
— Сыыйа дьон сөбүлээн атыылаһар буолбуттара, — диэн сэһэргиир Евгения. — Сакааһым элбээн дьиэ куортамнаабыппыт, маҕаһыыннары кэпсэтэн килиэптэн саҕалаан араас бурдук астары, полуфабрикаттары оҥорон туттарар буолбуппут.
Элбэх пельмени илиинэн оҥорор ыарахана биллэр, бириэмэни даҕаны эрэйэр. Ол иһин улуустааҕы социальнай көмүскэл нөҥүө соц.хантараак түһэрсэн, 120 тыһ. солк. суума көрүллэн бастакы оборудованиебытын ылбыппыт, дьыалабытын регистрациялаабыппыт. Бу улахан көмө этэ. Онтон 2022 сыллаахха олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттан улуустан үп көрүллэн пельмени оҥорор саҥа оборудование атыыластыбыт.
Биһиги иккиэн сөбүлүүр дьыалабытынан дьарыктанар буолан биир өттүнэн чэпчэки. Дьиэ кэргэммит даҕаны олус чугастыы сыһыаннаах буоллубут.
Билигин Евгения Михайловна Гурова Антоновкаҕа баар астыыр сыаҕар пельмень, кэтилиэт, тефтель, фрикаделька, голубцы, манты, гедза оҥоһуллан тахсан куорат киинигэр турар кыра киоск-остановкаҕа атыыланар. Маны сэргэ бэрэски, чебурек, беляш уонна тиэстэҕэ сосиска мэлдьи атыыга баар.
— Туох баар бурдук аспытын барытын кэргэним Павеллыын иккиэн илиибитинэн тутан-хабан оҥоробут. «Изабелла» ХЭТ-кэ килиэп, бэрэски, чебурек, беляш астыыр мындырдарыгар үөрэппиттэрин махтана саныыбыт. Пельмень оборудованиета чааска 150 кг оҥорор буолан билиҥҥитэ туттубакка турабыт. Онон барыта илии үлэтэ, — диэн эбэр асчыт.
Элбэх ассортимены астыырга кинилэргэ хотуна Екатерина Егоровна, ону таһынан Валентина Николаева көмөлөһөллөр. Улахан уолаттара Кирилл, Дима эмиэ дьонноругар илии-атах буолан туһалыыллар. Эдэр ыал 3 оҕолоохтор, Кирилл -10 кылааска, Дима 9 кылааска Ньурба 2 №-дээх оскуолатыгар, кыралара София Антоновка оскуолатыгар 1 кылааска үөрэнэллэр.
— Кулун тутартан ити кыра киоск куортамнаан аспытын онно атыылыыбыт, — диир Евгения. — Атыыһытым быстах кэмҥэ үлэлии турар, атыыһыт булар ыарахаттардаах эбит. Иккис сайынын миэхэ Антоновка уонна 2 №=дээх оскуола оҕолоро көмөлөһөн абыраатылар. Бэйэлэрэ кэлэн кэпсэтэн дуогабарынан үлэлээн хамнас ааҕыстылар.
Былааммытыгар бородууксуйабытын Дьокуускай куорат эҥин диэки илдьэн туттарыахпытын баҕарабыт. Бастакы сыалбыт — үлэлиир дьиэбитин кэҥэттии, сыахпыт кыра баҕайы. Ол кэннэ аны үлэһиттэр наадалар. Иккис сыалбыт — кыра маҕаһыын астыы, онно барыта олохтоох бородууксуйа атыыланыан баҕарабыт. Куруук бэйэҥ эрэ үлэлииргэ атын сыалы сатаан ситиспэт эбиккин, бириэмэҥ тиийбэт.
Хаһан эрэ омук тылыгар оҕолору уһуйуом диэн учуутал идэтин талбыт хоту дойду кыыһа Евгения Гурова күн аайы бурдук мэһийиэм диэн ыраламматаҕа чахчы. Дьылҕата кинини Ньурбаҕа сирдээн аҕалан билигин бурдук ас арааһын астыыр бэйэтэ туспа суоллаах урбаанньыт буолла. Онон дьиэ куукунатыттан саҕалаан кыра сыахха тиийэ улааппыт бэйэ сөбүлүүр дьарыга салгыы кэҥээн иһэригэр баҕарабыт.
Лариса ДОРОФЕЕВА.