Инбэлииттэргэ оҥоһуллар чэпчэтиилэр тустарынан

Ньурба улууһугар билиҥҥи туругунан 1928 доруобуйаларынан хааччахтаах дьон баар. Бастакы группалаах — 337, 2 группалаах — 560 уонна 3 группалаах – 810 киһи уонна 221 оҕо.

Кинилэргэ анаан араас чэпчэтиилэр, көмөлөр оҥоһуллаллар, сыллата доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр диэн реабилитациялыыр кииннэргэ ыыталлар. Ньурбатааҕы социальнай харалта управлениета ыытар үлэтин, ханнык уларыйыылар киирбиттэрин туһунан инбэлииттэри кытары үлэлиир салаа сүрүннүүр исписэлииһэ Лариса Андрееваттан сиһилии ыйыталастым.

— Үтүө күнүнэн, Лариса Прокопьевна. Биһиги хаһыаппытыгар нэһилиэнньэттэн инбэлииттэргэ анаан туох көмө, өйөбүл баарын туһунан сырдатаргытыгар диэн көрдөһүүлэр киирэллэр. Онон бу сыл саҕаланыыта ааспыт сылга туох үлэ барбытын, быйыл туох саҥа уларыйыылар киирэн эрэллэрин кэпсииргэр көрдөһөбүн.

— Үтүө күнүнэн, мин хаһыс даҕаны сылын улууспутугар доруобуйаларынан хааччахтаах дьону кытары үлэлээн кэллим. Бу сыллар тухары дьоҥҥо араас сүбэни, иһитиннэриини ыыта олоробут. Билигин Федеральный реестр инвалидов (ФГИС ФРИ) диэн баар, боростой тылынан эттэххэ – инбэлииттэр Госуслугалара. Манна хас биирдии киһи туһунан иһитиннэрии барыта киирэ сылдьар. Хаһан инбэлииккэ тахсыбыта, Бюро МСЭК иһитиннэриитэ, Пенсионнай фонда дааннайдара, туох чэпчэтиилэр бааллара, хаһан реабилитация барбыта кытары киирэр. Бу программанан үксүн эдэр дьон уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр туһаналлар, тыаҕа олорор саастаах дьон үчүгэйдик сатаабаттар. Онон оҕолоругар, сиэннэригэр эбэтэр дьаһалталарыгар баран Тус кэбиниэт астаран барытын көрө олоруохтарын сөп. Туһана үөрэннэххэ олус туһалаах сайт, туох баар иһитиннэрии барыта баар.

— Реабилитациялыыр кииннэр туһаларын туһунан элбэхтэ истэбит. Кинилэри кытары ситимнээх үлэ хайдах ыытылларый?

— Ааспыт сылга реабилитацияны 247 оҕо ааста, кинилэр ахсааннарыгар сотору-сотору ыалдьар оҕолор эмиэ бааллар. Саха сиригэр барыта 4 эрэ реабилитациялыыр киин баар — Ньурбаҕа, Дьокуускайга уонна икки Нерюнгрига. Бу кииннэри кытары биһиги ыкса ситимнээхтик үлэлиибит.

Ньурбатааҕы комплекснай кииҥҥэ 115 квоталаахпыт. Биһиэхэ бэйэбитигэр маннык киин баара олус үчүгэй. Ыраах айаннаабат оҕолорбут доруобуйаларын тупсарыналларыгар олус табыгастаах. Оҕо инбэлииккэ тахсарыгар выпискатыгар суруйаллар сылга хаста реабилитация ааһыан наадатын туһунан, ол барыта тутуһуллуохтаах.

Нерюнгрига анал ДЦП-лаах дьону реабилитациялыыр киин олус үчүгэйдик үлэлиир. Урукку өттүгэр хаампат оҕо хааман кэлэрин көрбүт буоламмын үлэһиттэригэр наһаа сүгүрүйэбин. Манна биһиэхэ быйыл 28 квотаны биэрдилэр. Эмиэ Нерюнгрига баар “СУВАГ” киинигэр истибэт уонна саҥарбат оҕолор баран эмтэнэллэр. Манна хас даҕаны төрөппүт оҕолорун эмтэтэн инбэлииттэн таһаартардылар. Сорохтор Ньурбаттан Нерюнгрига отой көһөн тиийэн, дьиэ куортамнаан олорон эмтэтэллэр. Сыл инниттэн уочараттыыллар, инньэ гынан квота былдьаһык. Олорор сирдэрэ суоҕун, дьиэ куортамын сыаната үрдүгүн аахсыбакка Россия атын куораттарыттан тиийэ кэлэн эмтэнэллэр. Биһигиттэн баралларыгар, холобура, ыалга 2 инбэлиит оҕо баар буоллаҕына кинилэр арыалдьыттарыгар икки киһиэхэ бырайыастара толору төлөнөр.

Маны таһынан Дьокуускайга Сэргэлээх шоссетыгар эмиэ олус үчүгэй реабилитациялыыр киин баар. Манна былырыын биһигиттэн 49 оҕо баран доруобуйаларын чөлүгэр түһэринэн кэлбиттэрэ. Ол эрэн куорат кытыытыгар турар буолан таһыттан сылдьар дьон эрэйдэнэллэр этэ, аҥардас такси сыаната кэлэ-бара 1200 солк. тиийэр диэн. Ол иһин төрөпүт үксэ стационарга сытан эмтэнэрин ордорор. Онон атын улуустары кытары квота мэнэйдэһиитэ буолар, өрүү сибээс тутан олоробут уонна биир эмит дьон аккаастанар түгэнигэр түргэн үлүгэрдик атастаһан дьоммутун ыыта охсобут.

Ааспыт сыл күһүнүттэн эмиэ биир уларыйыы киирдэ. Ол курдук, эрдэ оҕону эрэ босхо аһатар эбит буоллахтарына, билигин арыаллаан кэлбит киһитин эмиэ күҥҥэ 5-тэ босхо аһаталлар.

Улахан дьону Рихарда Зорге баар биир улахан реабилитациялыыр кииҥҥэ ыыталыыбыт. Былырыын 78 киһи баран кэлбитэ, сорохторо арыалдьыттаах сылдьаллар. Маны тэҥэ ааспыт сылтан харахтарынан көрбөт эбэтэр инбэлииккэ тахсыбыт дьону бу киин ылар буолла, эрдэ усулуобуйалара суох буолан туппаттар этэ. Билигин Брайль систиэмэтигэр кытары үөрэтэр буоллулар. Онон былырыын хас даҕаны киһи реабилитацияны ааһан астынан аҕай кэлбиттэрэ. Бу сылтан ментальнай кэһиллиилээх дьону ылар буоллулар, эмиэ туспа ирдэбиллээхтэр, арыалдьыттаах сылдьаллар. Манна кинилэри бэйэлэрин дьаһаналларыгар, араас олоххо көдьүүстээх үөрүйэхтэргэ үөрэтэллэр. Эрдэ оҕолорго эрэ баар буолара. Улахан дьон ыарыылара арыый атын буолан реабилитацияны барар кыахтара суох. Ол иһин төрөппүттэр барахсаттар кэнники кыаммат буоллахпытына оҕолорбутун ким көрүөй-истиэй диэн муҥатыйаллара, кинилэргэ туспа реабилитацияны ааһалларыгар болҕомто ууралларыгар туруорсаллара. Онон бу олус туһалаах хайысха үлэлээтэ дии саныыбын.

Маны тэҥэ былырыыҥҥыттан манна СВО сылдьар дьон төрөппүттэрин реабилитацияҕа ыыталыыбыт. Доруобуйаларын чөлүгэр түһэринэн кэлэллэр. Анал киин психологтара наһаа үчүгэйдэр, күүстээхтэр, дьоҥҥо олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Саҥа инбэлииккэ тахсыбыт дьоҥҥо психологтар куйаар ситимин нөҥүө сүбэ-ама биэрэллэр, көмөлөһөллөр.

— Квота хайдах оҥоһулларый хас сыл буола-буола барыахтарын сөбүй?

— Бырайыас улахан дьоҥҥо икки сылга биирдэ барыларыгар төлөнөр уонна 1 группалаах инбэлииттэр арыалдьыттарыгар эмиэ төлүүбүт. Онтон бырайыастарын бэйэлэрэ уйунар түгэннэригэр реабилитациялыыр кииннэргэ квотатын көрөн биэрэбит. Онтон инбэлиит оҕолорго бырайыас сыл аайы төлөнөр.

Маны таһынан Ньурбаҕа пропискалаах эрээри атын сиргэ олорор дьон баар. Кинилэр квоталара син биир биһигиттэн барар, бырайыастарын эмиэ биһиги уйунабыт.

— Лариса Прокопьевна, инбэлииккэ тахсыбыт дьон бастаан эйиэхэ кэлэр буоллаҕа. Үлэҕинэн кэтээн көрүү, аналитика оҥороҕун дуо?

— Хаһыс даҕаны сылын үлэлиир буоламмын син биир баҕарбатаҕым да иһин хас сыллаахха хас киһи инбэлииккэ тахсыбытын, уһуллубутун барытын кэтээн көрөбүн, реестрга киллэрэбин.

2021 сылтан инбэлииккэ тахсар оҕо ахсаана элбээтэ. Кэнники тыл, саҥа кэһиллилээх (нарушение речи) оҕо элбэх. Ааспыт 2023 сылга 40 тахса оҕо инбэлииккэ таҕыста. Киһини дьиксиннэрэрэ диэн — саҥа төрөөбүт оҕолор элбэхтэр.

— Ааспыт сыл сайыныгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо туттар тэриллэрин уларсык биэрэр пуун арыллыбыта. Дьон төһө туһанарый уонна бу хайысхаҕа быйыл саҥа киллэриилэр баар буолуохтара дуо?

— Кресло-кэээскэттэн са5алаан баттык тайахха тиийэ барыта 45 доруобуйаны чэбдигирдэргэ аналлаах техническэй тэрил арааһа баар. Бу тэриллэри өскөтүн инбэлииккэ ИПРА-гар суруллубут буоллаҕына 3 ыйга диэри босхо уларсабыт.

Итини сэргэ инбэлиит кириэһилэтин, өйөнөн хаамар баттык тайахтары Ньурба улууһун олохтоохторугар илиилэрин, атахтарын тоһуппут, ыалдьан кыайан хаампат эҥин түгэннэригэр эмиэ 3 ыйга харчыга уларсабыт. Прокат өҥөтүнэн туһаныан баҕарар кыһалҕалаах киһи балыыһаттан маннык тэрилгэ наадыйар диэн выписка суруйтаран аҕалыан наада.

Быйылгы сылга  инбэлииттэр куннээҕи олохторун чэпчэтэргэ көмөлөһөр эбии техническай туттар тэриллэринэн хаачыйарбытыгар диэн 1мөл.500 тыh солк. харчы көрүлүннэ.  Манан араас техническай тэриллэри сакаастаан босхо түҥэтиэхпит. Көрбөт дьоҥҥо аналлаах будильник, араадьыйа, төлөпүөн, чаһыы, сытар ыарыһахтарга орон, суунарыгар аналлаах хомуллар ванна у.д.а.  Сыл аайы ИПРА-ларыгар суруллубут инвалидтартан элбэх сайабылыанньа киирэр. Онон көрөн хааччыйа сатыыбыт. Бу сакаастаабыт тэриллэрбит тендери, аукциону ааһан кэллилэр даҕаны 15 күн иһигэр дьоммутугар түҥэтиэхтээхпит.

— Уруккаттан үлэлиир социальнай көмөлөр бааллар дуо?

— Инбэлиит устудьуоннарга бырайыастара эмиэ сылга биирдэ төлүү олоробут. Былырыын 5 устудьуон туһаммыта, быйыл эмиэ сайабылыанньалар киирэн эрэллэр. Ол эрэн манна биир усулуобуйатынан – биир үөрэх кыһатыгар үөрэнэр кэмигэр төлөнөрө буолар. Холобура, орто профессиональнай үөрэххэ киирэн 3 сыл үөрэнэрин тухары 3-тэ төлүүбүт. Онтон салгыы үрдүк үөрэххэ киирдэҕинэ – төлөммөт.

Материальнай көмөнү көрдөрүнэ, эмтэнэ, эпэрээсийэҕэ барар дьоммутугар эмиэ оҥоробут. Сыаналаах, испииһэккэ суох эмтэринэн эмтэнэр буоллахтарына төлүүбүт. Усулуобуйата – алын тиийинии кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах буолуохтаахтар.

Социальнай хантыраак эмиэ үлэлии турар. Инбэлииттэргэ аналлаах «Забота» диэн пакет баар. Ирдэбилэ эмиэ алын тиийинии кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах буолуохтаахтар. Улахан социальнай хантыраакка инбэлииттэргэ туспа квота баар, суумата 500 тыһ.солк. тиийэр. Былырыыҥҥыттан үлэлиир программа, манна  алын дохуот кээмэйин 1,5 төгүл куоһарарынан ааҕабыт. Онон тугунан эбит дьарыктанан эбии дохуот киллэриниэн баҕалаах дьоҥҥо олус үчүгэй услуобуйа олохтонно.. Быйыл ирдэбилгэ уларыйыы киирэн биисинэс-былааны таһынан туспа тургутан көрүүнү ааһыахтаахтар. Концепцията оҥоһуллан кэлэрин бу күннэргэ күүтэн олоробут.

— Лариса Прокопьевна сиһилии иһитиннэрииҥ иһин махтанабын.

Ааҕааччыларбыт эбии ыйытыылардаах, мунаахсыйар боппуруостаах буоллаххытына Ньурбатааҕы социальнай харалта управлениетаттын сиһилии билсиэххитин сөп.

Лена Петрова