Хатыы орто оскуолата хапытаалынай өрөмүөннэннэ

Балаҕан ыйын 1 күнэ – Билии күнэ, хас биирдии бэйэбитигэр олус күндү уонна кэтэhиилээх бырааhынньык буолар. Ол курдук оскуола киhиэхэ ураты суолу хаалларар. Хас биирдии киhи хаhан эрэ аан маҥнай оскуола боруогун атыллаан, билии киэҥ аартыгын арыйан олоҕун оҥкулун оҥостор. Кинилэр үѳрэммит оскуолаларынан, маҥнайгы уонна үѳрэппит учууталларынан, доҕотторунан киэн тутталлар.

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолабыт аана аhылынна, билии дойдутун киэҥ эйгэтигэр саҥа аартыктары арыйар үѳрүүлээх күнэ үүннэ! Сайыны быhа чуҥкуйан турбут оскуола эмискэ оҕо чугдаарар саҥатынан,  хатан күлүүтүнэн, чуораан лыҥкынас тыаhынан туола түстэ.  Сабыс саҥа ѳрѳмүѳннэммит оскуола, ып-ыраас истиэнэлэр, саҥа кыраасканан күлүмүрдүү киэргэммит кылаастар, кѳрүдүѳрдэр чэйиҥ, киириҥ диэбиттии үѳрэ кѳрсѳллѳр.

Бу үѳрэх дьылыгар  Н.И.Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата хапытаалынай ѳрѳмүѳннэнэн, барыта силигин ситэн,  65 үѳрэнээччигэ билии күнүгэр оскуола аанын тэлэччи арыйда. Быйылгы 2023-2024 үѳрэх дьылыгар аан маҥнай оскуола боруогун атыллаан, билии киэҥ аартыгын арыйа, саҥа суумкаларын сүгэн, сибэкки тутуурдаах, элбэх билиини иҥэринэр күүстээх баҕа санаалаах, үѳрэнээччи үрдүк аатын сүгэ кэлбит  7 кырачаан үѳрэнээччи маҥнайгы кылааска киирдэ.

«Педагог уонна уһуйааччы» сылынан   учууталлары, оскуола үлэhиттэрин  бу кэрэ бэлиэ Билии  күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ.  Ѳркѳн ѳйдѳѳх, киэҥ билиилээх, чѳл доруобуйалаах ,  дойдутугар бэриниилээх, бары ѳттүнэн сайдыылаах үѳрэнээчилэри иитэн-такайан таhаарыҥ, «иккис дьиэҕитигэр» оскуолаҕа үѳрэ-кѳтѳ, астына-дуоhуйа үлэлээҥ, соруммуккут барыта сатаннын, туппуккут барыта  туоллун, былааннаабыккыт туолан истин. Элбэх ситиhиилээх,  үгүс таhаарыылаах үѳрэх дьыла буоллун!

Оттон оҕолорбут, үѳрэнээччилэрбит элбэх билиини сомсон, араас күрэхтэргэ кыайыы чыпчаалын билэн,  киhи киhитэ буолан,  Сахабыт сирин, тѳрѳѳбүт дойдугутун аатырдыаххыт, ааттата туруоххут  диэн эрэнэбит.

Матрена Габышева.