🏥Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүнньүнэн кэлиҥҥи 5 сылга дойду үрдүнэн урукку кэмҥэ тэҥэ суох элбэх эбийиэк тутулунна. Олортон биһиги хотугу өрөспүүбүлүкэбит олоҕор, инники сайдыытыгар уһулуччу суолталаах икки баараҕай уораҕайы чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Сүрэх тэбэрин, тымыр тыгарын тухары
Дойду доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко Дьокуускайга 2022 сыл муус устар 30 күнүгэр Сүрэх-тымыр киинин үөрүүлээхтик арыйыыга ыалдьыттыы кэлэ сылдьан, бу баараҕай тутууну “мэдиссиинэ бриллианынан” ааттаабыта мээнэҕэ буолбатах. Арассыыйаҕа аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр үрдүк технологиялаах тэриллэринэн сэбилэммит кардиология кииннэриттэн биир дьоһуннаахтара, Уһук Илиҥҥэ Хабаровскайдааҕы киин кэнниттэн иккис улахан тутуу: 8 этээстээх, 15 тыһ. кв. м тахса иэннээх.
Эбийиэк иэнэ төһө даҕаны киэптэтиилээҕин иһин, кылгас кэмҥэ тутуллубутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Тутааччылар 2019 сыл атырдьах ыйыгар саҕалаан баран, икки сылынан бүтэрбиттэрэ. Ханнык баҕарар тутуу үптэн-харчыттан тутулуктанар. Маннык баараҕай эбийиэккэ 5 млрд солкуобайтан тахса үп угуллубута. Өрөспүүбүлүкэ үбүн сэргэ баһыйар өттө федеральнай хааһынаттан Уһук Илини уонна Аартыканы сайыннарыы министиэристибэтин нөҥүө “Уһун Илин уонна Забайкалье” федеральнай бырагырааманы олоххо киллэриинэн биир кэлим субсидия быһыытынан тиксэриллибитэ. Сыччах мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн сэбилээһиҥҥэ 2,6 млрд солкуобай ороскуоттаммыта.
Бу Киин Саха сирин олохтоохторун таһынан Магадан уобалаһын, Чукотка автономнай уокуругун хааччыйар кыахтаах. М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин – өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы №-дээх балыыһа иһинэн үлэлиир. Манна сүрэх-тымыр исписэлиистэрэ күүстэрин түмнүлэр: Киин өрөспүүбүлүкэ 1-кы уонна 2-с №-дээх балыыһаларыгар баар кардиология, ньиэрбэ-тымыр, кардиохирургия, нейрохирургия отделениеларын холбооһун суотугар тэриллибитэ. Диспансер 260 бырааһы кытта 560 көмөлтө мэдиссиинэ үлэһиттээх.
Киин сүрүн соруга – хаан эргиирин систиэмэтин ыарыылара дириҥииллэрин тохтотор уонна онтон сылтаан дьон өлөрүн намтатар инниттэн сүрэх-тымыр ыарыһахтарга идэтийбит, үрдүк технологияны туһанан хаачыстыбалаах, куттала суох мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу. Сүрэх-тымыр киинэ 150 уопсай уонна 25 реанимация куойкалардаах. Кардиология уонна кардиохирургия отделениеларыгар 30-туу, суһаллык эмтэниллэллэрэ эрэйиллэр ыарыылаахтарга аналлаах реанимация уонна интенсивнэй терапия балааталаах кардиология отделениетыгар 20, сүрэхтэрин тэбиитэ кэһиллибиттэри хирургия көмөтүнэн эмтиир уонна электрокардиостимуляция отделениетыгар 16, неврология отделениетыгар 39, мэдиссиинэ көмөтүнэн чөлүгэр түһэрии отделениетыгар 15, анестезиология-реанимация уонна интенсивнэй терапия (кардиология) отделениетыгар 19 итиэннэ реанимация уонна неврология өттүгэр 10 ыарыһах сытан эмтэнэригэр суоттаммыт. Эпэрээссийэлиир 3 саалалаах.
СӨ бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы отчуотунан сирдэттэххэ, Сүрэх-тымыр киинигэр 3 000-тан тахса ыарыһахха үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллубут, ол иһигэр 500 киһи сүрэҕэр аһаҕас эпэрээссийэни ааспыт. Киин өрөспүүбүлүкэ демографиятыгар үтүө сабыдыалламмыта илэ чахчы. Ол курдук, 2022 сыл (2023 сыллааҕы илик) түмүгүнэн хаан эргиирин систиэмэтин ыарыыларыттан нэһилиэнньэ өлүүтэ 2021 сыллааҕыттан 10% намтаабыт, ол эбэтэр 100 тыһ. киһи баһыгар тиксэринэн, 354,6 өлүү (2021 с. – 391,1 этэ), ол иһигэр үлэлиир-хамныыр саастаах дьоҥҥо – 14% аҕыйаабыт (2022 с. – 159,4; 2021 с. – 185,5).
Ольга Горюнова, Нерюнгри оройуонунааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы:
– Сүрэх-тымыр киинэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кардиология сулууспата сайдарыгар саҥа саҕахтары арыйда. Киин базатыгар тэйиччиттэн суукканы эргиччи үлэлиир консультация киинэ арыллыбыта олус туһалаах: кардиолог-быраастар Дьокуускайга олорон, оройуоҥҥа үлэлиир кэллиэгэлэригэр уустук диагноһы чуолкайдаан, эмтээһин стратегиятын талалларыгар көмөлөһөллөр. Ону тэҥэ Киин ыарыһах балыыһаҕа бастаан көрдөрө кэлиэҕиттэн быраас көмөтүн ылыаҕар диэри сөптөөх суолу тутуһар уопутун туһанаммыт үлэбитин суһалсыттыбыт.
Искэн – аны бириигэбэр буолбатах
Иккиһинэн, “буруолуу сылдьар” эбийиэги көрүөххэ. Искэн (онкология) киинин уораҕайа тутулларын Саха сирин олохтоохторо күүппүттэрэ ыраатта. Баараҕай тутуу национальнай бырайыак иһинэн “Искэннээх ыарыылары утары охсуһуу” диэн эрэгийиэн бырайыагын сүнньүнэн олоххо киирдэ. Ил Дархан Айсиэн Николаев бу дьыл олунньу 7 күнүгэр саҥа Киини арыйыы сиэригэр-туомугар кыттан, эҕэрдэ тылыгар: “Бу сидьиҥ ыарыы буулаабыт киһитин урут ыйааҕын-дьылҕатын курдук ылынар, өйдүүр буоллахпытына, аны саҥа Киин көмөтүнэн ыарыһаҕы эмтээһин көдьүүһэ тосту уларыйыаҕа. Өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо ыраах барбакка, мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах өҥөтүн миэстэтигэр ылар буолуохтара. Бары өттүнэн өйөөбүт дойдубут баһылыгар Владимир Путиҥҥа дириҥ махталбытын биллэрэбит”, – диэбитэ.
Дьокуускайга П. Алексеев аатынан уулусса 89-с нүөмэригэр 2017 с. тутуута саҕаламмыт эбийиэк бытаараары гыммытын өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата кимиилээхтик туруорсан, онуоха уолдьах 2019 с. саҕаламмыт “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагы олоххо киллэриинэн В.В. Путин бэйэтинэн сорудах биэрбитэ суһалсытта. Уораҕай 26 тыһ. тахса кв. м иэннээх.
Саха сиригэр киһи өлүүтүн төрүөтүн ылан көрдөххө, сүрэх-тымыр ыарыыларын кэнниттэн искэннээх ыарыылартан суорума суолланыы иккис миэстэҕэ турар. Билиҥҥи туругунан, 13 000-тан тахса киһи искэн араас ыарыыларынан учуокка турар. Саҥа кииҥҥэ биир симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүнүөҕэ. Балыыһа 180 сытан эмтэнэр куойкалаах. Сылга 4 000-тан тахса эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа. Ыарыһахтары эмтииргэ 1 880 мэдиссиинэ аныгы тэрилинэн хааччылынна.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, Искэн киинигэр үлэлээччи ахсаана 1 002 киһиэхэ тиийбит, каадыры бэлэмнээһин чэрчитинэн 28 быраас анал ординатураны ааспыт, 144 исписэлиис дойду бастыҥ кииннэригэр уонна 23 киһи тас дойдуларга эбии үөрэммиттэр, мэдиссиинэҕэ 8 физиги уонна 7 радиотерапевы бэлэмнээбиттэр, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун ординатуратын 2019 сылтан саҕалаан 22 онколог бүтэрбит.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансерыгар 2023 сыл түмүгүнэн 2 604 эпэрээссийэни оҥорбуттарыттан үрдүк технологиялааҕа – 167. Кэлиҥҥи 5 сылга (2019 – 2023 сс.) эпэрээссийэ ахсаана 26,5% элбээбит (2019 с. – 2 058; 2023 – 2 604). Ол иһигэр үрдүк технологиялааҕа 10,6% эбиллибит (2019 с. 151 этэ).
Диспансер дьон олоҕор кутталлаах искэн ыарыыларын эрдэ буларга элбэх үлэни ыытар. Ол курдук, Искэн диспансерын быраастара 2020 с. олоххо киллэрбит “Онкопоиск” бырайыактара күн бүгүҥҥэ диэри көдьүүстээҕин көрдөрөр. Ааспыт сылга дьону саастарынан араҥалаан-арааран, тыҥа, быар, эмиий, ноор, суон уонна синньигэс оһоҕостор, оҕо хаатын рактарыгар барыта 7 281 чинчийии ыыппыттарыттан 13 киһиэхэ буллулар, 175 киһини кэтээн көрүүгэ ыллылар. Бырайыак саҕаланыаҕыттан чинчийиигэ (анкеталааһыҥҥа) Саха сирин 21 тыһ. олохтооҕо кыттыбытыттан 80 %-гар искэн ыарыыга ылларбат туруктаахтара быһаарылынна.
Түмүк оннугар
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии сылларыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит эмчиттэрэ эмтээһин саҥа ньымаларын баһылаатылар уонна үрдүк технологиялаах уустук эпэрээссийэлэри аан маҥнай оҥордулар. Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн Саха сиригэр мэдиссиинэ каадырынан хааччыллыы таһыма үрдүк: быраастарынан 78,5%, мэдиссиинэ үлэһиттэринэн 92% хааччыллыылаах. РФ Бэрэсидьиэнэ мэдиссиинэ көмөтүн тупсарыыга уонна ол көмөнөн дьон кэбэҕэстик туһанарын ситиһэргэ туруорар соруктарын өрөспүүбүлүкэбит толорорун түмүгэр Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна 73 сааска тиийдэ. Үөһэ ахтыллыбыт кииннэр инникитин толору күүстэринэн үлэлээтэхтэринэ, хотугу тыйыс айылҕалаах эрэгийиэн олохтоохторун эттэрэ-хааннара чэбдигирэн, үйэлэрэ уһаан иһэллэрэ эрэбил.
Василий Никифоров