Дьаһалта экэнэмииһэ бастатан туран, баһылык уҥа илиитэ

Сэтинньи 23-24 күннэригэр Ньурба улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарыгар, экэнэмиистэригэр анаан Ньурба улууһун дьаһалтатын экономика салаатын көҕүлээһинэн улахан сэминээр ыытылынна. Экэнэмиис үлэтэ диэтэхтэринэ, тута сыыппараны саныы түһэбит. Ол эрэн дьаһалта экэнэмииһэ бастатан туран, баһылык уҥа илиитэ буолуохтаах. Баһылык соруктарын көрөн стратегиятын оҥорон, нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕун түстүүр былаанын оҥорор тутаах үлэһит.
Экэнэмиистэргэ анаан сыллата ыытыллар сэминээргэ быйыл Саха сиригэр экэнэмиичискэй сулууспа тэриллибитэ 100 сылыгар уонна сэтинньи 15 күнүгэр буолан ааспыт Экэнэмиис күнүн чэрчитинэн ураты сүүрээни киллэрэр сыалтан, Дьокуускай куорат “Мотивация” аналитическай-консалтинговай бөлөҕүн салайааччыта Ольга Сукуеваны уонна Айталина Миронованы ыҥыран үөрэттэрдилэр.
Икки күн устата баһылыктар, экэнэмиистэр, барыта 53 киһи хамаандаларга арахсан бюджеты хайдах сөпкө аттарарга, дотацияны үллэрии уустук методикатыгар, электроннай докумуоҥҥа көһүү албастарыгар үөрэннилэр. Маны тэҥэ нэһилиэнньэ баҕа санаатын учуоттаан биир ситимнээх бырайыак оҥорон быһаарарга үөрэннилэр. Холобура, бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктээһин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, нэһилиэктэригэр дьону көһөрөн аҕалыы боппуруостарын быһаарарга хамаанданан өйдөрүн сыстылар.
Ефрем Семенов, Акана нэһилиэгин баһылыга:
— Бу маннык тэрээһин буолбута барыбытын “уһугуннарда” диэххэ сөп. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, консалтинговай тэрилтэ аналитиктара биһигини хамаандаларга араартаан, ураты форматтаах үөрэҕи ыыттылар. Бастакы күҥҥэ экэнэмиистэрбитин кытары, иккис күммүтүгэр куустанан арахсан үлэлээтибит. Сэргэхсийдибит, саҥа былааннар, саҥа көрүүлэр баар буоллулар. Сылга биирдэ маннык үөрэх баара биһиэхэ үлэбитигэр олус наадалаах. Кэми кытары тэҥҥэ хардыылыырга, киирэр уларыйыылары тута олоххо киллэрэ турарбыт үлэбитигэр улахан көмөлөөх.