Яковлева-Васильева Анна Кирилловна Ньурба оройуонун Мэҥэдьэк нэһилиэгин Бэрэтигэр холкуостаах кэргэнигэр 1937 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Володя кэнниттэн иккис оҕонон, күн сирин көрбүтэ. Аҕата Кирилэ Сааллаахап олоҥхоһут, тойуксут этэ, ийэтэ Балбаара «Хатыы» холкуос биллиилээх ыанньыксыта.
Аннаны кытта 1956 сылга диэри Хатыы 7 кылаастаах оскуолатыгар бииргэ үөрэммиппит. Холобур, сэттис кылааска үөрэммиттэрэ: Андреев Семен, Васильева Анна, Григорьева Евдокия, Михайлов Трофим, Никифоров Самуил, Романова Анна уонна мин. Кылааспыт салайааччытынан бастаан Еремеева-Платонова Мария Васильевна, онтон үһүс чиэппэртэн Евсеева Ксения Федоровна үлэлээбиттэрэ. Дириэктэрбит Мярикянов Николай Гаврильевич этэ. Старостабыт Анна Васильева, редакторынан мин, чилиэнинэн Евдокия Григорьева, санкомунан Анна Романова этибит. Кылааспыт хаһыата «Дружба» диэн этэ. Юннатскай уонна физкультурнай куруһуоктары Дмитрий Николаевич Степанов, хоровой куруһуогу Николай Егорович Елисеев салайбыттара. Итини тэҥэ «Умелые руки» уонна уруһуй куруһуоктара үлэлииллэрэ.
1955 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр Ньурбаҕа оройуоннааҕы XII комсомольскай конференция ыытыллыбыта. Ол чиэһигэр биһиги кылааһынан комсомолга киирбиппит. Комсомольскай билиэти райкомол иккис сэкиритээрэ Павел Павлович Никитин (1932–1994 сс.) тахсан туттарбыта. Комсомольскай билиэти марайа суох ыраастык, куруук бэйэҕин кытта илдьэ сылдьыахтааҕыҥ, сүтэриэ суохтааҕыҥ ирдэнэрэ. Ол иһин барыбытыгар велюр таҥастан Васильева Анна саппыйа тигэттээн биэрбитэ. Онтубутун ырбаахыбыт иһинэн кэтэ сылдьарбытын сүбэлээбиттэрэ. Көр, Аанаҥ ол саҕаттан иистэнэр массыынаҕа тигэр дьоҕурдаах эбит. Аана гимнастиканан утумнаахтык дьарыктаммыта. Онтун оскуола биэчэрдэригэр көрдөртүүрэ. Үөрэнэ сылдьан сүүрэргэ, хайыһарга эрчиллэрэ. 1954 сылтан спартакиадаларга кыттан барбыта.
Маалыкайга киирэн орто оскуоланы бүтэрбитэ. Эдэриттэн оскуола, нэһилиэнньэ уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттара. Олус дэгиттэр, кытыгырас, кыанар буолан, нэһилиэк, оройуон чиэһин көмүскээн спартакиадаларга кылгас да, уһун да дистанцияларга, үрдүгү ыстаныыга, ядро анньыыга куруук инники кирбиигэ сылдьара. Үҥкүүлүүрүн, иистэнэрин олус сөбүлүүрэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, хомсомуол путевкатынан төрөөбүт Хатыытыгар 2 сыл Улгуктакаан ферматыгар сибиинньэ көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Коммунистическай үлэ ударнига, коммунистическай үлэ ударниктарын өрөспүүбүлүкэтээҕи слеттарын кыттыылааҕа. Оройуон хаһыатын 1960 сыл ахсынньы 31 күнүнээҕи нүөмэригэр редакция бастыҥ сибиинньэ көрөөччүгэ анаан Саҥа дьылынан маннык строканы бэлэхтээбитэ:
Харалталаах кыһамньылаах
«Хатыы» кыыһа Аннаҕа
Сибиинньэтин иитиитигэр
Ситиһиини баҕарабыт.
1961 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр Анна Васильева сибиинньэ көрүүтүгэр «Бастыҥ опыты туттубаттар» диэн ыстатыйата тахсыбыта.
Бэтэринээр идэтин талан, Омскайдааҕы бэтэринээр институтугар туттарсан киирэр. Үөрэнэ сылдьан 1963 с. бииргэ үөрэнэр доҕоро, олоҕун аргыһа Яковлев Трофим Никифоровиһы көрсөн ыал буолбуттара. 1966 с. Маалыкайга олохсуйардыы көһөн кэлбиттэрэ. Быйыл ыал буолан олорбуттара ыам ыйын 1 күнүгэр 60 сыла туолбута.
Үлэтин Маалыкай отделениетын бэтэринээр бырааһынан саҕалаабыта. 13 сыл үлэлээн баран, Маалыкай орто оскуолатыгар животноводство учууталынан 23 сыл үлэлээбитэ. Олус эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан биллэрэ, үтүө суобастаах, үрдүк ситиһиилээх үлэтин элбэх Бочуотунай грамоталар, дипломнар, сибидиэтэлистибэлэр, Эҕэрдэ, Махтал суруктар кэрэһилииллэр.
Умсугуйар биир дьарыга иис буолара. Кылынан, оҕуруонан, быыһыбайынан, түүлээҕинэн арааһы айан иистэнэрэ. Быыстапкаҕа турбут оҥоһуктара Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, тас дойдуга (Кубаҕа) тиийэ биллибитэ.
Анна Кирилловна дьиҥ сахалыы тыыннаах, киэҥ-холку, үтүө майгылаах саха Далбар Хотуна этэ. Олоххо күүстээх тардыһыылааҕа.
Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Маалыкай оскуолатын Бочуоттаах учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Ньурба оройуонун уонна Саха сирин талба талааннаах норуот маастара, Саха сирин Бочуоттаах кырдьаҕаһа этэ.
86 сааһыгар 2023 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Истиҥник саныыр Аннабыт өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү тыыннаах буолуоҕа, кини сырдык холобура эдэр ыччаты үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйа туруоҕа.
Иван Анисимов