Дьыл кэмэ кэлэ кэлэрин туоһута,
Күһүҥҥү айылҕам бэлэҕин
Сир аһын хомуйуу үгэнэ
Барыта күүтүүлээх, кэрэлээх.
Хортуоскам хомуллуо, хараллыа,
Хотонум бүрүллүө, сыбаныа,
Барыта наадалаах, туһалаах.
Хомойо күүппэппин күһүнү,
Көмүстүү киэркэйэр дьыл кэмин.
(Байбал Сэмиэнэп).
Күһүн курдук баай-талым олохтонуҥ диэн алгыыр тыллары үгүстүк истибит буолуохтааххыт. Ону таһынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэн өс хоһоонун уостан түһэрбэккэ туттабыт. Күһүн – самаан сайын үтүөкэн күннэрин түмүгүн сомсон, оҕуруоппут аһын дьаһайан, кыһыҥҥы хаһаас бэлэмнэнэр кэтэһиилээх кэрэ кэммит буоллаҕа.
Быйыл да сайын, өрүү буоларыныы, Чаппанда оҕуруотчут кэрэ аҥардара өлгөм үүнүүнү ыллылар. Арай моркуоп үүнүүтэ арыый мөлтөҕүн бэлиэтииллэр уонна халлааммыт хойут сылыйан, оҕурсу бытаарбыт.
Тиэргэнигэр араас оҕуруот аһын үүннэрэрин таһынан, соҕуруу эрэ үүнэн ситэрэ буолуо дии саныыр мастарбытын, талахтары үүннэриинэн дьарыгырар дьонтон биирдэстэринэн Оксана Давыдова буолар. Ол курдук, хас да сыллааҕыта атыыласпыт үнүгэстэрэ улаатаннар, садовай малината, дьэдьэнэ, вишня уонна дьаабылакатын маһа быйыл ас биэрэн үөрдүбүттэр.
Көрүүтүгэр-харайыытыгар социальнай ситимҥэ биир интэриэстээх дьон түмсүүтүгэр сүбэ-ама бэрсэллэр эбит.
Оксана Дмитриевна маһы, талаҕы, сэдэх сибэккилэри үүннэрэрин таһынан, «чуумпу булчут». Сайын аайы айылҕа бэлэҕин – сир аһын арааһыттан хомуйан, кыһыҥҥыга хаһаанар, ыраах олорор аймах-билэ дьонугар минньигэс кэһии оҥорон үөрдэр.
Үүнээйилэрин, хомуйбут сирин аһын хаартыскаҕа хатаабытын, көмүс күһүн чахчы сиэдэрэй дьыл кэмэ буоларын сэргии-сэҥээрэ көрүҥ.
Лина Семенова.
—