Чуукаардар кыстыыр соболорун ыллылар

Сылтан сыл үгэскэ кубулуйбут муҥхалааһын быйыл халлаан тымныйан быстыбакка, алтынньыга буолбакка, сэтинньи ыйга буолла.

Чуукаардар быйыл  Васильев Виктор Николаевич көҕүлээһининэн түмсэн үс эбэҕэ өбүгэ үгэһинэн муҥхалаан кыстыыр соболорун хааччыннылар.
Ол курдук Арҕаа күөл, Андайбыт, Орто күөл Балаҕаннааҕын күөллэригэр муҥхалаан, эбэлэрэ маанылаан, күөх боллохторо көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн, байанайдара мичик гынан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Андайбыт эбэтигэр оскуола оҕолоро барсан, улахан дьону кытары тэҥҥэ сылдьан муҥха үөрүйэхтэригэр сыстан, ити күн бэркэ бултуйан оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэллилэр.
Үһүс сырыыларыгар Балаҕаннаах эбэтигэр 60-ча буолан сылдьан уһулуччу бултуйдулар, кэлбит бары биирдии куул собо тутуурдаах барда.

Маны таһынан Виктор Николаевич олохтоох дьаһалтаҕа 4 куул собону  соҕотох олорор аҕам саастаахтарга  уонна муҥхаҕа сатаан сылдьыбат дьоҥҥо үллэрэллэригэр диэн биэрдэ. Маны баһылык  Артур Юрьевич Федоров уонна дьаһалта исписэлииһэ Николай Алексеевич   Саввинов дьиэлэринэн сылдьан түҥэттилэр. Олохтоохтор  болҕомто уурбуттарыгар  махталларын биллэрдилэр.

Надежда Казакова, Чуукаар