Дьиэ кэргэн — олох төрдө

👫Улуустааҕы «Дьиэ кэргэн — олох төрдө» дьиэ кэргэн бэстибээлигэр «Чөл олоx — чөл турук» иккис спортивнай этаба Ньурба пааркатыгар ыытылынна.

Араас нэһилиэктэртэн сэттэ түһүмэххэ сэттэ ыал күөн көрүстүлэр. 🏆Антоновкаттан кыттыыны ылбыт икки дьиэ кэргэн күрэххэ фавориттаан уопсай түмүккэ инники икки миэстэҕэ тиксэн үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Ивановтар кыайыылаахтар, Андреевтар — иккис миэстэ, үһүскэ — Ньурбачаан нэһилиэгин дьиэ кэргэнэ. Холобур буолар ыалларбытын эҕэрдэлиибит!

Онон Россияҕа Дьиэ кэргэн, республикаҕа Оҕо саас сылларыгар анаммыт бүгүҥҥү оҕо көмүскэлин күнүн биир сүрүн тэрээһинэ уһулуччу ситиһиилээхтик ааста. Түмсэр, чөл олоҕу пропагандалыыр түһүлгэ иһин тэрийээччилэргэ, ыалдьааччыларга махтал!

✍Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-киинэ

Читайте дальше