Алтынньы 4 күнүгэр «Чуукаар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии Аҕа баһылыга Фёдоров Артур Юрьевич дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Артур Юрьевыһы солотугар киирэр үөрүүлээх чааһынан улуус баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, депутат Владимир Степанович Моисеев, Малдьаҕар нэһилиэгин аҕа баһылыга Александр Александрович Степанов кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Быыбар хамыыһыйатын быһаарыытын ааҕан туран Аҕа баһылык дастабырыанньатын УИК сэкирэтээрэ туттарда.
Чуукаардааҕы депутаттар корпустарын бэрэссэдээтэлэ Июлия Илларионовна Фёдорова моойго кэтэр анал бэлиэни кэтэртэ. Бу кэннэ кылгас эҕэрдэ кэнсиэр киэһэни өссө киэргэттэ.
Салгыы фуршетка толору астаах остуол тула элбэх кэпсэтии, аҕам дьонтон сүбэлэр, кэлбит дьонтон эҕэрдэлэр этилиннилэр. Түмүккэ Артур Юрьевич тэрийэн ыыппыт Е.М.Поликарпов аатынан «Эйгэ» НАК, олохтоох дьаһалта кэлэктииптэригэр, депутаттарга, тэрилтэ, түөлбэ салайааччыларыгар уонна бары тэрээһиҥҥэ кыттыспыттарга, ону тэҥэ фуршет тэрээһинигэр аһынан көмөлөһөн өйөөбүттэргэ махталын биллэрдэ уонна инникитин бары бииргэ, түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн ыҥырда.
Надежда Казакова