Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр Кураан Атах диэн сиргэ православнай кириэс турбута 100 сылын бэлиэтээтибит.
Бу кириэһи 1923 сыллаахха Иона Петрович Давыдов диэн таҥараһыт киһи туруорбут. Биллэринэн манна өрөбөлүүссүйэ кэннэ ыарахан олох ааҥнаабыт, аччык ыар кэмнэр буолбуттар. Олохтоохтор үтүө кэмнэр кэллиннэр, таҥара көмөлөстүн диэн санааннан салайтаран Үрүҥ Аар Тойоҥҥо үҥэн-сүктэн, көрдөһөн баран сэттэ миэтэрэлээх кириэһи туруорбуттар. Бу маннык кириэстэри хас да сиргэ туруорбуттара биллэр.
Курааҥҥа баар кириэс бүтэһик хаалбыт. 1995-96 сыллаахха эргэрэн сууллубут этэ. 2007 сыллаахха суол оҥоро сылдьан, ол саҕана бульдозерист эһэм Александр Жданов үлэлии сылдьыбыт дьонун кытары туруорбут. Кини бу күн ол туһунан эмиэ кэпсээтэ. Ньурба церковыттан аҕабыыт Отец Анатолий тахсан оруобуна бу күн «Воздвижение Животворящего и Честного Креста Господня» күнэ буоларын бэлиэтээтэ уонна махтал мэлииппэтин аахта.
Кыраайы үөрэтэр түмэл, кулууп, дьаһалта үлэһиттэрэ уонна үөрэнээччилэр буолан күн аайы буолбат, дьикти тэрээһини көрөн сөҕөн-махтайан кэллибит.
Анжелина ЖДАНОВА, 11 кылаас. «Ыллык» эдкорпост.