Бурдук хомууругар

Балаҕан ыйын 28 к. улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушкановы уонна СӨ «Сир оҥоруутун сулууспата» тэрилтэ улууска кылаабынай агронома Егор Филипповы кытта Кураан бааһынатыгар уонна Сүлэҕэ «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» ХЭТ базатыгар сырыттыбыт.

Кураан бааһынатыгар 2 сылгы үөрэ хаалан куота сүүрэн сылдьаллар, ынах сүөһүлэри таһаартаабыттар. 2 комбайн бурдук хомууругар үлэлиир.

«Енисей-1200» комбайнера Виктор Егоров кэпсииринэн, халлаан туран биэрбит кэмигэр сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Иккис, японскай комбайыҥҥа Максим Попов сылдьар, хомуллубут бурдуктарын тыраахтырыыс Василий Мажировскай бырысыабынан таһар. Кини Көтөр фабрикатыгар уоппускатын кэмигэр кэлэн үлэлиир эбит.

«Бааһынаҕа сүөһү-сылгы элбэхтэ киирэн үлэбитигэр улахан мэһэйдэри үөскэтэр, — диир Виктор Егоров. – Хайдах да үүртэлээн таһаарбыппыт, алдьаммыт күрүөнү өрөмүөннээн оҥорбуппут иһин, син-биир киирэ тураллар. Дьиҥэ, бурдук үүнүүтэ куһаҕана суох. Билигин саамай үүнүүлээх өттүн хомуйа сылдьабыт, сороҕо дэлби тэпсиллэн сытан хаалбыт, ону ыла сатыыбыт. Халлаан ардаабакка туран биэрдэр, сотору бүтэриэ этибит. Бурдугу сороҕун сенажка диэн ыыппыттара, урбаанньыт Петр Ноговицын киирэн сенажтыы сылдьар».

Егор Филиппов бурдук муҥутаан ситэн тохтубакка турарын, кэмигэр хомулларын бэлиэтиир. «Сайын курааннаан бурдукпут хойутаан ситтэ, — диир кини. — Бурдук үүнүүтэ үчүгэй, ортотунан гааттан 18 цн ыларга суоттанабыт. Быйыл былаан быһыытынан 240 туонна эбиэс бурдук хомуллуохтаах. Халлаан туран биэрдэҕинэ уонна тиэхиньикэ этэҥҥэ үлэлээтэр эрэ, итини толоруо этибит. Комбайыннар эргэлэр, үлэлии сылдьыбыт тиэхиньикэлэри атыыласпыттара. Онон алдьаныы-кээһэнии буоллаҕына, үлэҕэ бытаарыы тахсар. Саамай кыһалҕабыт – сүөһүлээх-сылгылаах дьон өйдөөбөтө буолар, сиэккэ күрүөнү соруктаах аханнык болоскубуусанан-чыскынан быһыта тыытан бааһынаҕа сүөһүтүн-сылгытын киллэрэр. Сүөһү сургуйдаан күрүөнү алдьаппыта баар эрээри, оннук аҕыйах. Ынахтарын үүтүн эптэрээри, сылгыларын, убаһаларын уотаары итинник киллэрэ тураллар. Бу барыта үлэҕэ мэһэй-таһай буолар».

Эмиэ манна мелиоратор Петр Кононов элбэх сыллаах от сиэмэтин хомуйа сылдьар. Иллэрээ сыл Мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы филиала Курааҥҥа 34 гааҕа «кострец безострый» диэн элбэх сыллаах от сиэмэтин ыспыт. Онтулара ситэн син үчүгэйдик үүммүт.

«Бу сиэмэни хомуйан, нүөлсүтүллэр ходуһаларга уу кыайан тахсыбат үөһээҥҥи сирдэригэр ыһан, от үүнүүтүн үрдэтэргэ үлэлиэхтээхпит, — диэн кэпсиир Егор Филиппов. — Быйыл люцерна от сиэмэтин атыылаһан, Куочайга 38 гааҕа ыстардыбыт, Куочайга ситэри уу кыайан тахсыбат сирдэригэр ыһарга анаан. Быйыл сир тоҥоруон иннинэ Маар уонна Хаҥалас бааһыналарыгар 40 гааҕа элбэх сыллаах от сиэмэтэ ыһыллыахтаах».

Сүлэҕэ Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатын базатыгар тиийэ сырыттыбыт. АГАТУ устудьуоннара «Очиститель вороха семян передвижной» диэн аналлаах оборудованиеҕа эбиэс бурдугу ыраастааан, кууллаан тыраахтыр бырысыабыгар тиэйэн манна аттыларыгар баар ыскылаакка ууран иһэллэр. Уолаттар эдэр дьон диэх курдук, туттуулара-хаптыылара түргэн уонна эрчимнээх. Номнуо 1700 куул буолбут. Ыстаарсайдара — инженернэй факультет магистрана Семен Николаев, түөртэр.

«Биһиги бары араас улуустартан кэлэ сылдьабыт, — диир Семен Николаев. – Мин – Бүлүүбүн, Баев Михаил — Таатта Чөркөөҕүттэн, Ларев Эрик — Муоматтан, Гаврил Васильев — Дьокуускайтан. Бэркэ тапсан үлэлии сылдьабыт, Сүлэҕэ сайылыкка чааһынай дьиэҕэ бииргэ олоробут. Усулуобуйабыт үчүгэй. Мин былырыын эмиэ Ньурбаҕа кэлэн үлэлээбитим. Номнуо былырыыҥҥы көрдөрүүнү аһардыбыт, 50-тан тахса туонна ыраастанан уурулунна. Сотору үөрэхпитигэр ыҥыраллара буолуо, бииргэ үөрэнэр оҕолорбут номнуо үөрэнэ сылдьаллар. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ идэбинэн үлэлиир былааннаахпын».

Геннадий АНТОНОВ.