Хаҥалас нэһилиэгэр бу күннэргэ саҥа хотон тутуута түмүктэнэн эрэр. Бу ыйга үлэҕэ киирэр. Нэһилиэк баһылыга Серафим Винокуров кэпсииринэн, быйыл нэһилиэккэ иккис хотоннорун тутуутун от ыйын бүтүүтэ саҕалаабыттар.
«Улуустан саҥа хотон тутуутугар 8 мөл. солк. кэлбитэ, — диир Серафим Александрович. – От ыйын бүтэһигэр сонно Дьокуускайга баран матырыйаалларын ылбытым. Барытыгар бэйэбит уолаттарбыт үлэлээтилэр. Хаҥаласпыт уолаттарын кэпсэтэммин, бэйэбит биир дойдулаахтарбыт, чуолаан Артем Филиппов таста. 4 сырыы оҥоһуллубута. Хотон тутуллар сирин үрдэтиигэ Хаҥаластан төрүттээх урбаанньыт Аял Бияков үлэлээтэ. Куоракка олорор, сыбаарка үлэтин эҥкилэ суохтук баһылаабыт Хаҥаласпыт уолаттара бааллар. Дьокуускайга уонна хоту улуустарга гаражтары уо.д.а. туппуттара. Кинилэр кэлэн хотоммутун үчүгэй хаачыстыбалаахтык туттулар.
Хотон үлэтиттэн уотун тардыыта, вентиляцията хаалла. Үлэтэ үмүрүйдэ даҕаны, алтынньы 20 к. кэнниттэн сүөһүлэри киллэртиэхпит. Нэһилиэктэн ирээттэһэн үбүлээһин быһыытынан 2 мөл. солк. көрбүппүт. Онон холбоон 10 мөл. солк. суумалаах хотон буолла. Вентиляцията, автопоилката, уотун тардыыта, тех-усулуобуйа эҥин барыта кэпэрэтииптэн үбүлэнэр. Итини сэргэ кыра быстах-остох үлэлэргэ эмиэ үп-харчы барар.
Хомойуох иһин, 150 сүөһү турар турар хотоммут балаҕан ыйыгар умайан хаалбыта. Ону хайдах гыныахпытый, «балаһыанньаны өйдөөҥ» диэн, кэпэрэтииппит чилиэттэригэр, усунуоска сүөһүлэрин көрдөрөр дьоҥҥо быйыл сүөһүлэрин бэйэлэрэ көрөллөрүгэр эттибит. Саҥа хотон дьоҕус, онон итиннэ кэпэрэтиип бэйэтин 70 сүөһүтэ кыстыахтаах, онтон 45-һэ – ынах.
Биһиги тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибигэр 2017 с. үлэлэһэн саҕалаабыппыт. Бастаан кэпэрэтиип отой сүөһүтэ суоҕа, дьонтон сүөһүлэрин ылан көрөн барбыппыт. Ол саҕана улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччынан үлэлээбит Артур Яковлев биһиэхэ сүбэ-ама буолан, өйөөн улаханнык көмөлөспүтэ. «Күндээдэ» АУо-тан 20 тыһаҕас атыыласпыппыт. Итиннэ улуустан 1 мөл. солк. кэлбитэ, 450 тыһ. солк. кэпэрэтиип төлөөбүтэ. Ол 20 төбөттөн саҕалаан, 5 сыл иһигэр сүөһүбүт ахсаана 70-ҥа тиийдэ. Сүөһүнү үчүгэйдик көрдөххө, дьиҥинэн, ахсаана түргэнник эбиллэр. Инникитин сүөһүбүт ахсаанын 200-300 төбөҕө тиэрдэр былааннаахпыт. Эһиил эмиэ улууспут көмөтүнэн уонна кэпэрэтииппит күүһүнэн ити хотоммутун уһатан, 150 төбөҕө анаан эбии тутуохпут. Өссө элбэх сүөһүнү тутар курдук.
Арыыбыт сыаҕа нэһилиэк иһинэн үлэлии турар. Сайыҥҥы кэмҥэ үрүҥ ас дэлэй буолар. Арыыны, сүөгэйи нэһилиэк олохтоохторо хамаҕатык атыылаһа олороллор. Быйыл кэпэрэтиип үүт туттарар чилиэннэрин кытта холбоон үүт соҕотуопкатыгар былаана – 107 т. Ону толоруохпут. Сүөһүбүт ахсаана элбээн истэҕин аайы, үрүҥ аһы дэлэтэр инниттэн үүт былаанын эмиэ элбэҕи ыламмыт үлэлиэхпит».
Геннадий Антонов