Бу нэдиэлэҕэ, балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр улахан суолталаах бэлитиичэскэй түгэн — СӨ Ил Дарханын, Ил Түмэн дьокутааттарын, улуус Сүбэтин дьокутааттарын талыахпыт. Итини таһынан Хаҥалас уонна Чуукаар нэһилиэктэрин олохтоохторо баһылыктарын талыахтара. Хаһан баҕарар буоларын курдук, быыбар хампаанньатын биэтэгэ чугаһаан истэҕин аайы киирсии сытыырхайар.
СӨ Ил Дарханыгар 4 кандидат баарын билэбит: СӨ Ил Дархана Айсен Николаев («Биир ньыгыл Арассыыйа»), Гаврил Парахин (ЛДПР), Виктор Губарев (КПРФ), Игорь Борисов («Арассыыйа хомуньуустара» баартыйа).
Ил Түмэҥҥэ партийнай испииһэгинэн 6 баартыйа киирсэр. Олору бүлүтүөҥҥэ суруллубут испииһэгинэн наардыым. «Сиэрдээх Арассыыйа» (салайааччылара Федот Тумусов, Юрий Григорьев). Баартыйа Ньурбатааҕы региональнай бөлөҕөр Степан Осипов, Алексей Тихонов уонна Арсен Петров бааллар.
ЛДПР (салайааччыта Леонид Слуцкай, Гаврил Парахин, Семен Макаров). Ньурбатааҕы региональнай бөлөх: Нарыйаана Васильева.
«Саҥа дьон» баартыйа (салайааччы Сардаана Авксентьева, Василий Николаев, Ольга Шерстянникова). Ньурбатааҕы региональнай бөлөх –Александр Иванов, Семен Яковлев.
КПРФ (салайааччы Виктор Губарев, Татьяна Оллонова, Айаан Васильев). Ньурбатааҕы региональнай бөлөх – Иннокентий Васильев.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» (салайааччы Айсен Николаев), Ньурбатааҕы региональнай бөлөх – Владимир Прокопьев, Елизавета Апросимова, Георгий Балакшин.
«Родина» баартыйа (салайааччыта Алексей Лаптев, Олег Маклашов, Григорий Попов). Ньурба оройуонуттан баартыйа испииһэгэр кандидат суох.
13 №-дээх Ньурбатааҕы 1 мандаттаах быыбардыыр уокурукка 4 баартыйаттан 4 кандидат киирсэр. ЛПДПР-тан — Нарыйаана Васильева, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйаттан – Степан Осипов, «Саҥа дьон» баартыйаттан – Александр Иванов, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан – Георгий Балакшин.
Ньурба улууһун Сүбэтигэр биирдии мандаттаах 19 быыбардыыр уокуруктарынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» 19 кандидаты туруорбута. «Сиэрдээх Арассыыйа» — 2 кандидаты, КПРФ – 6 кандидаты туруордулар. Итини таһынан 18 самовыдвиженец баар. Балаҕан ыйын 5 к. туругунан Күндээдэтээҕи быыбардыыр уокурукка – «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан уонна Октябрьскай уокурукка КПРФ-тан турбут 1-дии кандидат сайабылыанньа биэрэн кандидатураларын устуннулар.
Хаҥалас уонна Чуукаар нэһилиэктэрин баһылыгын быыбарыгар Хаҥаласка – 2 киһи: нэһилиэк баһылыгынан үлэлээн кэлбит Серафим Винокуров («Биир ньыгыл Арассыыйа») уонна нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Сардана Григорьева; Чуукаарга билигин үлэлээн кэлбит баһылыктара Владимир Степанов уонна Дьокуускайдааҕы педколледж преподавателэ Артур Федоров киирсэллэр. Чуукаар нэһилиэгин баһылыгар туруоруммут Малдьаҕар нэһилиэгин исписэлииһэ Василий Семенов сайабылыанньа биэрэн кандидатуратын устунна.
Быыбар туһунан Ньурба оройуонунааҕы территориальнай быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Наталия Петрованы кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.
— Наталия Семеновна, улууска быыбардааччы ахсаана төһөнүй? Кэнники буолбут быыбардарга дьон кыттыыта хайдах этэй уонна быйыл хайдах буолуо диэн күүтэҕитий?
— Улууска быыбардааччы уопсай ахсаана – 17750. Күнүн аайы улууска быыбар күн ханнык эмэ төрүөтүнэн суох буолар дьон сайабылыанньа суруйан быыбардааччылар испииһэктэриттэн тахсаллар уонна улууспутугар прописката суох дьон сайабылыанньа суруйан испииһэккэ киирэллэр. Онон быыбардааччы ахсаана уларыйа-хамсыы турар.
Кэнники буолбут быыбардарга улуус нэһилиэнньэтин 62-65% кыттан куоластаабыта. Быйыл даҕаны син-биир ити көрдөрүүгэ тиийиэхпит дии саныыбын, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 60%-тан аҕыйаҕа суоҕа быыбарга кыттыаҕа диэн күүтэбит.
— Наталия Семеновна, бу быыбардарга ханнык саҥа сүүрээннэр баалларый?
— Быйылгы быыбардар бэйэлэрэ эмиэ уратылаахтар. Бастакыта – элбэх күннээх быыбар анаммыта. Быйыл 3 күн быыбардыыбыт – балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр.
Ол быһыытынан болдьоҕун иннинэ куоластааһын быйыл суох. Дьон атырдьах ыйын устата уонна балаҕан ыйын саҥатыгар (балаҕан ыйын 4 к. диэри) быыбар күннэригэр ханна баар буолар сирдэригэр сайабылыанньа суруйан быыбардыыр миэстэлэрин чуолкайданнылар.
— Балаҕан ыйын 8-10 кк. дьиэҕэ олорон эмиэ куоластыахха сөп буоллаҕа? Нэһилиэнньэ ханнык категорията маннык быыбардыаҕай?
— Элбэх күннээх быыбар күннэригэр — балаҕан ыйын 8-10 кк. дьиэҕэ олорон куоластыахтарын сөп. Балаҕан ыйын 10 к. күнүс 2 ч. диэри дьиэтигэр быыбардыан баҕалаах нэһилиэнньэ кыаммат араҥата, доруобуйатынан хааччахтаах дьон уонна быстах кэмҥэ доруобуйалара мөлтөөн сылдьар дьон бэйэлэрин учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатыгар биллэрэн, дьиэлэригэр куоластыыр быраабы ылыахтаахтар. Оччоҕо учаастактааҕы быыбар хамыыһыйата олорор аадырыстарынан тиийэн кинилэри быыбардатар.
— Бу быыбарга эмиэ кэтээн көрөөччүлэр институттара баар буолар буоллаҕа?
— Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр уонна быыбарга киирсэ сылдьар баартыйалар, кандидаттар өттүлэриттэн кэтээн көрөөччүлэр син-биир баар буолуохтара. Кинилэр быыбар хаамыытын кэтээн көрүүгэ сыаллаах үлэлэрин толоруохтара.
— Быыбарга хас бүлүтүөн баар буоларый?
— Ньурба оройуонугар пропискалаах хас биирдии быыбардааччы быыбардыыр миэстэтигэр кэллэҕинэ, 4 устуука бүлүтүөнү ылар. Мантан үһэ — региональнай быыбар киэнэ: Ил Дархан быыбарын, баартыйалар Ил Түмэҥҥэ быыбардарын, Ил Түмэҥҥэ 1 мандаттаах уокурук быыбарын бүлүтүөннэрэ. 4-с бүлүтүөн – Ньурба улууһун Сүбэтигэр уокуруктарынан быыбар бүлүтүөнэ.
Итини таһынан Чуукаар уонна Хаҥалас нэһилиэктэрин олохтоохторо баһылыктарын талалларыгар 5-с бүлүтүөн бэриллиэҕэ. Бу быыбардары нэһилиэктэр учаастактааҕы быыбар хамыыһыйалара тэрийэн ыыталлар.
— Наталия Семеновна, быыбардааччыларга тугу этиэххин баҕараҕыный?
— Ньурба оройуонун бары быыбардааччыларыгар балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр кэлэн бэйэҕит гражданскай быраапкытын туһанан, быыбарга бэйэҕит санааҕытын биллэриэххитигэр баҕарабын. Бу күннэргэ бэйэҕит учаастаккытыгар тиийэҥҥит быыбарга кыттыҥ уонна сөптөөх диэбит кандидаттаргытыгар куоласкытын биэрэн, СӨ Ил Дарханын, Ил Түмэн дьокутааттарын уонна улуус Сүбэтин саҥа састаабын таларга кыттыһаргытыгар ыҥырабыт!
— Эйиэхэ, ТИК уонна учаастактааҕы быыбар хамыыһыйаларын бары чилиэннэригэр ситиһиилэри!
Геннадий АНТОНОВ.