Балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ уонна улуус таһымнаах быыбардары сэргэ, Хаҥаласка уонна Чуукаарга нэһилиэк таһымнаах быыбардар ыытылла тураллар. Хаҥалас нэһилиэгин баһылыгын быыбарыгар билигин үлэлээн кэлбит баһылыктара Семен Винокуров уонна нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Сардана Григорьева киирсэллэр.
Хаҥалас нэһилиэгин учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Галина Никитична Антонова иһитиннэрэринэн, нэһилиэккэ быыбар күнэ көхтөөхтүк ааһан иһэр. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыбарга быыбардааччылар испииһэктэригэр – 317 уонна муниципальнай быыбарга испииһэккэ 352 киһи киирэн сылдьар. Күнүс 3 чаастааҕы сибидиэнньэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи быыбар испииһэгинэн – 115 уонна муниципальнай быыбар испииһэгинэн 108 киһи куоластаата. Хаһан баҕарар буоларын курдук, аҕам саастаах дьон олоххо көхтөөх позицияларын көрдөрөллөр. Ол курдук 88 саастаах кырдьаҕас быыбардааччы Мандарова Татьяна Ивановна кэлэн куоластаан барда.
Чуукаарга баһылык быыбарыгар эмиэ билигин үлэлээн кэлбит баһылыктара Владимир Степанов уонна Дьокуускайдааҕы педколледж преподавателэ Артур Федоров киирсэллэр.
Чуукар нэһилиэгин учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Раиса Ариановна Семенова эмиэ быыбар күргүөмнээхтик бара турарын, баар дьон көхтөөхтүк кэлэрин этэр. Быыбардааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэктэригэр – 466, муниципальнай испииһэккэ 482 киһи киирэн сылдьар. Күнүс 3 чааска 183 киһи куоластаата.
Геннадий АНТОНОВ.