Чуукаарга кулинарнай күрэх

Сэтинньи 4 күнүгэр Чуукаардааҕы Е.М.Поликарпов аатынан «Эйгэ» Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн Сомоҕолоһуу күнүгэр анаан  «Пэ алькэп порре!»( «Кэтэһиилээх кэрэ киэһэ!») диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар  биэс түһүмэхтээх кулинарнай күрэх буолла.
Күрэх  кыттыылаахтара араас омук аһын астаан көрдөрдүдэр. Сэрэбиэй быһыытынан эрдэттэн кыттааччылар хайа омук дойдутун аһын астыырын талбыттара. Бастакы түһүмэххэ талбыт дойдуларын туһунан билиһиннэрии. Салгыы  ас астыыр кэмнэрин видеоҕа устубуттарын көрдөрүү кэнниттэн астаабыт астарын дьүүллүүр сүбэҕэ амсаттылар.

Ити кэннэ талбыт омуктарын  дьарыктарын  көрдөрдүлэр. Сыанаҕа бэриллибит бириэмэҕэ эрдэттэн тэрийээччилэр бэлэмнээбит бородуукталарыттан ас астаатылар.
Түмүккэ Япония дойдутун аһын астаабыт уонна көрдөрбүт «Ымыычаан» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ -I, сахалыы аһы астаабыт оскуола учууталлара-II, Испания омугун көрдөрбүт оскуола үөрэнээччилэрин хамаандата-III бочуоттаах миэстэлэргэ тиксэн бары грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар.

Тэрээһини иилээн-саҕалаан, салайан ыытта кулууп уус-уран салайааччыта Андрей Сивцев-Лэкээрин. Мустубуттар тэрээһинтэн дуоһуйан махтанан тарҕастылар.

Надежда Казакова, Чуукаар.