Иэхэй-чуохай! Итинник саҥа аллайыы өрүү даҕаны кыайыыны кытта ситимнээх! Бу “Айардар” наһаа үчүгэй ыралаахтар диэн хайгыыбын. Куруук итинник үөрүүнэн-көтүүнэн, кыайыынан арыаллаан биһигини, ааҕааччыларын сэргэхситэ сылдьаллара омуна суох махталлаах.
Биһиги, ордук сааһыра барбыт дьон, аахпыппытын-көрбүппүтүн бытааннык “буһарабыт”. Маҕаһыыҥҥа киирбитим биир мааны дьахтар атыылыыр кыыстыын аахса аҕай турар.
—Бу тугуй?
—Манан наһаа үчүгэйдик оонньуохха сөп.
—Тугу оонньуубутуй?
—Ордук кыра оҕо манан көрөн туох буоларын, туохха туттулларын өйдүүр кыаҕын эрчийэр. Оттон обургу оҕо ону мэйиитигэр хатыырга эрчиллэр. Кырдьаҕас киһи эмиэ…
Мин кэпсэтии тугунан бүтэрин истээри аттыларыгар турабын. Атыылаһааччы кыйаханаары гынар.
—Оттон бу манна суруллубутун ааҕан өйдүө суохпун…
—Сүрдээх боростуой ээ. Өйдөнөр гына суруллубут.
—Суох, хайдах оонньуурбун сатаан өйдөөбөккө турабын,—дьахтар отой бэриммэт.
Атыылааччы да киэҥ көҕүстээх:
—Ээ, оонньонор бэрээдэгэ наһаа судургу, оруобуна били “Дурак” курдук, мин бэҕэһээ оҕолорбунуун оонньоон күлүү-үөрүү бөҕө буолбуппут…
—Оттон маарыыттан уһаппакка эрэ “Дурак” курдук диэххин! Аҕал миэхэ, иккитэ! Биирин кыыһым аахха бэлэхтиэм!—атыылаһааччы дьахтар көрүөх бэтэрээ санаата уларыйан хаалла.
Мин били “Дурак” диэни истэн эмиэ эрдийдим, сэрэххэ биири ылан аҕаллым. Эмээхсимминиин саҕалаатыбыт, суругар 2 киһи эмиэ оонньуур диэннээх этэ. Бэрт уһуннук ылахтастыбыт, хаартыбыт орто да чээрэтэ бараммата. Өрөбүлгэ оҕолор кэллилэр. Тото аһаан баран күргүөмүнэн бары “Иэхэй-чуохай” үрдүгэр түстүбүт. Кыралыын-улаханныын, кыра муҥхааллары аахпакка туран, 9 буолан муостаҕа олорон оонньоотубут. Доҕоттоор, өр гымматыбыт, күлүү-үөрүү ортотугар 17 мүнүүтэ иһигэр били наһаа элбэх хаартыбытын соҕотохто күлүм гыннардыбыт. Иккистээн оонньуурга бастаабыт киһини бириэмэтин кытта тэҥниэххэ буоллаҕа дэстилэр. Инньэ гынан түрүлүөн, тутуһуу-хабыһыы ортотугар күргүөмнээх оонньуубут бастакыбытынааҕар 1 мүнүүтэнэн эрдэ бүттэ.
Оҕо хараҕа кыраҕы эбит, түргэттэрэ бөҕөлөрө. Биһиги хаһан кыҥастаһыахпытыгар диэри өр гымматтар, хайы-үйэ хаартыларын элээрдэн аҕалан түһэ охсоллор, итэҕэс буоллаҕына эбии хаартыны баантан туура тутан ылбыт буолаллар.
—Эһээ, эһиги эбээлиин бытаан баҕайыгыт. Аныгы сырыыга бэйэбит эрэ киирсиэхпит,—диэн кыра сиэн быһаарааччы-туруорсааччы буолан дьонуттан дьарылынна.
—Аҕаа, ити “Иэхэй” ханна атыыланарый, бэйэбитигэр ылыыһыкпыт, бэртээхэй эбит,—диэн кыра уолум сыаналаата.
Оттон мин эмээхсиним “бытааммын” диэбэтэ, өһүргэммит дьүһүнэ суох, бу сарсыардаттан “Бичик” маҕаһыынынан эргийэн Бүөкүлэҕэ сылдьыам диэн барбыта. Арааската дьүөгэтигэр уонна улахан уол бөтөһө, били биһигини кириитикэлиир Миичиккэ “Иэхэй-чуохайы” ылан биэрээри гыннаҕа.
Анисим Неустроев,
Дьокуускай