Римма уонна Данил Филипповтар үйэлэргэ умнуллубат кэрэ бэлэҕи сиэннэригэр уонна бар дьонноругар «Дьиэ кэргэн түмэлин» арыйан бэлэх ууннулар. Бу дьиэ кэргэн быыпсай кинээс Аппанаас Сүөдэрэп аймахтара буолаллар. Ол курдук үс киһи үйэтин уҥуордаабыт ампаар дьиэни урут Өҥөлдьө сириттэн Чуукаарга көһөрөн аҕалан ампаар оҥостон турбуттарын Е.М. Поликарпов аатынан «Эйгэ» норуот айымнбытын киинин уус-уран салайааччыта Андрей Сивцев — Сэргэн Лэкээрин көҕүлээн, тэрийсэн, сиэннэрэ Даниель илии-атах буолан көмөлөһөннөр бүгүн дьиэ-кэргэн түмэлэ арылынна.
Түмэлгэ 150 араас мал-сал, иһит хомуос маны таһынан 1000 кэриҥэ кинигэ, сурунаал, 18 үйэтээҕи туос уонна удьурхайтан оҥоһуллубут түҥ иһиттэр, үрүҥ көмүстэн туттар маллар, ороннор, сундууктар бааллар.
Дьиэ кэргэн түмэлэ арыллыытыгар олохтоох дьаһалта аатыттан Владимир Петрович Филипповтар дьиэ кэргэттэргэ сэмэй бэлэх, махтал сурук, норуот айымньытын киинин директора Лариса Семеновна эҕэрдэ суругу кытары экспонаттарын хаҥатан былыргы балыксыт тымтайын бэлэх ууннулар. Кэлбит ыалдьыттар түмэлгэ салама баайан киирдилэр, дьиэ хаһаайката ыалдьыттарын саламаатынан, алаадьынан, быырпаҕынан, лэппиэскэнэн күндүлээтэ.
Ыалдьыттар түмэли көрөн сэргээтилэр, көрдүлэр-иһиттилэр, баҕа санааларын эттилэр. Инникитин оскуола үөрэнээччилэрэ халлаан сылаас кэмигэр төрүт үгэс уонна саха тылын уруоктарыгар бу түмэлгэ үөрэнэ уонна үөрэтэ кэлиэхтэрин баҕаралларын тириэртилэр.
Дьэ бу курдук түөрт үйэни ситимниир дьиэ кэргэн түмэлэ бар дьону төрүт култуураҕа үөрэтэ-такыйа турдуҥ, өссө сайдан истин диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Сэргэн Лэкээрин