2017 сылтан Арассыыйаҕа «Тупсаҕай куорат эйгэтин үөскэтии» федеральнай бырайыак уонна «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацпроект олоххо киллэриллэр. «Куорат эйгэтэ» бырыайыак Госдума уонна олохтоох салайыныы уорганнарын дьокутааттарын таларга быыбар хампаанньатын кэмигэр быыбардааччылар баҕа санааларыгар уонна накаастарыгар олоҕурбута. Итиэннэ дойду бары эрэгийиэннэрин кииннэрин, дьоҕус куораттарын уонна бөһүөлэктэрин интэриэстэрин таарыйар. Ити кэмҥэ Дьокуускайтан быыбар саҕаланыан иннинэ дьон санаатын үөрэтэ-чинчийэ социологтар кэлэн үлэлээбиттэрин, дьоҥҥо анкетирование ыыппыттарын өйдүүбүн, кинилэр истэригэр 90-с сылларга ЯНЦ уопсайыгар олорон билсибит киһим эмиэ баара.
Бу федеральнай бырайыак сыала-соруга – дьон маассабайдык сынньанар сирдэрин уонна уопсай дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаран оҥоруу. 2017 с. бырайыагы олоххо киллэрэргэ федеральнай бүддьүөттэн 25 млрд. 601 мөл. солк. көрүллүбүтэ. «СӨ териториятыгар аныгы куорат эйгэтин үөскэтии” судаарыстыбаннай тосхолу олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн 2018-2024 сс. 1 млрд. 982,2 мөл. солк. анаммыта. Итини таһынан өрөспүүбүүкэ ирээттэһэн үбүлээһинэ 364 мөл. 553 тыһ. солк. тэҥнэһэр. (СӨ Ил Дарханын 2021 с. кулун тутар 31 к. 1777 №-дээх Ыйааҕа). Үп-харчы улахан куонкуруһу ааһан кыайыылаах тахсыбыт бырайыактары олоххо киллэриигэ бэриллэр.
Улууспут киинэ сыллата тупсан-киэркэйэн иһэр. Ньурба куоракка аныгы саҥа уопсастыбаннай эйгэлэр үөскүүллэр: саҥардыллыбыт кыраһыабай паарка, Нюрбинка үрэҕэр оҕолорго аналлаах сөтүөлүүр сир, «Набережнай», Энергетик кыбаарталга тупсарыллыбыт тиэргэн, дьон сынньанарыгар аналлаах атын даҕаны миэстэлэр уонна тупсарыллыбыт территориялар.
Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы биир хайысхатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама буолар. ППМИ чэрчитинэн куонкуруска 2022 с. — Ыраах Убайааҥҥа сайыҥҥы уу ситимэ, Ст. Васильев уул. соҕурууҥҥу өттүн тротуара уонна Сергей Васильев аатынан паарка “уличнай тренажердар” бырайыактара, 2023 с. – Ньурба к. пааркатыгар Никифор Семенов пааматынньыга, Ньурба биллиилээх дьонун аллеята уонна Ст. Васильев уул. паарка таһынааҕы массыына парковкатын бырайыактара кыайбыттара. Итилэртэн сороҕо бүтэн үлэҕэ киирдэ, сороҕо үлэлэнэ сылдьар. 2024 с. ППМИ куонкуруһугар эмиэ 3 бырайыак кыайда: Сэбиэскэй микро-оройуоҥҥа сайыҥҥы уу ситимэ, Портовской микро-оройуон уулуссатын сырдатыыта, Никифор Семенов пааматынньыгын музыкальнай зонатын оҥоруу.
Манна Ньурба куорат уопсастыбаннай эйгэлэрин сайдыытын Дириэксийэтин (ДРОП) салайааччыта Саргылана Седалищева куорат тупсарыллыытын туругун хайдах сыаналыырын уонна чугастааҕы сылларга куораппытыгар туох саҥа-сонун күүтэрин кэпсээтэ.
— Саргылана Петровна, өрөспүүбүлүкэтээҕи ППМИ куонкуруһугар 3 бырайыаккыт үһүөн кыайбыттарынан эҕэрдэ буоллун! Ньурба куорат уопсастыбаннай эйгэтин сайыннарар Дириэксийэ, дьиҥэ, тэриллэн үлэлээбитэ балачча буолла. Ол эрээри сорох дьон, чуолаан тыа нэһилиэктэригэр үчүгэйдик билбэт буолуохтаах, онон ДРОП үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии соҕус билиһиннэр эрэ.
— Ньурба куорат уопсастыбаннай эйгэлэрин сайдыытын Дириэксийэ 2019 с. тэриллибитэ. 2023 ДРОП тутула уларыйан архитектор, уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ исписэлиис уонна уопсастыбаннай эйгэлэри көрөр-истэр АХЧ исписэлииһэ баар буолла. Онон дириэксийэ барыта 6 үлэһиттээх.
Сүрүн үлэбит хайысхаларынан уопсай эйгэни бырайыактааһын, араас хабааннаах куонкурустарга кыттан бүддьүөтү таһынан үбү киллэрии, баар уопсастыбаннай эйгэлэри көрүү-истии уонна уопсастыбаннай эйгэлэргэ араас хабааннаах тэрээһиннэри тэрийэн ыытыы буолаллар. Итини таһынан улуус нэһилиэктэригэр ППМИ куонкуруһугар бырайыагы ырытан оҥорорго, куонкуруска кыттар сайаапканы бэлэмнииргэ көмөлөһүөхпүтүн сөп.
— Ньурбаҕа уопсастыбаннай эйгэлэрин салайыыга ханнык сүрүн кыһалҕалары ааттыыгыный?
— Саамай сүрүнэ – куораппыт олохтоохторун баҕаларын куораппыт оччо улахана суох бүддьүөтүн кытта сөп түбэһиннэрии буолар. Дьон наадыйыыта улаата турар, оттон хаһан буоларын курдук куорат бүддьүөтэ кырыымчык. Биһиги дириэксийэбитигэр тиксэр үбү, биллэн турар, саҥа кэрэхсэбиллээх террриториялары тупсарарга туттабыт. Үлэбитигэр тэрилтэлэр уонна көхтөөх олохтоохтор сүрэхтэрин баҕатынан кэлэн көмөлөһөллөр, ыраастааһыҥҥа субуотунньукка да буоллун.
Биир кыһалҕа быһыытынан биирдиилээн уһуну-киэҥи ырыҥалаабат, быстах санаалаах дьон өттүттэн оҥоһуллубукка харыстабыла суох сыһыаны ааттыахха сөп. Билигин аҕай ыраастаммыт территорияны бөҕүрдүү-киртитии, тыйаатыр аттыгар тупсаҕай лаампалары тоҕута тэбиэлээһин, уопсай дьиэ таһынааҕы былаһаакка оҥоһуктарын алдьатыы – маны барытын үлэлии сылдьар дьон ыарыылаахтык ылынар. Инникитин маннык быһыылар хатыламаттарыгар баҕарабын.
— Ньурба куоракка ураты болҕомтону эрэйэр миэстэлэр бааллар дуо?
— Куорат уопсастыбаннай миэстэлэрэ барыта дьоҥҥо олус суолталаахтар диэн ааҕабыт. Чуолаан ол иһин олохтоохтордуун быһа сибээс баар, дьону кытта ханнык эмэ территориялары тупсаран оҥорор туһунан сүбэлэһэбит. Биһиги маны ыйытыктар эбэтэр онлайн-куоластааһын көмөтүнэн оҥоробут.
Куораппыт ханнык эмэ миэстэтин өрө тардарга, тупсарарга дьон быһаччы даҕаны, куйаар ситимин нөҥүө тэйиччиттэн даҕаны санаатын көхтөөхтүк биллэрэр. Дьон ханнык территориялары тупсаран оҥорууну таларга кыттыылара үрдүк буоллаҕына, соччонон элбэх бырайыагы олоххо киллэриэхпитин сөп диэн санаалаахпын. Эрдэ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэнэ» федеральнай бырайыагынан Энергетик кыбаарталга, уруккута «Весна» маҕаһыын (билиҥҥинэн архыып дьиэтин) кэннигэр дьон сынньанарыгар аналлаах тиэргэн тупсарыллан оҥоһуллубута. Ааспыт сыл бүтэһигэр онлайн-куоластааһын түмүгүнэн куорат киинигэр Пионерскай уул. 67 №-дээх дьиэтин таһын тупсаран оҥоруу бырайыагынан федеральнай куонкуруска кыттар буоллубут.
Биһиэхэ үлэбитигэр сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн түөлбэлэр актыбыыстара буолаллар. 2023 с. Ньурба к. түөлбэлэрин сайдыытын сылынан («Год развития территориального общественного самоуправления») биллэриллэн, сыл устата куорат түөлбэлэрин бэстибээлэ ыытыллан, уопсастыбаннай үлэҕэ улахан сэргэхсийии таҕыста. Билигин бу түөлбэлэрбитин ТОС быһыытынан официальнайдык регистрациялыахтаахпыт.
Биллэн турар, хайдах быһыылаахтык Ньурбабытын тупсаран оҥорор туһунан бэйэбит стратегическай көрүүлэрдээхпит. Онно 2 сүрүн хайысханы чорботуохпутун сөп. Бастакытынан, куораппыт Бүлүү өрүс үрдүгэр турарынан сибээстээн, сыыр үрдүнээҕи территориялары кытта үлэ.
Иккиһинэн, Ньурбабытын улуус административнай киинин эрэ быһыытынан буолбакка, история, култуура уонна искусство өттүнэн эмиэ баай историялааҕын быһыытынан, ыалдьыттарга киэн тутта көрдөрөр эбийиэкпит элбэх буоларын ситиһэр сорук турар. Бу өттүнэн Ньурба саҥа-сырдык уонна тупсаҕай тыйаатыра толкуйдаммыт уопсастыбаннай эйгэлээҕин, дьон сынньанар миэстэлэрдээҕин бэлиэтиибин. Син ол курдук, саҥа тутуллар эбийиэктэр тастарын, уопсастыбаннай миэстэлэри эмиэ сайыннаран дьон сөбүлээн сынньанар сирдэригэр кубулутуохтаахпыт.
— Ньурбаҕа уопсастыбаннай эйгэлэри сайыннарарга уонна салайарга тэрилтэлэри, урбаанньыттары кытта хардарыта үлэ туһунан кэпсиэххин сөп дуо?
— Куорат дьаһалтатыгар уопсастыбаннай эйгэлэри салайыыга да, киирэр боппуруостары быһаарарга да сааһыламмыт систиэмэ үлэлиир. Партнерство куораппытыгар бэрээдэк баар буолуутугар биир тутаах өрүт буолар. Итини таһынан биһиги былаһааккаларбытыгар араас тэрээһиннэри тэрийэн ыытар урбаанньыттары кытта ыкса үлэлэһэбит. Дьоҥҥо наадалаах дьарыктарга маастар-кылаастары уонна тематическай биэчэрдэри тэрийэбит.
Биһиги олоххо киирбит уопсастыбаннай эйгэлэри саҥа ис хоһоонноон, олохтоохторго уонна ыалдьыттарга ордук умсугутуулаах, интэриэһинэй буоларын ситиһиэх кэриҥнээхпит. Паарка уонна сквердэр диэн үүнэн турар мастар быыстарыгар кытаанах бүрүөһүннээх суол эбэтэр олорор ыскамыайка эрэ буолбатах, дьон манна кэлэн аралдьыйарын, сынньанарын ситиһэн уопсастыбаннай эйгэ үлэтин тэрийиэхтээхпит.
— Ньурба уопсастыбаннай эйгэлэрин дизайныгар уонна сайдыытыгар киллэрэргэ былааннанар ханнык эмэ чопчу култуурунай эбэтэр историческай өрүттэр бааллар дуо?
— Ньурба хас биирдии уопсастыбаннай эйгэтэ ураты тыыннаах, ол иһин кинилэр кэнсиэпсийэлэрин олоххо киллэрии араас түгэннэртэн тутулуктаах: дьон баҕата, бу миэстэ историята, чопчу уопсастыбаннай эйгэ ис хоһооно. Уопсастыбаннай эйгэлэри сайыннарыы дириэксийэтин иһинэн архитектордаахпыт. Кини бу этиллэр территориялар уратыларын көрдөрөргө, дьон баҕатын хайдах быһыылаахтык олоххо киллэрэргэ үлэлиир.
— Уопсастыбаннай эйгэлэри сайыннарарга көҕүлүүр дойду атын куораттарыттан эн табыллыбыт уонна манна олоххо киллэриэххэ сөп холобурдары чорботуоххун сөп дуо?
— Ааспыт сылга «Номадо» архитектурнай бюрону кытта үлэлэһэн, Ньурба куорат маастар-былаана оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Кэлэр көлүөнэлэр фондатыттан 2 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Бу маастар былаанынан сиэттэрэн куораппытын тупсарыахпыт. Уопсастыбаннай эйгэлэр өттүлэриттэн куорат сайдыытын сүрүн түгэннэрэ быһаарылыннылар. Холобура, Ньурба «Набережнайа» салгыы ситэрэргэ үлэ салҕаныаҕа. Степан Васильев уулуссата аныгы ирдэбиллэргэ хоруйдуурдуу саҥардан оҥоһуллуохтаах. Ааспыт сайын Москваттан «Асадов» конструкторскай бюротуттун кэлэн биһигини кытта үлэлэһэн, үөрэтэн уонна матырыйаал хомуйан барбыттара. Үлэ түһүмэҕинэн ыытыллан, 2027 с. Ньурбаҕа СӨ норуоттарын 9-с Спортивнай оонньууларын иннинэ куораппыт киин уулуссата тосту уларыйан-тупсан көрсүөхтээх. Манна куорат дьаһалтата улуус салалтатын кытта биир ситимнээх үлэни ыытарын бэлиэтиибин.
Отон атын куораттар уопуттарын туһунан этэр буоллахха, биһиги кэллиэгэлэрбитин кытта кэпсэтэ-билсэ олоробут, уопут атастаһабыт, биһиэхэ барсыан сөптөөх диэбит бырайыактарбытын үөрэтэбит. Уопсастыбаннай эйгэлэри тэрийиигэ Татарстан ордук сайдыылаах. Архитектор Акулина Аммосовалыын ааспыт сылга 1 ый кэриҥэ куйаар ситиминэн «Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин куораттарын сайдыытын института» Фонда уонна Казань куорат пааркаларын уонна сквердэрин дириэксийэтэ тэрийэн ыыппыт «Комплексный подход у управлению общественными пространствами» кууруска үөрэммиппит, сэртипикээт ылбыппыт.
— Дьоҥҥо чөл олоҕу пропагандалыырга уопсастыбаннай эйгэлэргэ дьон көхтөөх сынньалаҥын зоналарын эбэтэр спорт эбийиэктэрин тэрийии былааннанар дуо?
— Биһиэхэ араас көрүҥнээх эйгэлэр бааллар: Сергей Васильев төрүттээбит култуура уонна сынньалаҥ паарката, «Набережнай», тиэргэн территорията уонна сквердэр. Эрдэ эппитим курдук, уопсастыбаннай эйгэ кэнсиэпсийэтин ырытан оҥорорго дьонтон функциональнай зоналарынан этиилэри хомуйабыт. Спорт былааһаккаларыгар дьон наадыйыыта улахан. Ол иһин эрдэ түөлбэлэринэн спорт былаһааккалара тутуллан киирбиттэрэ. Ааспыт күһүн Ньурба куорат Күнүгэр пааркаҕа «уличнай» спортивнай тренажердары аҕалан туруорбуппут. Спорду сэҥээрэр дьон сөбүлээн мустар уонна дьарыктанар сирдэринэн буолла.
— Саргылана Петровна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.
Геннадий Антонов