Хорулаҕа Олоҥхо дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

Ахсынньы 19 күнүгэр Хорула нэһилиэгэр Олоҥхо дьиэтин үөрүүлээх арыллыыта буолла. Хорула нэһилиэгэ былыр-былыргыттан олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит үтүө сирдэрэ буолар. Тупсаҕай көстүүлээх дьиэни  олохтоох уолаттар бэйэлэрэ 2 сыл  кэриҥэ туттулар. Инникитин түөлбэлэр, түмсүүлэр мустан араас тэрээһиннэри, мунньахтары ыытар сирдэрэ буолуохтаах. Кэлэр сылларга ППМИ бырайыагар киирсэн тас өттүн тупсарыытыгар ылсар былааннаахтар.

Үтүө тэрээһиҥҥэ Хорулаттан төрүттээх, билигин араас улуустарга, Дьокуускай куоракка олорор ыалдьыттар кэлбиттэр.

Елена Иванова, “Саха Сирэ” хаһыат суруналыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

— Мин эһээм Мурустаал Уйбаан 3 олоҥхолоох киһи ыллаатаҕын аайы иһит-хомуос барыта ыллаһар улуу олоҥхоһута эбитэ үһү. Мантан салгыы олоҥхо сайдыа, талааннаах ыччаттар элбэхтэр, олоҥхо Хорулаҕа иккис тыынын ылыа дии саныыбын.

Юрий Иванов, Дьокуускай куоракка Хорула түмсүү салайааччыта:

— Бүгүн 8 киһилээх делегациянан кэлэммит Олоҥхо дьиэтэ аһыллыбыт үөрүүтүгэр кыттыһа сылдьабыт. Араас тэрээһиннэргэ барытыгар төһө кыалларынан  баар буола сатыыбыт. Бүгүҥҥү суолталаах, историческай күнү дойдубутугар кэлэн атаара сылдьарбытыттан үөрэбит. Инникитин  бу дьиэҕэ элбэх  суолталаах  тэрээһиннэр  буолуохтара диэн эрэнэбин.

Николай Григорьев, олоҥхоһут:

Чурапчы Чакырыттан аллар атаһым Чиллэ Баһылай ыҥырыытын ылынан кэлэн олоробун. 2018 сыллаахха Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо күрэҕэр кыттан кыайбыт массыынабынан аҕыйах киһини илдьэ кэллим. Ньурба дьонугар хайаан даҕаны олоҥхолоон иһитиннэрдэхпинэ сатанар диэн  сыаллаах-соруктаах кэлбитим.

Саҥа  арыллыбыт Олоҥхо дьиэтигэр  ньурбалар киэн туттар олоҥхоһуппут Василий Иванов –Чиллэ Баһылай аатын  иҥэрдилэр.

Тэрээһин кыттыылаахтара, ыҥырыылаах ыалдьыттар бу күнтэг бары астынан, дуоһуйан тарҕастылар.

Лена Петрова