Дьаарханнааҕы Х. И. Хартасова-Терентьева аатынан куукула тыйаатыра эһиил тэриллибитэ 60 сылын туолар. Хайа да кэмҥэ тыйаатырга үлэ тохтообокко барар.
Режиссер Линаида Терентьева уонна худуоһунньук Джулия Николаева көрөөччү дьүүлүгэр саҥа оонньуу таһаараары куукулалары оҥорон түбүгүрэллэр.
— Өксөкүүлээх Өлөксөй «Саха дьахтарын сэттэ мэтириэтин» туруораары былаанныыбын, — диир Линаида Христофоровна. — Куукулаларбыт бэлэм буоллулар даҕаны оруолларынан аттаран куукуланы хамсатар кыахтаах, сатыыр дьоннору талааһын буолуоҕа. Онтон бэлэмнэниилэр саҕаланыахтара. Билиҥҥитэ куукулалар төбөлөрө оҥоһуллан бүттэ. Куукулалар бу сырыыга сымнаҕас, өрбөх, планшетнай буолуохтара.
Быйыл Далан »Тулаайах оҕо» испэктээгин туруоран Майаҕа »Туос Мааска» бэстибээлгэ кыттан »Оҕо тыйатыраалынай ускуустубатын сыла» анал ааты ылбыппыт.
Лариса Дорофеева