Дьон нус-бааччы олоҕун хааччыйар тутаах үлэлээх дьон

Сыллата ахсынньы 22 к. дойду үрдүнэн энергетиктэр идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр. Итинэн сибэстээн «Якутскэнергэ» ПАО Арҕааҥҥы энергетическэй ситимнэрин Ньурбатааҕы РЭС-ин дириэктэрэ Александр Егоровы көрсөн кэпсэттибит.

Александр Иванович, идэлээх бырааһынньыккыт буолаары турарынан, эһигини Энергетик күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин уонна хас даҕаны ыйытыылаахпын. Ханнык сылтан Ньурбатааҕы РЭС дириэктэринэн үлэлиигиний?

— Мин 2009 с. ыам ыйыттан Ньурбатааҕы РЭС дириэктэринэн ананан үлэлээн кэллим.

— Салайааччы быһыытынан элбэх соруктаах үлэни толороҕун. Итилэртэн хайаларын ордук улахан суолталааҕынан ааттыыгыный?

— Саамай сүрүнэ – уот линияларын уонна трансформаторнай подстанциялар хапытаалынай өрөмүөннэрэ, уот ситимнэригэр уот сүтүүтүн утары охсуһуу былаанын толоруу буолар. Уоту туһанааччылары хаачыстыбалаахтык уонна тиһигин быспакка хааччыйыы, үлэһиттэрбит олохторун уонна доруобуйаларын харыстааһын эмиэ бастакы уочараттаах сорук. Төһө даҕаны туораттан үлэбит судургу курдук көстүбүтүн иһин, үлэҕэ куттал суох буолуутугар олус улахан ирдэбиллэр тураллар. Электротравматизмтан ураты, кырааннар үлэлэрин, үрдүккэ үлэни уо.д.а. кытта сибээстээх араас кутталлаах өрүт элбэх. Кылгастык түмэн эттэххэ, РЭС салайааччытын соруга – РЭС уустук уонна элбэх үгүс өрүттээх үлэтин-хамнаһын тэрийии, тэрилтэ иннигэр турар соруктары толорорго быыстала суох уонна сааһыламмыт үлэ буолар.

-Александр Иванович, Энергетик күнүн Ньурбатааҕы РЭС кэлэктиибэ ханнык көрдөрүүлээх көрсөрүй?

— Сылбытын үчүгэйдик түмүктээн эрэбит. Сыллааҕы былааммытын толордубут. Үрдүк күүрүүлээх уот линияларын өрөмүөнүн кэпсээтэххэ, «Сунтаар-Бүлүү» ВЛ-110 кВ — 3,5 км, ВЛ-35 кВ («Хампах», «Маалыкай», «Сайылык», «Маар», «Убайаан» линиялар, ДЭС-кэ, Оҥхойго барар линиялар) – 11,2 км, хас нэһилиэк аайы баар ВЛ-10/6 кВ — 20,3 км уонна 0,4 кВ (нэһилиэктэр истэринээҕи распределительнэй ситимнэр) – 7,4 км өрөмүөннээтибит. Итини таһынан 10 трансформатор уларытылынна, 12 км усталаах СИП-провод монтажтанна. 71,4 гаа просека ыраастанна, бу былаантан 2 төгүл элбэх. Подстанциялар өрөмүөннэригэр былааннаах 6 вакуумнай выключатель оннугар 11-ри туруордубут. Туһанааччылары уокка холбуурга 246 дуогабары толордубут. Ол иһигэр кэлэр сыл олунньу-кулун тутар ыйдарыгар уоту холботорго дуогабардаах хас да тэрилтэҕэ болдьоҕун иннинэ холбоон биэрдибит. Энергосервиснэй хантараак быһыытынан бэдэрээтчиттэр – 94, биһиги үлэһиттэрбит 1130 «өйдөөх электросчетчигы» туруордулар.

Өтөр-өтөр үөһээҥҥи тэрилтэбитигэр отчуоттуубут. Онно анаалыстаан көрдөххө, отой үчүгэйдик кэмигэр былааммытын биһиги толорон иһэбит. Атын улуустар РЭС-тэрэ ардыгар былааннаах үлэлэрин кыайбакка, матырыйаалын биһиэхэ биэрээччилэр, ону ылан былааны таһынан үлэлиибит. Быйыл алтынньы бүтүүтэ Үөһээ-Бүлүүттэн кэллиэгэлэрбит көрдөһүүлэрин ылынан, биһиги биригээдэбит сэтинньигэ Бүлүү өрүс бэтэрээ өттүгэр 10 кВ линия тутан, КТП туруоран холбоон кэлбиттэрэ.

Сүрүн үлэбит таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ көхтөөхтүк кыттабыт. Энергетик күнүгэр аналлаах ЗЭС Спартакиадатыгар РЭС-тэр уонна ЭР-дар (РЭС-тээҕэр улахаттар энергорайон дэнэллэр) ортолоругар хамаанданан 2-с миэстэҕэ таҕыстыбыт. Волейболга, теннискэ бастаатыбыт, ханаат тардыһыытыгар 3-с буоллубут.

— Дьону-сэргэни долгутар улахан суолталаах боппуруостары – «Сунтаар-Ньурба» үрдүк күүрүүлээх уот тутуутун уонна элбэх нэһилиэктэри хааччыйар «Хампах» линиятын өрөмүөнүн туһунан ыйыппат буолуохпун сатаммат.

— «Сунтаар-Ньурба» ВЛ-110 кВ тутуута сөбүлэҥи ааста, проектнай-сметнай документацията оҥоһулунна. Кэлэр сылга үп көрүллүбүт, ол эрээри син-биир корректировкаланар, онон билигин чопчу төһөтүн этэргэ эрдэ. Үп түһүмэхтэринэн тыырыллыахтаах.

Быйыл 35 кВ кыамталаах «Ньурба-Хампах», «Хампах-Маалыкай», «Хампах-Сайылык» уот линияларыгар Чуукаардааҕы сетевой учаастак үлэһиттэрэ миэстэтигэр үлэни ыыттылар. 3,1 км линия өрөмүөннэннэ. Ону таһынан, эрдэ эппитим курдук, 10 кВ, 0,4 кВ күүрүүлээх линиялар бааллар, үлэтэ элбэх. Өрөмүөн үлэтин кэмигэр Өҥөлдьөҕө, Хорулаҕа, Маалыкайга баар үлэһиттэрбитин түмэн, тиэхиньикэ биэрэн толору биригээдэ оҥорбуппут. Үрдүттэн уот линияларыгар сылдьан үлэлииллэр, Ньурбаттан кыраан, буровой массыына ыытабыт.

Билиҥҥи туругунан ВЛ-110 кВ ноҕурууската 72 мВт буолла. Итинтэн 37 мВт – Ньурба улууһугар, 35 мВт — Сунтаар улууһугар (Элгээйи, Сиэйэ подстанцияларыгар) уонна Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыгар тиксэр. Онон Ньурба улууһа уоту туһаныыта улахан. Улуус үрдүнэн 9 тыһ. кэриҥэ абоненнаахпыт. Уоту туһанааччылары кытта үлэлииргэ былырыын саҥа сулууспа тэриллибитэ. Билигин онно 1 маастар, балансаҕа инженер, инженер-инспектор уонна 4 контролер бааллар.

— Энергетиктэр үлэлэригэр ханнык ыарахаттары көрсөллөрүй?

— Электромонтердар сүрүннээн таһырдьа уонна тыаҕа-хонууга үлэлииллэр. Ханнык даҕаны тымныыга-куйааска, тыалга-ардахха үлэ тохтоон хаалбат. Бөрүкүтэ суох күҥҥэ-дьылга үлэбит элбиир. Тоҕо диэтэххэ, саахал таҕыста даҕаны, төһө кыалларынан суһаллык туоратыахха наада. Маннык түгэннэргэ РЭС састааба бүтүннүү кэриэтэ саахалы туоратыыга кыттыһар. Дьоҥҥо уот мэлдьи, хаһан баҕарар наада.

— СВО-ҕа барбыт үлэһиттэргэ ханнык көмө оҥоһулларый?

— Быстах хомуурга 10 үлэһиппит хабыллыбыта, 1 киһи бэйэтин баҕатынан тылланан барбыта. Билигин 9 киһи кытта сылдьар, 2 киһи хантараагын болдьоҕо бүтэн кэлбитэ. 1 үлэһиппит уочараттаах уоппускатыгар уонна 3 киһи бааһыран уоппускаларыгар кэлэн эмтэнэ сылдьаллар. СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр күннээҕи хаһаайыстыбаннай үлэҕэ мэлдьи көмөлөһөбүт: муус ылан, оттук мас бэлэмнээн, от үлэтигэр, хаар күрдьүүтүгэр тиийэ. Хас да киһи гараж, баанньык тутта сылдьан бүтэрбэккэ барбыттарын, ситэрэн биэрдибит. 1 ыалга бэлэм матырыйаалынан толору хааччыллыыны киллэрдибит.

«Якутскэнерго» ПАО гендириэктэрэ Г.Н.Алексеев этии киллэрэн, 1 күннээҕи хамнаспыт үс гыммыт бииринэн СВО-ҕа сылдьар үлэһиттэрбитигэр көмө оҥордубут. Кинилэр дьиэ кэргэттэрин кыһалҕалаах боппуруостарын тэрилтэбит иһигэр быһаара олоробут. Дьоммут тугу эмэ үлэстэхтэринэ уоппускаҕа кэлэн барар дьонунан уонна элбэхтэ онно командировкаланар «Якутскэнерго» бэрэстэбиитэлинэн ыытабыт.

-2024 с. ханнык үлэлэр былааннаналларый?

— Эһиилги бигэргэтиллибит үлэ былаанын билиҥитэ тута иликпит, бу күннэргэ ыыталлара буолуо. Быйылгыттан син-биир аччаабат. 12 подстанцияҕа барытыгар трансформатор өрөмүөнэ барыаҕа, кырата 40 гаа просека ыраастаныахтаах.

-Идэлээх бырааһынньыкка тэрилтэ бастыҥ үлэһиттэриттэн кимнээҕи чорботон ааттыаҥ этэй?

-РЭС үлэһиттэрэ бары үлэлэрин баһылаабыт, эппиэтинэстээх уонна толору бэлэмнээх дьон, онон салайааччы быһыытынан үлэһиттэрбинэн киэн туттабын. Быйыл 20-тэн тахса сыл үлэлээбит диспетчер Васильев Семен Октябринович уонна электрослесарь Винокуров Петр Никифорович «Якутскэнерго» ПАО үлэ бэтэрээнэ» буоллулар. Автовышка уонна автогидроподьемник машиниһа Винокуров Олег Юрьевич «Русгидро» Махталынан, электромонтердар Николаев Семен Сергеевич, Николаев Иннокентий Иннокентьевич, Семенов Георгий Егорович уонна газотурбиннай установка машиниһа Винокуров Борис Никифорович — «Якутскэнерго» Махталынан, электромонтердар Егоров Станислав Гаврильевич, Николаев Владимир Владимирович — ЗЭС Грамотатынан, электромонтердар Дмитриев Николай Михайлович, Климов Алексей Александрович, автокран машиниһа Харламов Николай Николаевич, автовышка уонна автогидроподьемник машиниһа Жирохов Василий Васильевич — ЗЭС Махталынан бэлиэтэннилэр.

— Александр Иванович, кэлэктиипкэ, биир идэлээхтэргэр идэлээх бырааһынныгынан тугу этиэххин баҕараҕын?

— Үлэһиттэрбэр ситиһиилээх үлэни, дьиэ кэргэттэригэр доруобуйаны, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, СВО-ҕа сылдьар үлэһиттэрбитигэр, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр күүстээх тулууру баҕарабын. Ону тэҥэ сылаас энергиятын биэрэр ОДьКХ бары тэрилтэлэрин эмиэ эҕэрдэлиибин, ситиһиилээх үлэни, доруобуйаны баҕарабын.

Геннадий Антонов

Читайте дальше