Алтынньы 4 к. улуус Сүбэтин уочараттаах сиэссийэтигэр 18 боппуруос көрүлүннэ. Сиэссийэ биир суолталаах түгэнинэн улуус Сүбэтин дьокутааттара быыбардааччылар накаастарынан үлэ тэрээһинин туһунан Балаһыанньаны бигэргэтиилэрэ буолла.
Аан бастаан дьокутааттар улуус бас билиитигэр сылдьар кэккэ эбийиэктэри өрөспүүбүлүкэ эбэтэр Ньурба к. бас билиитигэр биэрэр туһунан бигэргэттилэр. Маннык эбийиэктэр кэрискэлэригэр РДЮСШ модульнай остолобуойа, байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар аналлаах сквер тутулларыгар, «Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулларыгар аналлаах сир учаастактара уо.д.а. бааллар.
Атын тутаах боппуруостарынан 2024 с. уонна 2026 с. диэри былааннаах кэмҥэ улуус бүддьүөтүгэр уонна быйылгы ССЭРНУ бырагырааматын, «АЛРОСА» АК дивидениттэн киирэр үп суоттарыгар үлэ былааннарыгар уларытыылары киллэрии туһунан буолла. Манна дьокутааттар улуус баһылыгын экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччыта Эдуард Мярикянов дакылаатын истэн уонна дьүүллэһэн баран бигэргэттилэр. Быйылгы улуус бүддьүөтүн дохуота — 6 млрд. 41,8 мөл. солк., бүддьүөт ороскуота 6 млрд. 122,5 тыһ. солк. тэҥнэстэ.
«АЛРОСА» АК аахсыйаларыттан киирэр дивиденд кээмэйэ 37,8 мөл. солк. улаатан, 332 мөл. 101 тыһ. солк. тэҥнэстэ, итинтэн 282 мөл. тахса солк. инвестиционнай майгыннаах ороскуоттарга норуот хаһаайыстыбатын салааларынан тыырылынна. Мантан салгыы атын боппуруостар эмиэ көрүлүннүлэр.
Сиэссийэ кэнниттэн улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайловаттан санаатын этэригэр көрдөстүбүт.
«Сайыҥҥы каникул кэнниттэн бастакы сиэссийэбит буолар, — диир Нюргуяна Михайловна. – Барыта 18 боппуруос киирэн көрүлүннэ. Мин санаабар, сиэссийэ сүрүн түгэнинэн быыбардааччылар накаастарынан үлэ туһунан Балаһыанньаны бигэргэтиибит буолла.
Былырыын күһүн улуус Сүбэтин дьокутаатынан, онтон улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан баран, быыбардааччылар накаастара диэни олоххо киллэриэҕим диэн эппитим. Ону ырытан-чочуйан, борокуратуураҕа бэрэбиэркэлэтэн баран, бүгүн сиэссийэҕэ Балаһыанньатын бигэргэттибит. Кэлэр сыл бүддьүөтүгэр ааспыт кыһынтан мунньубут этиилэрбитигэр үлэлэһэн барыахпыт. Хамыыһыйа тэриллиэҕэ, онно дьокутааттар уонна улуус дьаһалтатын тутаах үлэһиттэрэ киириэхтэрэ. Биһиэхэ илиибитигэр баар 200-чэ накаастары (мин барытын суруммутум, эрдэ бу туһунан улуус Сүбэтин Телеграмм каналыгар суруйар этим) сааһылаан көрөн, ханныга олоххо киирбитин эбэтэр үлэлэнэ сылдьарын сотуохпут, киирэ иликтэри эһиилги бүддьүөккэ киллэрэ сатыахпыт. Биллэн турар, барыта киирбэт, сорохторун кэлэр сылларынан тыыраммыт үлэбитин саҕалыахпыт.
Мин саныырбынан, бу биһиги улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа сүүрээн буолар. Быыбардааччылар накаастарынан үлэ тэриллиитин туһунан Балаһыанньа бигэргэтиллэн олоххо киирэриттэн олус үөрдүм. Дьокутааттар нэһилиэнньэни, бэйэлэрин быыбардааччыларын кытта үлэлииллэригэр төһүү күүс буолуоҕа, дьокутааттар үлэлэрэ өссө күүһүрэн иһиэҕэ диэн эрэнэбин.
Сыллата улуус бүддьүөтүн кээмэйэ улаатан иһэр. Улуус дьаһалтатын экэнэмиичэскэй сулууспата үчүгэйдик ырытан-ырыҥалаан, үбү тыыран, үп-харчы кырыымчык кэмигэр, олус көдьүстээхтик үлэлии олорор. Дьокутааттар онно эмиэ көхтөөхтүк кыттыһабыт, бэйэбит этиилэрбитин киллэрэбит.
Сиэссийэҕэ дьокутааттар 2027 с. Ньурбаҕа буолар СӨ Норуоттарын IX Спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэтигэр сыһыаннаан, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. ИСУ салайааччыта-улуус баһылыгын тутууга солбуйааччыта Константин Иванов толору иһитиннэриини биэрдэ. Улуус Сүбэтин сиэссийэтин иннинэ туһааннаах хамыыһыйаларынан үлэ күүскэ барбыта».
Геннадий АНТОНОВ