Кэтэһиилээх саҥа сыл үөрүүнү, дьолу аҕаллын

Сельтюкова Алла Руслановна-Айаалла Ньурба улууһун  Хорула нэһилиэгиттэн төрүттээх. Намнааҕы «Отуу уота» «Ньурба уоттара» литературнай  түмсүү чилиэнэ. Алта оҕо амарах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ буолар. Бочуоттаах  сынньалаҥҥа  барыаҕыттан  хоһоон, проза, оҕолорго олоҥхо суруйуутунан утумнаахтык дьарыгырбыта  алтыс сыла буолла.

Хоһооннорун хомуурунньугун түмэн үс кинигэ, биир олоҥхо кинигэлэрдээх. Ол курдук, «Көмүс ньээкэ уйам-кэрэ айылҕам», «Сахам сирэ -Айыы сирэ, «Удьуор утум симэхтэрим», «Күн сирин көмүскэлэ үс ини-бии бухатыыр» кинигэ ааптардара, маны сэргэ  айар куттаахтар түмсүүнэн таһааттарбыт 20-тэн тахса хомуурунньук кинигэлэригэр уонна Ньурба улууһун  Култуураҕа департаменын литературнай түмсүү таһаарар сурунаалын 2019 сыллаахха 3 №-гэр аҕыс хоһооно, «Күрүлгэн» сурунаалыгар, «Ньурба», Кэбээйи улууһун «Дабаан» хаһыатыгар  хоһоонноро тахсыбыттара. Итини таһынан  оҥорор таайбараҥнара Намҥа, «Ньурба» хаһыакка тахсаллар. Улуустарынан  ыытыллар күрэхтэргэ кыттан сэмэй ситиһиилэрдээх.

-Алла Руслановна, хаһааҥҥыттан айар дьоҕуруҥ арыллан хоһоон суруйар буолбуккунуй?

-2017 сылтан  хоһоон, оҕолорго анаан олоҥхо тылын суруйабын. Бастакы олоҥхобун Хорула алын сүһүөх кылааһын  оҕолоро толорбуттара. Иккис олоҥхобун остуоруйа  аҥаардаах, кырачааннарга анаан суруйбутум.  Олоҥхолору кэлэр сылга таһааттарарга былаанныыбын.

-Хас саастаах оҕолорго анаан олоҥхо тылын суруйаҕыный?

-Биэстэриттэн тоҕус саастарыгар диэри оҕолорго аналлаахтар.

-Иэйии хаһан, ханнык кэмҥэ киирэрий?

-Түүн үскэ-түөккэ уһуктабын, онно иэйии киирэр. Сайын суруйарым аҕыйыыр, кыра-кыралаан киирбити бэлиэтэнэн сурунабын. Сай устата утуйарбар эрэ дьиэҕэ киирэбин диэтэхпинэ омнуо буолбатах. Күн үтүөтүн ойуурга барыыбын. Киһини билиэхпиттэн, төрөөбүт үрэҕим Чиллэ уҥуохтаах отон уктаах мырааныгар таалалаан, ойууругар оонньоон,  кыылы кытта кыыл  курдук, көтөрү кытта  көтөр буолан улааппытым. Дэлэҕэ эриэн ситиигэ чуораанчык баайан моойбор иилиэхтэрэ дуо? Дьэ оннук  түҥ тыаны  сөбүлээн  оҕоттон  уратытык улааппытым. Сыл аайы кэриэтэ төрөөбүт өтөхпүн, үөскээбит үрэхпин баран билсэ турабын. Чиллэ үрэҕэ Хорулаттан  түөрт көс ыраах. Олорор эбэбит Дьаархан күөлэ диэн. Ити төрүтүм Дьаархан оҕонньор  кыра уолунаан ааттаммыт.

Хаар түстэҕинэ биирдэ суруйан саҕалыыбын.Дьиҥэ дьыл кэмэ барыта кэрэ буоллаҕа. Хайа даҕаны кэрэттэн ордук  чорбойор дьыл кэрэ кэмэ баар буоларын курдук,  мин эмиэ чорбото тутарым кырыа кыһын буолар. Өйдөөн көрөр киһиэхэ кыһын олус кэрэ.

— Инники былааҥҥын билиһиннэр эрэ.

— Айар үлэбин дириҥэтэн кэпсээннэри  суруйар баҕалаахпын. Кэлэр сылга табылыннаҕына хоһоон, олоҥхо кинигэлэрин таһааттарар санаалаахпын,-  диэн айар үлэтин билиһиннэрдэ.

Түмүккэ ааҕааччыларга анаан Саҥа дьыллааҕы хоһоонун тиэрдэр

 

Саҥы дьылынан!

 

Кыһыл көмүс кыымынан

Кыыһар уота сыыйыллан,

Саҕахтары сырдатан

Саһарҕалыы сыдьаайан,

Күннээх түүнү санатан

Күлүмүрдүү сандааран,

Кэллэ бүгүн саҥа сыл,

Кэтэһиилээх Саҥа Дьыл!

Бүгүн үөрүү, дьол-соргу

Барыгытын кууһуохтун,

Баҕарбыккыт барыта

Баар буола туруохтун,

Ыра санаа ырыата

Ылбаҕайдык туолуохтун,

Үлэ-үөрэх түмүгэ

Үүнэн-үрдээн иһиэхтин!

Баҕарабын эһиэхэ

Баай-байылыат олоҕу,

Чаҕыл күннээх сырдыгы,

Чэгиэн-чэбдик туругу,

Истиҥ иэйии итиитин,

Ийэ дойду сылааһын,

Айылҕабыт кэрэтин,

Айыы сирин үтүөтүн!

Кэллэ бүгүн саҥа сыл,

Кэтэһиилээх Саҥа Дьыл!

Бүгүн үөрүү, дьол-соргу,

Барыгытын кууһуохтун!

Үлэ-үөрэх түмүгэ

Үүнэн-үрдээн иһиэхтин!

Доҕотторум, бар дьонум,

Дьоллоох буолуҥ өрүүтүн!

 

Айаалла Хорула

Антонина Семенова 

 

 

Читайте дальше