🥒🥒🥒🌶🌶🌶🍅🍅🍅Хаҥалас нэһилиэгэр “ Алаас Хотуна” эбээлэр түмсүүлэрэ (сал. Адамова А.С.) нэһилиэк общественнай олоҕун сүрүн хамсатааччылара эрэ буолбакка, дьиэ кэргэннэрин олоҕун уйгутун, экономикатын тупсарыыга биир тутаах үлэһит дьоннор.
Ырыаҕа ыллыылларыныы:“ Эбээ курдук түбүктээх, эбээ курдук үлэлээх ким да баарын билбэппин…”-диэбиттии сайын кэлиитэ кинилэргэ дьиэ иһэ сиэннэринэн туолуута,оҕо аймах оонньуутунан- көрүнэн, эбээ барахсан куукунатын остуола, дьиэтээҕи холодильник аһынан-үөлүнэн туоларынан саҕаланар.Онно биир улахан эбиилик эбээлэргэ оҕуруот аһын көрүүтэ, истиитэ.
Саамай бастыҥ оҕуруотчуппут, хоһуун үлэһит эбээбит Сусанна Анисимовна Семенова. Кини сынньалаҥҥа да олордор,эбээ бары оруолун толорон, кыһынын куоракка сиэннэрин көрсөн, саас куораттан эрдэ ахтылҕаннаах Хаҥалаһыгар кэлэн, сайыҥҥы күннэргэ үүнүөх айылааҕы барытын үүннэрэн күннэтэ бокуойа суох түбүгүрэр.
Бэс ыйын саҥатыгар Сусанна тэлгэһэтигэр ыалдьыттаан сөҕө махтайа көрбүттээхпин. Икки улахан бааһынатыгар хортуоска, хаппыыста, сүбүөкүлэ,моркуоп киэҥ сиринэн тайаан үүннэрбит.Ону таһынан 3 теплицаҕа, 4 парникка оҕурсуу, помидор, арбуз, клубника перец о.д.а үүнэйилэр номнуо астанан тураллара.Бу айылаах өлгөм үүнээйини киһи сөҕөрө диэн Сусанна Анисимовна суос соҕотоҕун ким да көмөтө суох үүннэрэр, аҕам саастаах киһиэхэ дьэ иҥиир, сүрэх бэлэс диэтэҕиҥ. Бу туһунан ыйыталаспыппар кини маннык кэпсиир- “Үлэни сыаналыыр күн бокуойа суох үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ улааппытым,онон оҕо сааспыттан үлэҕэ сыстаҕаспын.Сарсыарда биэстэн уһуктан, телефон көрө түһэн баран, алта диэкки оҕуруоппар тахсабын.Быйыл кустарниктары Ирга, Клен сибэккилэнэр талахтары, яблонялары, малина араастарын, моонньоҕон, элбэх сыл үүнэр дьэдьэннэри, слива,вишня, ежевика крыжовник олордон дуоһуйан, үөрэн сылдьабын.Аны элбэх сыллаах сибэккилэри олордон саҕалаан эрэбин.Уутун таһыытын ыарырҕатар этим, быйыл нэһилиэкпитигэр водопроводпыт үлэлиир буолбутуттан олус астынан сылдьабын.Эдэр дьоҥҥо, ыалларга бу уустук, ас таҥас сыаната күннэтэ ыарыы турар кэмигэр бэйэ үүнээйитин хото үүннэрэн оҕолоргутун бэйэҕит үүннэрбит битэмииннэх, минньигэс аһынан аһатыҥ, үлэни таптыырга сыһыаран иитиҥ,сирбит барахсан быйаҥыттан бэрсэ туруо диэн баҕа санаабын тиэрдэбин”.
Киэҥ тэлгэһэтигэр икки дьиэтин сиэннэрэ кэлэллэригэр бэлэмнээн, сууйан сотон кырааскалаан кээспитин киһи астына көрөр, аны аҕыйах сылынан тэлгэһэтэ бэйэтэ кырасыабай саад буолан көстүүһү. Эбээ Сусанна хас биирдии үүнээйитин оҕолуу кэпсэтэн бүөбэйдээн, номнуо бастакы урожайын- оҕурсууларын быһан амсайбыта ыраатта.
Үлэни өрө туппут, саха далбар хотунун кутун-сүрүн иҥэринэ сылдьар, хас биирдии үүнэр күнү дьылҕа бэлэҕин курдук ылынан туһалаахтык атаара сылдьар хоһуун үлэһит эбээ Сусанна Анисимовнаҕа быйылгы самаан сайын быйаҥыттан бэрсэ, чэгиэн туругу аҕала турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Мария Николаева, Хаҥалас