Алтынньы 20 к. Бүлүү куоратынан ааһар аспаалламмыт федеральнай суол учаастагын (572-578 км) уонна Чапаев аатынан муниципальнай уулусса үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
«РИК Автодор» гендириэктэрин солбуйааччыта Сергей Никифоров иһитиннэрбитинэн, бу икки эбийиэккэ Ньурбатааҕы филиал 2 биригээдэтэ үлэлээтэ. Бүлүү куоратынан ааһар 6269 м усталаах суол учаастага 4-с тэхиниичэскэй категорияҕа тиэрдилиннэ. Суол 3-түү миэтирэ кэтиттээх 2 балаһалаах. Суол аспаал бүрүөһүннэнэн, тимир көлөлөөх уонна сатыы дьон сылдьарыгар эргиччи табыгастаах буолла. Суолунан сырыы куттала суох буоларын хааччыйар инниттэн, тупсаран оҥоруу бары үлэтэ толорулунна: 5,4 км уулусса сырдатыыта тардылынна, 44 светофор туруорулунна, 5,1 км сатыы дьон уулуссаны туорааһына уонна тротуардар, 1,3 км перилалаах аҕыраада, 5 оптуобус тохтобула оҥоһулунна. Массыына тохтуур элбэх сирдэрэ – парковкалар уонна стоянкалар, хас биирдии дьиэҕэ туораан тахсыы, суол разметката оҥоһулунна, саҥа суол бэлиэлэрэ, барьердаах аҕыраада туруорулунна.
Манна Петр Александров диэн Антоновкаттан төрүттээх учаастак салайааччытын салалтатынан 130-ча киһи үлэлээтэ. Көстөрүн курдук, кинилэр элбэх өрүттээх үгүс үлэни толордулар. Бу үлэ уопсай суумата сөҕүмэр – 1 млрд. 250 мөл. солк.
Оттон иккис эбийиэк — Чапаев уул. аспааллааһын 65 мөл. солк. сыаналаах. Учаастак начаалынньыга Марк Мастахов салалтатынан 30-ча киһи үлэлээтэ.
2 эбийиэгинэн элбэх тиэхиньикэ тардыллан үлэлээтэ: асфальтоукладчик, 4 каток, 12 самосвал, 2 грейдер, аспаал-бетон собуота, 4 экскваватор, 3 бульдозер уо.д.а.
Бу дьоһуннаах бырайыактар федеральнай биэдэмистибэлэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн уонна «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» нацпроект чэрчитинэн олоххо киирдэ. Бүлүү сүнньүн атын даҕаны улуустарын дьоно-сэргэтэ бу түгэни күүппүттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, федеральнай тыраасса Бүлүү куоратыгар бу аспаалламмыт учаастагынан ааһар, итиэннэ Бүлүү куорат бары киин уулуссаларын кытта ситимнээх.
«Бүлүү» федеральнай суол Салалтатын салайааччыта Николай Андреев суолу тутааччыларга үлэлэрин иһин истиҥник махтанна, итиэннэ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар, «Якутскэнерго» ПАО, «СӨ ОДьКХ» ГУП, «Сахатранснефтегаз» АО, «Ростелеком» ПАО филиала «Сахателеком» салалтатыгар уонна кэлэктииптэригэр көдьүүстээх бииргэ үлэлэрин иһин махталын тиэртэ. Биир сүбэнэн үлэ түмүгэр кэмигэр суол устун гаас уонна ититии ситимнэрин, уот уонна сибээс линияларын саҥаттан тардан оҥордулар.
Бүлүү куоратынан ааһар аспаалламмыт федеральнай суол учаастагын уонна Чапаев аатынан муниципальнай уулусса үөрүүлээх аһыллыытыгар үлэһиттэргэ наҕараадалар туттарылыннылар. Ол курдук «РИК Автодор» Ньурбатааҕы филиалын дириэктэрэ Владимир Куприянов «Арассыыйа бочуоттаах суол тутааччыта» бочуоттаах ааты сүктэ. Элбэх киһи РФ тырааныспарын миниистирин Махталынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччытын Махтал суругунан, СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, «Упрдр «Вилюй» Бочуотунай грамотатынан, Махтал суруктарынан уо.д.а. бэлиэтэннилэр.
Федеральнай суол агентствота бигэргэппит А-331 «Бүлүү» федеральнай суолу сайыннарыы бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн, бастакы уочарат нэһилиэнньэлээх пууннар чэрчилэринэн ааһар суол учаастактарын нормативнай турукка тиэрдэргэ үлэ ыытыллар. Күн бүгүн Саха сиригэр А-331 «Бүлүү» тыраасса 600-тэн тахса км аспаалланна.
Эһиил Ньурба суолу тутааччылара Бүлүү улууһугар Чыбыыдаҕа федеральнай суол 598-608 с. км-гар саҕаламмыт өрөмүөнүн ситэрэн хаалбыт 6 км аспааллыахтара. Итини таһынан Ньурбаҕа уонна ыаллыы улуустар сакаастарынан эмиэ үлэлииргэ былаанныыллар.
Геннадий Антонов
Социальнай ситимтэн хаартыскалар туһанылыннылар.