Ахсынньы 15-17 кк. Мииринэйгэ алмаастаах провинция быыстапка-дьаарбаҥката ыытылынна. Улуустан бу тэрээһиҥҥэ халбаһы оҥорор сыахтаах урбаанньыт Альберт Васильев, «Маалыкай” ТХПК уонна “Сиибиктэ” бааһынай хаһаайыстыбата кытыннылар.
«Мииринэйгэ биһигини тыа хаһаайыстыбатын управлениета олус үчүгэйдик көрүстэ, — диэн кэпсиир Альберт Васильев. – Дьиэ-уот уонна гараж булан биэрбиттэрэ, «Юбилейнай” эргиэн дьиэтигэр атыылыырбытыгар босхо миэстэ биэрэн туруордулар. Атын улуустартан, чуолаан Сунтаартан “Татыйыына” фирмалар бааллара, үксүлэрэ Мииринэй оройуонун табаары оҥорон таһаарааччылара этилэр. Дьаарбаҥка тэрээһинэ үчүгэй, үрдүк таһымнаах. Дьон-сэргэ бастакы күнүгэр аҕыйаҕа, ол да быһыытынан аҕыйаҕы атыыласпыттара. Иккис күнүгэр атыылаһааччы лаппа элбээбитэ. Биһиги икки күн атыылаатыбыт, онтон төннүбүппүт.
Мииринэй оройуонун баһылыгын экэниэмикэҕэ солбуйааччыта эппитинэн, бастаан атыыласпыт дьон ватсап статустарыгар биһиги халбаһыбытын таһааран, ону сэҥээрэн үгүс киһи кэлэн сүрдээҕин атыыластылар. Хас көрүҥ халбаһы аайыттан иккилиини-үстүүнү ыллылар. Дьон бородууксуйабытын сөбүлээтэ. Син-биир ханнык баҕарар бородууксуйаны тутан-хабан, амсайан көрөн баран ылаллар. Мирнэйдэр даҕаны оннук эбиттэр дии санаатым.
Быыстапка-дьаарбаҥҕа кыайыылаахтарыгар 5 араас номинацияны олохтообуттар. Иккитин биһиги ыллыбыт: «Бастыҥ эт бородууксуйата» анал ааты – “Маалыкай” ТХПК уонна биһиэнэ — “Миэстэни бастыҥ киэргэтии” иһин“ диэн. Астаммыт эт бордууксуйаҕа номинация суох эбит. «Переработкаҕа номинацияны олохтообуппут буоллар, эһиэхэ биэриэ этибит этибит, эһиил маннык номинацияны киллэриэххэ баар эбит», — диэтэ Мииринэй оройуонун баһылыгын экэниэмикэҕэ солбуйааччыта. Онон биһиги кыттыбыппытын, ыраах сиртэн маннык бородууксуйа оҥорон аҕалан атыылаатыгыт диэн үчүгэйдик сыаналаатылар. Онон ити үтүө тыллар биһиги үлэбитигэр сыанабыл быһыытынан үөрүүлээхтик иһилиннилэр. Мииринэй УСХ-тыгар кыһамньылаах сыһыаннарын иһин уонна Мииринэй олохтоохторо эмиэ үчүгэйдик көрсөн биһиги бородууксуйабытын хамаҕатык ылбыттарыгар махталлаахпын.
Быйылгы үлэбитин кылгастык билиһиннэрдэххэ, тоҥорор оборудованиебытын толору хааччынныбыт: тымнытар камера, холодильник, улахан морозильнай ларь. Улуустааҕы урбаан, эргиэн уонна олохтоох производство департаменын нөҥүө сойуом ылбыппыт. Онон сылы эргиччи үлэлииргэ бэлэм буоллубут. Эбии тутуу тутуннубут – гараж, кладовка. Кладовкаҕа морозильнай камерабытын туруордубут. Инньэ гынан үлэлииргэ усулуобуйа барыта баар буолла. Инникитин буспут (варенай) халбаһы оҥорорго ылсыахпыт. Бу сааскыттан оҥорон саҕалыырга былаанныыбын. Билигин онно бэлэмнэнии үлэтэ барар: оборудование, рецептура уо.д.а. сакаастааһына. Бу дьыала түргэн буолбатах, бириэмэни да, үбү-харчыны да эрэйэр, документация толоруллуохтаах. Дьон буспут халбаһыга улаханнык наадыйар эбит, элбэх киһи ыйытар, этэр. Биһиэхэ да үлэбит кээмэйэ улаатыа этэ. Онон бу курдук үлэбитин кэҥэтэн, салгыы сайыннаран иһэр былааннаахпыт.
Геннадий Антонов