Инна Пермякова аан дойду чөмпүйэнээтигэр бэтэрээннэргэ 2-с миэстэлэннэ

Балаҕан ыйын 8 к. Дьаархантан төрүттээх биир дойдулаахпыт, биэдэмистибэлэри тас өттүнэн харабыллыыр Ньурбатааҕы отдел үлэһитэ Инна Пермякова Узбекистан Хива куоратыгар мас тардыһыытыгар аан дойду V чөмпүйэнээтигэр бэтэрээннэргэ 65 кг үөһэ ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс призер буолла.

«Бастатан туран, эрэллээх тыылым буолар кэргэним, миигин эрчийэр-такайар тренерим Иван Иванович Пермяковка, оҕолорбор, ийэбэр өйөбүллэрин иһин, улуус дьаһалтатыгар, чуолаан баһылык бастакы солбуйааччыта Семенов Василий Николаевичка, Ньурба к. баһылыгын солбуйааччыта Куличкина Мария Константиновнаҕа бырайыаспар көмөлөспүттэригэр, көмө-өйөбүл буолбут аймахтарбар, дьүөгэлэрбэр, итиэннэ Васильев Альберт Ивановичка истиҥ махталбын тиэрдэбин. Наһаа үөрэ сылдьабын, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ бастакы кыттыым. Бэтэрээннэргэ аан бастакы аан дойду чөмпүйэнээтэ быйыл саҥа буолла. Маннык шанс уонна хаһан да кэлбэтэ буолуо диэммин бары күүспүн-сырабын ууран баран кытынным. Бу сылдьыбыппыттан олус астынным,» — диэн кэпсиир Инна Пермякова. Инна Ивановнаны ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!

 

Геннадий Антонов.