Доруобуйаларынан хаччахтаах дьон өйөбүл ылаллар

Оройуоннааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта Светлана Семеновна Яковлева сонунун үллэһиннэ:
— Улууска аҕам саастаахтар декадаларын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтарбыт кыттыыны ыллылар. Түгэнинэн туһанан болҕомтолорун ууран бородуукта нобуорун биэрбит М.К. Куличкинаҕа («Ньурба куорат» МТ), Антоновкатааҕы М.Н.Тихонов бааһынай хаһаайыстыбата икки улахан куул хортуоппуй биэрэннэр, аҕам саастаахтар ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Бу ыйга өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлэ буолан ааста. Онно биһигиттэн Валерий Платонов кыттан үһүс миэстэни ылан үөрэн-көтөн кэлбитэ.

Бэйэбит тэрилтэбитигэр «Минньигэс бүлүүдэ» күрэҕи тэрийэн ыыппыппыт. Күрэххэ Екатерина Лазарева, Павел Григорьев, Ирина Казакова кыттаннар минньигэс сахалыы саламаат, пекинскэйдии, сахалыы духуопкаҕа  буспут кустар, оҕуруот аһыттан салаат арааһын астааннар амсаттылар.

Биир сүрүн сонуммутунан Сэбиэскэй уулусса 30 нүөмэригэр баар үлэлиир дьиэбитигэр ититии систиэмэтэ тардылынна. Манна биһиги махтаныахпытын баҕарабыт улуус уонна куорат дьаһалталарыгар. Быйыл этэҥҥэ кыстыыр инибит диэн эрэл кыыма баар, — диэн түмүктээтэ.

Ити курдук, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон өйөбүл ылаллара үөрүүлээх. Кэлэр өттүгэр түгэнтэн түгэҥҥэ эрэ буолбакка, мэлдьи өйөбүл баар буоллун.

Антонина Семенова