Өҥөлдьө олохтоохторун каадыр боппуруоһа долгутар

🔰 Оскуолаҕа суола-ииһэ суох буолан учууталлар кэлиилэрэ мөлтөх. Үөрэх эйгэтигэр хаачыстыба боппуруоһун, оскуола тымныытын кыһалҕатын көтөхтүлэр. Каадыр тиийбэтинэн сибээстээн үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр исписэлиистэри анааһын быһыытынан ыытарга республика таһымнаах программа наада дииллэр.

🔸Патриотизм өттүгэр элбэх этии киирдэ. Ньурбаҕа атыы-эргиэн кииннэрин сахалыы ааттыырга, көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэргэ аһара тылы сахатыппакка суруйалларыгар эттилэр.

🔸Маны таһынан үлэни тэрийии боппуруоһугар тохтоотулар. Холобура, куоракка көрдөрө тиийдэххэ босхо көрдөрөргө элбэх бириэмэ барар, төлөбүрдээх өҥө буоллаҕына биир күнүнэн оҥоһуллара бэрээдэктэнэрэ буоллар диэн эттилэр.

🔸Итини тэҥэ балыыһа тутуутун, балбаах сокуонун, төбө харчытын туһунан ыйытыылар киирэн хоруйданнылар.

✍🏻 *Лена Петрова