Чаппандаҕа сарсыардаттан сахалыы тэтимнээх дэгэрэҥ ырыа дьиэрэйэр

Олохтоохтор эдэрдиин-эмэнниин саҥа оскуола тиэргэнигэр тиэтэйэллэр. Сэрээккэлии, чэбдигирэ, эти-хааны уһугуннара!

Былырыыҥыттан нэһилиэкпитигэр «Айар кут» медиа-киин «Дойдум миэнэ Чаппанда» бырайыак чэрчитинэн култуура десанынан кэлэн үлэлииллэр. Салайааччы – бэйэбит уолбут, кэскиллээх ыччаппыт Егор Иванов.

Киһи хапытаалын сайыннарыыга, үүнүүгэ-сайдыыга туһуламмыт бырайыак иһинэн республика култууратын, искусствотын эйгэтигэр ааттаах-суоллаах дьон түмсэн, ба5алаахтары фольклорга, саха төрүт музыкальнай инструменнарыгар, үңкүүгэ уһуйаллар. Ону таһынан, чаппандалар төрүппүт Улуу Омолдоон туһунан «Уол о5о, ат кулун Омолдоон» диэн музыкальнай испиктээкил туруохтаах.

Скульптор, худуоһунньук Вячеслав Кулачиков скульптуралара ситэриллэн, федеральнай айан суола ааһар Улуу Сыһыытыгар туруоруллуохтара. Десант үлэтин күннэтэ идэтийбит фотограф, видеограф куйаар ситимигэр сырдата тураллар. Манна аңардас Чаппанда эрэ олохтоохторо буолбакка, оройуон бары интэриэстээх дьоно «Көй дуораана» фольклор дьарыктарыгар сылдьан дьо5урдарын сайыннарыахтарын сөп.

Лина Семенова.

Читайте дальше