Маалыкайга тохсунньу 26 күнүгэр «Айар Киин» Норуот Айымньытын дьиэтигэр “Өйдүүбүт, саныыбыт, киэн туттабыт!” диэн Бордоҥ нэһилиэгин хорсун уола, гвардия ефрейтора, «Хорсун буолуу» орден хаһаайына Василий Григорьевич Иванов аатын үйэтитэр, ахтан-санаан ааһар тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин саҕаланыытыгар биир дойдулаахпыт, анал боевой дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрөн сырдык тыынын толук уурбут уолбутун кэриэстээн иһийэн ыллыбыт.
“Бордоҥ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии байыаннай учуотун специалиһа Иннокентьева Анна Иннокентьевна кылгастык Василий Иванов туһунан ахтан-санаан ааста. Онтон киэн туттар аймаҕын Василий Григорьевич туһунан Маалыкай орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Вася Петров презентациянан билиһиннэрдэ.
Бочуогу оскуолаҕа орто сүһүөхтэн үөрэппит учуутала, кылаас салайааччыта Надежда Григорьевна Григорьева дириҥ ис хоһоонноох ахтыыта хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалла. Ол курдук, Бочуок олус сэмэй, аһыныгас майгылаах, уруһуйдьут, бэйэтэ хоһоон суруйар идэлээх эбит. Мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар, тэбэнэттээх харахтардаах уолчаан доҕотторун күллэртээн бөҕө буолара. Учууталларыгар олус болҕомтолоох, куруук туохха барытыгар көмөлөһө сылдьар идэлээҕэ, ханна да үлэлээбитин иһин үлэтигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһара.
Василий ииппит аҕата Яков Григорьевич Тыасытов бүтүн республика үрдүнэн биллэр «Дойдум дьоно» ырыа ааптара буолар. Бүгүҥҥү ахтыы-кэриэстэбил күнүгэр биһиги уолбут дьоруойдуу быһыытынан киэн туттан туран, олохтоох “Аартык” литературнай түмсүү айар талааннаахтара Василий Ивановка анаан барыта 9 хоһоону суруйбуттара. «Аартыктар» хомоҕой тыллаах хоһоонноро үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, эр санааҕа, хорсун быһыыга иитэллэр. Онон түмсүү кыттыылаахтара Бочуок аатын үйэтитиигэ сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. Бу тэрээһиҥҥэ олохтоох ааптардар Надежда Григорьева, Виталий Михайлов, Антонова Антонида, Владимир Матвеев анабыл хоһооннорун бэйэлэрэ ааҕан, ахтыы оҥорон улахан сэҥээриини ыллылар. Маны таһынан оскуола үөрэнээччилэрэ Василий Ивановка анаммыт олохтоох ааптардар хоһооннорун истиҥ иэйиилээхтик ааҕан иһитиннэрдилэр.
Тэрээһин кыттыылаахтарыгар Василий чугас аймахтара Тыасытова А.Г., Тыасытов В.А., Тыасытова М.В. бырааттарын туһунан ахтан-санаан аастылар.
Түмүккэ, бу күһүн Василий Иванов сырдык аатыгар анаан суруллубут “Үйэлэргэ махтал” ырыаны оскуола үөрэнээччилэрэ толорбуттарын бары көрөөччүлэр олус хараастан туран иһиттибит, сүрэхпитигэр чугастык ылынныбыт. Бу саҥа ырыа тылын олохтоох ааптар Надежда Григорьева, мелодиятын Таисия Новгородова суруйбуттар.
Василий Григорьевич Иванов (Бочуок) кылгас, ол гынан баран саха киһитин быһыытынан сэмэй олоҕун, хорсун быһыытын биһиги нэһилиэк дьоно ытыктыыбыт, убаастыыбыт, суохтуубут. Кини аата үйэлэртэн үйэлэргэ эдэр ыччакка сырдык сулус буолан хаалыа, биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуо.
Вера АММОСОВА,
олохтоох библиотекарь, «Аартык» литературнай түмсүү салайааччыта
Баар буолуоҥ куруутун барыбыт сүрэҕэр
Соһумар сурах сүрэхпитин хайытта…
Хаарыаннаах оҕобут суох буолтун туһунан…
Билигин даҕаны сүрэхпит ылыммат…
Барбытыҥ уол оҕо чулуута буолаҥҥын,
Бэбиэскэ тутаҥҥын, саарбахтыы барбакка,
Бар дьонуҥ, ийэккэҥ алгыһын ылынан…
Долгуйа маныырбыт эн ханна сылдьаргын,
Уоскуйа түһэрбит сонуну истэммит,
Этэҥҥэ сылдьаргын сэрэнэн кэтиирбит…
Кылааспыт биир саамай бэһиэлэй уолчаана
Күллэрэн биэрэриҥ көрсүһүү кэмигэр,
Көрүдьүөс сэһэни тардаҥҥын-кэпсээҥҥин…
Ийэккэҥ Эркинэ, Таптала, Сулуһа
Эн этиҥ эрэллээх, тапталлаах Бочуога,
Барытын ситэрэр, хоторор уолчаана…
Дьөһөгөй оҕотун сүрэҕиҥ иминэн
Дьоһуннук көрөҥҥүн, биэбэйдээн кэлбитиҥ,
Дьон-сэргэ тапталын ылыаххын ылбытыҥ…
Дойдуга тапталгын чиэстээхтик толорон,
Дьоруойдуу оҕуннуҥ кыргыһыы кэмигэр,
Доҕоттор тустарын санааҥҥын, сэгэрбит…
Хас биирдии төннүбүт доҕоруҥ олоҕор,
Ийэккэ махталын алгыстаах тылыгар
Баар буолуоҥ куруутун үйэттэн үйэҕэ!
Надежда Григорьевна ГРИГОРЬЕВА,
Василий кылааһын салайааччыта
Маалыкай сэлиэнньэтэ, тохсунньу 31 күнэ, 2023 сыл