Ньурба оройуонун Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов кыстыкка бэлэмнэнии хаамыытын билсэ Сүлэҕэ Любовь Васильевна ИВАНОВА салайар бааһынай хаһаайыстыбатыгар тахса сырытта.
Ынах сүөһүнү көрүүгэ сыстаҕас, идэлэрин баһылаабыт дьон быһыытынан, хаһаайыстыба үлэтэ хара тэриллиэҕиттэн уурбут-туппут курдук салаллар. Быйылгы дьылга олус элбэх үлэ барбыта тута харахха быраҕыллар. Ол курдук, СИП-панелынан үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ, пристройдаах дьоҕус арыы собуота, 2 буоксалаах гараж туттубуттар. Хаһаайыстыба 2 хотоннооҕуттан, эрдэ тутуллубут хотонугар сүөһү уулуур поилкатын тарда сылдьаллар, уотун лиинийэтин саңардан биэриэхтээхтэр. Хотонноро иккиэн уотунан ититиллэн турбут буоллахтарына, аныгы үйэ тэтиминэн газгольдер оһох систиэмэтин тарда сылдьаллар. Инники сылларга уотунан ититиигэ улахан ороскуоттаахтык олорбуттар, холобур, кыһыҥҥы тымныы ыйдарга 100-тэн тахсалыы тыһыынчаны төлүү сылдьыбыттар.
Хаһаайыстыба төбөнөн уопсайа 300-тэн тахса хоро5ор муостаа5ыттан 120-тэ ыанар ынах. Быйылгы төрүөх көрдөрүүтэ 80%-тан тахсыбыт. Ньирэйдэр туруктара этэңңэ, миэстэтигэр ардахтан, тыалтан хаххалыыр анал сир тутан туруораллар.
Хаһаайыстыба окко да тэтимэ үчүгэй, сеновалларыгар 200-тэн тахса рулону тиэммиттэр. Окко сыллааҕы былааннара 350 туонна, билиҥҥи туругунан 200-чэ туонна оттоммуттар.
Дьокуускай куораттан уонна Нам улууһуттан быстах болдьоххо сүөһү көрөөччүнэн кэлбит дьиэ кэргэттэр үлэлииргэ бары усулуобуйа баарын, хамнас кэмигэр кэлэрин бэлиэтээн туран, салгыы үлэлии хаалар ба5алаахтарын кэпсииллэр.
Лина Семенова