Дьиэ кэргэнинэн көхтөөх үлэҕэ

👨‍👩‍👦‍👦Ыам ыйа ураты ый. Ордук биһиэхэ саха дьонугар ордук күүтүүлээх, ньургуһун көбүөрэ тэлгэммит кырдаллаах, мутукча дыргыл сыттаах күөххэ үктэнэр кэрэ кэм.Ону сэргэ чуолаан тыа дьонугар бу өрөбүл күннэргэ саһаан бэлэмнээһинэ, сыыс харбааһына,түптэ уратылаах сыта, булчут кутаата бу барыта ыам ыйа.

Маай уһун өрөбүллэрин туһанан Хаҥалас нэһилиэгин ыаллара,кыанар хотунар өттүлэрэ кыһыны туоруур саһааннарын бэлэмигэр, ыаллар аҕалара кус көҥүлүн иннинэ дьиэ кэргэнинэн тахсан көхтөөхтүк бу өрөбүллэри туһаннылар.Элбэх оҕолоох,алта уоллаах Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ оҕолоро улаатан көмө дьоно буолан, маай өрөбүллэригэр оттук мастарын атын сиртэн көмөтө суох бэлэмнэнэр буолтара быйыл үһүс сыллара.Үлэҕэ тахсыахтарын биир хонук иннинэ ийэлэрэ Анжелика оҕолоро сөбүлүүр аһылыктарын барытын бэлэмнээн, быһатын эттэххэ үлэ бырааһынньыгар бэлэмнэнэллэр.

Быйыл эмиэ маай өрөбүллэригэр икки кыраларын дьиэҕэ хаалларан  көхтөөхтүк тахсан,кыстыыр мастарын бэлэмнээн үөрэн-көтөн киирдилэр. Сылаас тыыннаах Иэйиэхсит ыйа- күн күлэр, күөх тыллар ыам ыйа инникитин даҕаны сахатын дьонун сылааһынан угуттуу, үтүөнү үксэтэ турдун.

М.Николаева, Хаҥалас

Читайте дальше