Киһиэхэ барыта оҕо сааһыттан кэлэр…

Уйгуна Угапьева түөрт оҕолоох дьиэ кэргэн  тапталлаах  ийэтэ. Соторутааҕыта  Ньурбаҕа «Фоторум» диэн ааттаах фотосалон астан үлэтин саҕалаата.

Кини Ньурба 1 №-дээх оскуоланы бүтэрэн, уруккута финансовай техникумҥа, билиҥҥитэ ЯФЭК финансист идэтигэр  туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн СӨ оройуоннар  икки ардыларынааҕы нолуогабай сулууспаҕа уопсай отделга буҕаалтыр-кассирынан үлэлии киирэр. Үлэлиир кэмигэр кэтэхтэн Санкт-Петербурдааҕы университет управление уонна экономика Дьокуускайдааҕы салаатыгар экономист идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.

— Киһиэхэ уопсайынан барыта оҕо сааһыттан кэлэр, — диэн кэпсэтиитнин саҕалаата бүгүҥҥү дьоруойум.  Мин ийэм Римма Иннокентьевна Угапьева Ньурбаҕа биллэр фотограф, олохтоох «Коммунизм суола» (билиҥҥитэ «Ньурба»  хаһыат) солбуллубат фотокорреспондена этэ. Аҕам  Угапьев Георгий Николаевич  бэйэтэ туспа көрүүлээх, айар дууһалаах киһи этэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр барсаллара, эйэ дэмнээхтик өйдөһөн, өйөһөн олох олорон  ааспыттара. Дьиэ кэргэн айар дьоҕурдаах буолан, оҕо сааһым ийэм бэчээттээн таһаарар хаартыскаларын тула ааспыта. Ордук, хараҥа хоско, ыраас  ууга угуллубут хаартыска кумааҕытыгар хайдах дьон мөссүөннэ тахсарын интэриэһиргиир этим. Урукку  хаартыскалар өҥө суох буола баран, олус үчүгэй хаачыстыбалаах этилэр, дьон билиҥҥэ диэри  үйэтитэн  уура сылдьан көрөр.

«Хаартыска түһэрээччи түгэни мүччү туппакка түһэрэр идэлээхтэр, ардыгар, ханнык эмэ кэмҥэ түгэҥҥэ илиилэригэр  фотоаппарата суох буоллаххына кыһыы буолааччы», -диэн ийэм этиитэ оруннаах, миэхэ эмиэ итинник түгэн буолааччы.

«Фотосалон аатын бастаан «Фотостудия Уйгуны Угапьевой» диэн ааттыы сатаабыттарын сөбүлэспэккэ, «ФОТОграф Римма Уйгуна Мамата» кылгатан «Фоторум»  диэн  аат төбөбөр киирбитинэн ааттанна.

Оскуолаҕа  үөрэнэр  кэммэр Искусство оскуолатыгар  Саргылана Николаевна Олесоваҕа  художественнай  кылааһын үөрэнэн бүтэрбитим, ол эмиэ олук уурдаҕа буолуо…

2015 сылга  ийэ буолан, утуу-субуу оҕолор кэлэннэр оҕолорбун көрөн олорбутум. Биһиги дьиэ кэргэн түөрт оҕолоохпутуттан биир оҕобут Настя оскуола үөрэнээччитэ, 2-с кылааска үөрэнэр, Ангелина 6 саастаах, Айкар 2-лээх, кырабыт Аурика 4 ыйдаах кырачаан киһи.

2021 сыллаахха  Дьокуускай куоракка «Пространство»  (Алексей Павлов) хаартыска түһэрээччилэр холбоһуктарыгар сылдьаммын сэргии көрөн, маннык студияламмыт киһи диэн сана үөскээбитэ. Бу иннинэ 2020 сыллаахха бэйэ дьыалатын астарга санаа киирэн, биисинэс-брайыак суруйарбар  Аида Семёновна миэхэ  куратор быһыытынан көмөлөспүтэ. Бырайыакпын этэҥҥэ көмүскээн, 150 тыһ. солк.суумалаах  фотоаппарат ылыммытым. 2021 сыллаахха фотосалон уотун интернет нөҥүө почтаҕа  сакаастаабыппын, балтым Тома Ньурбаҕа  диэри таксинан ыыппыта блигин туһалаан эрэр.

Балтым Тома дьиэ кэргэнинээн бэйэ дьыалатын астарбытыгар  күүс-көмө буолаллар диэн бэлиэтээн этиэххэ наада. Күтүөтүм  дизайн хоббилаах буолан, вывескабын, логобун, биллэриилэрбин оҥорон ыыппыта. Ити курдук кыра-кыралаан мунньан, Николай Васильевич Майя Егоровна Захаровтар саҥа үлэҕэ киллэрбит дьиэлэрин куортамнаан, ыра санаабын толорон фотосалон арынным. Дьиэ кэргэн фотосалон астарбытыгар кэргэним Петр Владимирович  циклораманы оҥорбута олус тупсаҕай, аныгылыы көстүүлээх буолла.

Фотосалоҥҥа  бастайааннай  студийнай уот, профессиональнай зеркальнай камера, Ньурбаҕа  бастакынан турбут циклорама, сирэй  макияһын, бүрүчүөскэни оҥосторго уоттаах туалетнай столик, балтым  студиябар анаан кырачаан оҕоҕо аналлаах өрүү люльканы  ыыппыта, ньюборн хаартыска “салгыннаах» хаартыскаҕа анаан промышленнай вентилятор турар. Уотун-күөһүн, ити үөһээ этиллибит малларбытын  кытта, холобур ньюборн съёмкаҕа люлька туһаныллыан сөп, фэшнҥэ кириэһилэ, оҕо күүтээччилэри түһэриигэ  вентилятор барсыан сөп. Ити курдук, киһи фантазиятын олоххо киллэрэр курдук оҥордубут.

Талааннаах дьон үгүс, кэлэн арыллалларыгар баҕарабын. Аҥардас  бэйэм эрэ үлэлиир  сирим гыммакка, түһэрэр, устар дьоҥҥо анаан циклораманы арендалыыбын. Ким баҕарар болдьоһон кэлэн , бэйэтин контенын устан барыан сөп.

Киһи олоҕун устата ыра санаалаах,  былааннаах буолар. Билигин да былааннар элбэхтэр. Ийэм Римма Иннокентьевна Угапьева кинигэ таһаарар санаалааҕа, дьаҥ ыарыыта буулаан, ыарыыга хаптаран, баҕа санаатын  толорбокко  олохтон туораабыта. Ийэбит ыран санаатын толорон, кинигэтин таһааттарбыппыт. Былырыын, 2022 сыллаахха Ньурба куорат  25 сылыгар уонна ийэбит төрөөбүт күнүгэр, атырдьах ыйын 20 күнүгэр «Төрдүм Куочай дойдум Ньурба» диэн ааттаах  кинигэтин  презентацията буолбута.

Ийэм баара буоллар быйыл 70  сааһын туолуохтаах этэ. «Ньурба уоттара» көҕүлээһининэн ийэм түһэрбит  хаартыскаларынан К.Д.Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэлгэ ийэбит 70 сааһыгар аналлаах быыстапка туруоруллубута.

Ийэбит  күн сириттэн барыар диэри биһиэхэ  өйөбүл буолан кэлбитэ. Кини биһигини сырдык олоххо тардыһарбытыгар, ситиһиилээх буоларбытыгар туохтааҕар да баҕарара. Мин ийэбинээн ордук чугастыы сыһыаннаах этим. Ийэбиттэн  бэриллэн  айар куттаах буоламмын хоһоон суруйабын, айбыт  хоһооммун  ийэм бастакынан ааҕара: «Мин туйахпын хатарыыһыгын», -диирэ. Ийэ декадатыгар анаан саломмун араас дьэрэкээн сибэккилэринэн киэргэтэн ийэбэр  анаабытым.

Билигин үйэ атын,  күргүөмнээхтик олох сайдан иһэр, онон олоҕу кытары тэҥҥэ, биир сиргэ олорбокко хардыылыахха  наада.

Үлэм туһунан эттэххэ, дьон мэтириэттэрин, дьиэ кэргэннэри, эдэр пааралары түһэрэрбин ордук сөбүлүүбүн. Ордук «салгыннаах» хаартыскалары  сөбүлүүбүн, ол сыалтан уруккуну сөргүтэн дьиэ кэргэннэргэ аналлаах фотосалон арынным. Клиеннэрбин кытары болдьоһон үлэлиибин «Фоторум» студиям Убайаан икки Ньурба ортотугар турар буолан, ордук табыгастаах.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Степан Бурнашевтаах устубут «Эт» алта  эпизодтаах  киинэҕэ сылдьан баран, киинэ устуохпун баҕардым. Уопсайынаан сахалар устубут киинэлэригэр  сылдьарбын  сөбүлүүбүн, фотограф хараҕынан сыаналыы көрөбүн. Саха режиссердарыттан Любовь Борисованы сэргиибин. Мин кэмим  кэллэҕинэ ылсыам дии саныыбын, -диэн баҕа  санаатынан Уйгуна Георгиевна түмүктээтэ.

«Үтүөнү өйдүүр, кэрэни кэриэстиир көлүөнэ үрдүк аналга тиксэр» диэн улуу суруйааччы Софрон Данилов  этиитэ бүгүҥҥү дьоруойбар барсар.

Эдэр, элбэх идеялардаах Уйгуунаҕа ылсыбыта ыпсан истин, баҕа санаата туолан иһэригэр баҕара хаалабын.

Антонина Семенова