«Илиибэр граната үлтүркэйэ киирбитин билбэккэ киирсибитим»

Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх, Куба диэн позывнойдаах байыаннай сулууспалаах илиинэн киирсиигэ ВСУ боевигын самнарбытын, иккиһин бэлиэҥҥэ ылбытын, үсүһүн куоттарбытын туһунан кылгас интервью биэрбитин көрбүппүт. Кинини кытары сибээскэ тахсан чугас, аттыбар олорор курдук кэпсэттибит. Куба кэпсээнин хайдах баарынан таһаарабыт:

Позывнойум араспаанньабыттан тахсыбыта, сахалыы көтөр аата. 2022 сыл балаҕан ыйыгар бастакы хомуурга ыҥырыллан барбытым. Үлэлии сырыттахпына бэбиэскэ аҕалан туттарбыттара, 3 чаас иһигэр хомунан кэлэ охсоргор диэн. Дьонум биллэн турар, долгуйбуттара, аймаммыттара эрээри, барардыы тута быһаарыныы ылынан, саарбахтаабакка эппит сирдэригэр, эппит бириэмэлэригэр тиийбитим.

Эрдэ Ньурбаҕа реанимацияҕа медбратынан үлэлии сылдьыбытым, хамсык кэмигэр эпидбиригээдэҕэ киирбитим, онтон салгыы Дьокуускайга №2 республикатааҕы балыыһаҕа реанимацияҕа медбратынан үлэлээбитим.

Бастаан барыбытын тута Хабаровскайга илдьибиттэрэ, онтон Биробиджаҥҥа 69-с биригээдэҕэ киирбитим. Биир ый курдук үөрэтэн баран, Украинаҕа ыыппыттара. Үөрэтэллэрэ баҕас чуолкай. Бастакы көмөнү оҥорорго, уйулҕа өттүнэн эмиэ күүскэ бэлэмнииллэр, атынын этэ да барбаппын, инструктордар үчүгэйдик үлэлииллэр.

2023 сыл кулун тутарыгар атахпар эчэйии ылан дойдубар уоппуска ылан тиийэ сылдьыбытым. 30 хонукка эмтэн диэн ыыппыттара, седалищнай ниэрбэбин граната үлтүркэйэ таарыйан неврология салаатыгар реабилитация ааспытым. Уонна ыам ыйыгар атахпар туран, төттөрү чааспар кэлбитим.

Ол күн даачаларга киирбиппит. Ханнык дьиэлэри штурмнуурбут туһунан бирикээс кэлбитэ, бирикээһи тута толороҕун. Уҥа-хаҥас, утары барыҥ диэн барытын этэллэр. Инньэ гынан 5 буолан эппит сирдэригэр барбыппыт. Бастакы дьиэбит штурматыгар тута ВСУ-ларга түбэспиппит. Уолаттар үөһээ оборонаҕа хаалбыттара, мин подвалга киирбитим. Хабыс-хараҥа этэ, бастаан утаа кими даҕаны көрбөтөҕүм. Үрдүбэр кэннибиттэн саба түспүттэрэ. Илиинэн киирсии буолбута, ол сырыттахпытына биир киһилэрэ куотан иһэн граната бырахпыта. Онтон өссө биир киһи тардыалаһан барбытыгар үс киһини кытары киирсэ сылдьарбын билбитим. Барыта кыл түгэнэ этэ, адреналин диэн баар эбит – эбэтэр эн, эбэтэр эйигин…

Биир киһини бэлиэн ылбытым уонна уолаттары ыҥырбытым. Уолаттар миигин ытыалаһыыны истэн соҕотоҕун былдьанна дии санаабыттар этэ. Онтон хаһыыбын истэн бастакынан саха уола подвалга түспүтэ. Кэнники, барыта ааспытын кэннэ илиибэр граната үлтүркэйдэрэ киирбитин билбитим. Дьолго, улахан эчэйии буолбатах этэ, бэрэбээскилээн кэбиспитим.

Онтон салгыы бирикээс быһыытынан атын дьиэҕэ барбыппыт. Позицияҕа сыттахпытына дьиэни эстэрбиттэрэ, үрдүбүтүгэр таас дьиэ суулуннаҕа дии. Атахпар шлакоблок түспүтэ, бэгэччэгим тостубута. Бастаан итиитигэр ону эмиэ билбэккэ, дьоммун урусхалламмыт дьиэ анныттан хостоспутум. Уолаттары кытары биир дьиэ кэргэн курдук буолан хаалаҕын, бэйэмсэх санаа отой суох буолуохтаах.

Манна хамандыыргыттан улахан тутулуктаах. Сорохтор передовойга нэдиэлэ, икки нэдиэлэ, ый сыталлар. Солбуйар дьон кэллэҕинэ түргэнник тахсаҕын. Араас буолар. Билигин биһиги биригээдэбитигэр сахалар 8 буолан сылдьабыт, сахалар мындырдарын, хорсуннарын наар бэлиэтииллэр.

Дойдубутуттан Ньурбаттан, уопсайынан саха сириттэн көмө сотору-сотору кэлэр. “Гуманитарка уолаттара” отой үчүгэйдик үлэлииллэр. Бары биир өйдөөх-санаалаах сылдьабыт.

Сотору саас барыта бадараан буолуоҕа, техника өттүттэн квадроцикллар наада буолаллара буолуо. Эчэйиини ылбыт уолаттарбытын таһаартыырбытыгар эҥин.

Билигин чааспар баарбын, госпитальга эмтэнэ киириэхтээхпин уоппуска ылан. Дойдубар тиийэ сылдьыбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын.

Лена Петрова